Петров Николай Иванович (1917-1993) – l Чочу нэһилиэгэр Чинэкэ эбэҕэ ахсынньы 5 күнүгэр 1917 сыллаахха төрөөбүт, баартыйата суох, кыра үөрэхтээх, армияҕа 1944 сыл бэс ыйыгар ыҥырыллыбыт. 25-с Хинганнааҕы биригээдэ мотострелковай батальонун 3-с отделениятын 2-с пулеметнай взводун рядовой саллаата, Японияны утары сэрии кыттыылааҕа. 1947 сыллаахха демобилизацияламмыт, сэрии кэнниттэн милииссийэҕэ үлэлээбит. 1993 сыллаахха Сангаарга олорон өлбүтэ. Кыыһа Аида Николаевна ахтыытыттан: ” Аҕам Бүлүү оройуонун l Чо чу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр сэттиэлэр. Даайа, Бүөтүр, Сүөдэр, Лэгэнтэй, Никиитэ, Уйбаан уонна мин аҕам. Сүөдэр, Никиитэ Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара. Эһэм аах ыалга иитиэх биэрбит Уйбаан диэн уоллара Аҕа дойду сэриитигэр баран сураҕа суох сүппүт. Саамай кыралара – биһиги аҕабыт. ” Николай Иванович Петров ис дьыала оройуонунааҕы органыгар 1941-1943 с.с., онтон 1963-1975 сылларга үлэлээбитэ. Кини Аҕа дойду сэриитэ ll степэнэ уордьанынан, “Германияны кыайыы иһин”, “Японияны кыайыы иһин”, “Кыайыы 40 сыла”, “ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин 50 сыла”, “Эҥкилэ суох сулууспатын иһин” ll степэнэ мэтээллэринэн наҕараалаламмыта”, – диэн “Дабаан” хаһыакка суруллубута. Оччотооҕуга 3-4 саастаах кыыһа Галя аҕата сэрииттэн борохуотунан кэлбитин үдүк-бадык өйдүүр. Аҕам дьоҥҥо-сэргэҕэ олус сайаҕас, аламаҕай этэ”.
Николай Иванович Петров олоҕо оҕолоругар, сиэннэригэр салҕанар.
Петров Николай Иванович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.