Петров Афанасий Спиридонович (1926 – 1995) – l Чочуга “Буут” диэн сиргэ төрөөбүтэ, кыра үөрэхтээх, Каганович колхоз чилиэнэ, 1943 сылга ФЗО-ҕа ылыллан шахтаҕа үлэлээбитэ. Японияны утары сэрии кыттыылааҕа, Забайкальскай фронт 885-с СП рядовой саллаатынан сулууспалаабыта. 1950 сыллаахха демобилизацияламмыта. “Японияны кыайыы иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта, Аҕа дойду сэриитэ ll степэнэ уордьан кавалера, нэһилиэк бастакы суоппара. 1995 сыллаахха Бүлүү куоратыгар олорон өлбүтэ. Афанасий Спиридонович ахтыыта: “1942 сыл от ыйыгар Антонов В.В., Чиряев П.Н.,Петров М.С. уонна мин ФЗО-ҕа барбыппыт. Дьокуускайга Сангаарга, Мэҥэ Хаҥаласка, Соҕо хайаҕа шахтаҕа үлэлээбиппит. 1944 сыллаахха Сангаарга кэлэн баран армияҕа ыҥырыллан барбытым. Читаҕа 1-2 ый сылдьан баран, Монголияҕа киирэн Хинган хайатыгар японецтары үүрбүппүт. Сэрии бүппүтүн кэннэ Сахалиҥҥа биэрэги харабыллааһын сулууспатыгар сылдьыбытым. Хинган хайатыгар сылдьан ефрейтор аатын ылбытым. 885-с стрелковай полкаҕа 1944 сыл от ыйыттан 1944 сыл ахсынньы ыйга дылы стрелок, 31256 в/ч 1945 сыл ахсынньы ыйтан 1945 сыл ахсынньы ыйга дылы автоматчик, 31264 в/ч – 1946 сыл ахсынньы ыйтан 1947 сыл от ыйыгар диэри стрелок этим. Япония сэриитигэр сылдьан “Японияны кыайыы иһин”, “Советскай Армия уонна Флот 30 сыла” мэтээллэри ылбытым. Сахалинтан 1950 сыллаахха дойдубар төннөн кэлбитим”. Афанасий Спиридонович олоҕун ыччаттара ааттаталлар.
Петров Афанасий Спиридонович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.