Степанида Григорьевна 1922 сыллаахха Бүлүү оройуонугар Кыргыдайга Нэлчэкэ өтөҕөр төрөөбүтэ, сэттэ кыыстан аччыгыйдара. Туора Күөлгэ түөрт кылааһы бүтэрбитэ. Кини сэрии сылларын, оччотооҕу үлэни-хамнаһы маннык ахтара: “Мин 1940 сыллаахха Балаҕаччыга сэттэ кылаастаах оскуолаҕа барбытым. Манна сэттэ нэһилиэк оҕото үөрэнэрэ. Кылааспытыгар 20-чэ оҕо үөрэммиппит. Талаҕы быһан уруучука оҥосторбут, сурунарга тэтэрээт суох этэ. Дьиэбититтэн сиэмэ бурдук илдьэммит, суорунаҕа тардан, ону лэппиэскэ оҥостон сиирбит. Үөрэнэр баҕаттан ыалга бурдук тардан аһыырбыт. Мин ахсаан уруогун олус сөбүлүүр этим. Куруук “4”, “5” сыанаҕа үөрэнэрим. 5 кылааска ырааһы көрөөччү, атын кылаастарга староста эбээһинэһин толорорум, учком чилиэнэ этим. Кылаастан кылааска тахсарга экзамен туттарарбыт. Бииргэ үөрэммит биэс уолбут сэриигэ барбыттара. Оччолорго дьиэбит буор муосталаах, саха оһохтоох, муус түннүктээх, титирик оронноох этэ. Маспытын бэйэбит ойууртан кэрдэн тиэнэрбит. Сороҕор оҕус биэрбэккэлэр ахсынньы, тохсунньу тымныытыгар маспытын санныбытыгар сүгэн кэлэрбит. Оскуола уокка оттор маһын эмиэ мастыырбыт. Улахан саастаах кыргыттары байыаннай үөрэххэ үөрэппиттэрэ. Куулга биэс кырынаата, күрдьэх сүгэрбит. Бары хайыһардаах буоларбыт. Сэрии кэмигэр үөрэх өссө кытааппыта. Үөрэххин билбэтэххинэ, өстөөххө көмөлөһөҕүн диэн этэллэрэ. Хам аччык да сырыттарбыт үөрэхпитин ситиһэрбит. 1942-1943 сс. аччыктааһын буолан суолга быстарбыт дьон өлө сыталларын көрөрбүт. Балаҕаччыга 1943 с. сэттэ кылааһы бүтэрбитим. Салгыы үөрэниэхпин үп-харчы суох, төрөппүттэрим кырдьаҕастар. Онон Кыргыдайга кэлэн дьоммор икки хоноот сэбиэккэ сэкэрэтээринэн үлэбин саҕалаабытым, 1947 cылга диэри. Өссө хос колхозка каассаҕа, ревизком председателинэн, налоговой агенынан үлэлээбитим. Сэрии сылларыгар Мастаах улууһугар сэтээтэллээбитим. Ол быыһыгар колхозка үлэлиирим, хонуу биригэдьииринэн. 1947-1949 сc. Дьооху, Модут, Кыргыдай – түөрт колхоһун сүөһүтун өлөрүүгэ приемщиктаабытым. Онно хос сүөһү ферматын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. Үлэм үчүгэйин иһин борооску бириэмийэ биэртэрэ. 1949 сылга сэбиэккэ сэкэрэтээринэн төннүбүтүм». Степанида Григорьевна 1950 сыллаахха Николаев Федор Николаевичка кэргэн тахсан Балаҕаччыга көспүтэ.Мастаах сельпотун киин маҕаһыыныгар сэбиэдиссэйдээбитэ, 1952-1957 сс. IV Тоҕус нэһилиэгин сэбиэтигэр сэкэрэтээринэн, онтон Мастаах орто оскуолатыгар завхоһунан, библиотекарынан, детсадка иитээччинэн үлэлээбитэ. Сыралаах үлэтин иһин сэрии бириэмэтигэр «1941 – 1945 сс. Үлэҕэ килбиэнин иһин», «Тыыл бэтэрээнэ», «Ийэ I степеннээх» «Кыайыы 30 сыла», «Кыайыы 40 сыла», «Кыайыы 50 сыла», «Кыайыы 60 сыла», «Маршал Жуков» мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ. Степанида Григорьевна сэмэй майгытынан, аһыныгас дууһатынан, туруу улэтинэн дьон-сэргэ ытыктабылын ылбыта. Кини үтүө үгэстээх дьиэ кэргэн тапталлаах ийэтэ, аламаҕай эбээтэ, билигин кини олоҕун 6 оҕо, 13 сиэн, 17 хос сиэн, 2 хос-хос сиэн салгыыллар.
Анемподистова Степанида Григорьевна
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.