Кини 4 кылаас үөрэхтээҕэ, кэлин 1939-1940 сылларга Якутскайга советскай партийнай оскуолаҕа председателлэр курстарыгар үөрэммитэ. Убайым активнай комсомолец этэ, ячейка секретарынан үлэлии сылдьан, 1932 сылаахха Алдаҥҥа аатырбыт А.В.Косарев аатынан шахтаҕа үлэлээбитэ. Онтон кэлэн «Чыбаада», «Кыһыл сомоҕо» диэн артыаллары тэрийсибитэ. Ворошилов аатынан колхозка председателинэн үлэлээлии сылдьан 1942 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр Армияҕа ыҥырыллан барбыта. Кини барарыгар атаарар дьоҥҥо: «Барыта сэттэ сыл правленияҕа үлэлээтим» -диэн эппитин өйдөөн хаалбытым.
1943 сыллаахха аатырбыт Ильмень күөлгэ, Старая Русь аттыгар 19-с хайыһар этэрээтигэр сэриилэспитэ, кимэн киириигэ атаҕар бааһырбыта. Госпитальга икки ый эмтэнэн баран, Татарскай АССР-га военнай заводка слесарынан үлэлээбитэ. Онтон иккистээн Белорусскай уоттаах фроҥҥа барбыта, минометчигынан сылдьыбыта.
1944 сыллаахха тохсунньу ыйын 6 күнүгэр сураҕа суох сүппүтэ.
Сэрии толоонуттан үгүстүк суруйара, оннооҕор сут-кураан турбутун истэн харчы көмө ыытара. Уоттаах сэрии тыыннаах туоһута буоллун диэн убайым биир суругун ахтыыбар киллэрэбин.
Күн сиригэр күндүтүк саныыр кэргэттэрим Үөлэһэп Охонооһой, Үөлэһэбэ Марфа Борокуоппайабына, Марыына, Натаалдьыйа, кыра кэргэттэрим бары мин ааппыттан уоттаах төлөннөөх итии бирибиэттэ ылын!!!
Дьэ ол гэннэ, бары аймахтар, кэргэттэр хайдах олороҕут? Оҕолорум Бүөтүр, Сиинэ, Гаанньа төһө бэркэ сылдьаллар, төһө ахталлар? Аҕам тугу бултаан аһатар? Мин суругум хаста тиийдэ, мин аҕыста ыыппытым буолуо айаннаан иһэн, кэлэн баран 3-с ыыттым. Биһи Баһылаастыын лыысынайга анаммыппыт да күһүҥҥэ дылы үөрэниэххит дииллэр да үлэтэ алыс ыарахан, билигин үөрэх суох, симилээҥкэ диэн дьиэ оҥоробут, сассыарда биэс чаастан киэһээ аҕыс часка дылы. Өлөксөйдөөх маассабай пехотаҕа ананан эмиэ үлэлии сылдьаллар, симилээҥкэ үлэтигэр. Кинилэр сотору боруоҥҥа барыахтара, кинилэри 20 эрэ хонук үөрэтэллэрэ буолуо. Урукку дьон үөрэммит быраактыкатынан биһиги да сотору бардарбыт бэт этэ. ….
Дьэ ол гэннэ эһиги кытаатан үлэлээҥ, кыһыҥҥы олоххутун оҥостун. Натаалдьа үлэ булан үлэлиэ этэ, эбэтэр кыаллыах буоллаҕына үөрэн. Отонноон мунньунуҥ, кыһын оҕолор сиэхтэрэ.
Дьэ сурукта ыытаарыҥ. Суруйдум Олесов. 17.08.1942 сыл
Олесов Серафим Афанасьевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.