Петров Конон Гаврильевич (1916-1977) – олунньу 10 күнүгэр l Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, кыра үөрэхтээх, Каганович колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыллаахха ыҥырыллыбыт, 382-с СП, 53-с СП рядовой саллаата. Араанньытынан 1942 сыл ыам ыйын 6 күнүгэр демобилизацияламмыт. Сэрииттэн Албан аат lll степэнэ уордьаннаах ll группалаах инбэлиит буолан дойдутугар кэлбитэ. “Германияны кыайыы иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Кыыһа Лия Кононовна ахтыыта: “Конон Гаврильевич Аҕа дойду сэриитигэр 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыт, 4 төгүл бааһыран, 3662 №-дээх ЭГ эмтэммит уонна 1942 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлбит. Кини сэрииттэн кэлэн баран 1946 сыллаахха Сымалыырга “Саҥа суол” колхозка суотчутунан тахсыбыт. 1947 сыллаахха Сымалыыртан төрүттээх Николаева Мария Прокопьевнаны кэргэн ылбыт. Кини киһи быһыытынан олус борустуойа, мэлдьи күлэ-үөрэ кэпсэтэрэ. Иллэҥсийдэр эрэ бултуурун сөбүлүүрэ. Байанайдаах булчут этэ. 1997 сыллаахха ll Чочуга (Чинэкэҕэ) олорон өлбүтэ.
Петров Конон Гаврильевич олоҕун ыччаттара салгыыллар.
Петров Конон Гаврильевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.