Огонеров Михаил Егорович (1922-1943), Таатта оройуонугар Күннээйи нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Чөркөөх оскуолатын 7 кылааһын үөрэнэн бүтэрбитэ. Сэриигэ барыар диэри «Бойобуой» холкуоска хонуу үлэтигэр окко, бурдукка үлэлээбитэ. Чурапчы орйуонунааҕы холбоһуктаах военкоматынан бэс ыйын 29 күнүгэр 1942 сыллаахха Кыһыл Аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Барыаҕыттан төрөппүттэригэр суруйбатах, сибээһэ быстыбыт. Оройуоннааҕы социальнай харалта отделын докумуоннарыгар 58-с нүөмэринэн сураҕа суох сүппүтүн, оттон «Память» кинигэ 1 т. 273 стр. 1943 с. балаҕан ыйыгар өлбүт диэн, интернекка «Подвиг народа», «ОБД Мемориал» сайтарга ЦАМО (ф. 58, оп. 977520, д.110) докумуонугар: призван 05.06.1943 г., Чурапчинский РВК, рядовой, 09.1943 г. «пропал без вести» диэн суруллубут. Ханна тиийбитэ, бойобуой суола, уҥуоҕа ханна хараллыбыта биллибэт.
Огонеров Михаил Егорович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.