Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Петров Савва Спиридонович

Петров Савва Спиридонович (1916-1942) – l Чочу нэһилиэгэр Хоййгуолаахха 1916 сыллаахха төрөөбүт, баартыйата суох, начаалынай үөрэхтээх, Каганович колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр ыҥырыллыбыт. 1942 сыл кулун тутар 26 күнүгэр Ленинград уобалаһын Мгинскай оройуонун Кондуя дэриэбинэтин чугаһыгар сэриилэһэ сылдьан өлбүт. Бииргэ итиллибит балта Анастасия Сергеевна ахтыыта: “Убайым Савва Спиридоновиһы төрөппүттэрэ элбэх оҕолоох буолан мин аҕабар Егоров Федор Семеновичка ииттэрэ биэрбиттэрэ. Биһиги 6 буолан иитиллибиппит. Сааба сэриигэ барыан иннинэ колхозка хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ.1941 сылга армияҕа ыҥырыллыбыта. Онно мин 9 саастааҕым. Убайым Сааба миигин сүгэ сылдьан өтөҕүн кытта быраһаайдаспыта. Кини сэриигэ барарыгар биригэдьиирдии сылдьан кэппит полевой суумкатын, ыраас тэтэрээттэрин, харандаастарын, уруучукатын уонна сир мээрэйдиир ачаахтаах маһын биэрбитэ. “Мин оннубар үөрэхтээх киһи буолаар” диэн санаахтаатаҕа. Уонна кыра мас дьааһыгы биэрбитэ. “Маны кимҥэ да тыыттараайаҕын” – диэбит. Туох да наҕараадалааҕын билбэппин. 1943 сыллаахха тохсунньуга өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбитэ. Убайа суох буолбутун туһунан сурук кэлбитин кэннэ: “Убайым дьааһык хаалларбыта” диэн аҕатыгар этэн аспыттара – дьахтар мааны былаата уонна таҥас отреһа уурулла сылдьыбыт эбит. Бу бүөмнүк хараллыбыт маллар кимҥэ анаммыттарын дьоно таайа сатаан баран билбэтэхтэрэ. Савва
Спиридонович Симиир уолаттарын кытта сэриигэ бииргэ барбыттара. Баралларыгар уолаттар бары улаханнык аймаммыттар, төрүт дойдуларыттан ытаһан арахсыбыттар. Кинилэртэн хайалара да уоттаах сэрииттэн эргиллибэтэхтэрэ.
Петров Савва Спириднович аата үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин. Кини аатын аймахтара, кинилэр оҕолоро салгыыллар, үйэтитэллэр.
Умнубаппыт! Сүгүрүйэбит! Махтанабыт!!!

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.