Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Федоров Иван Петрович

Иван Петрович Федоров 1923 сыллаахха атырдьах ыйын 10 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун 2-с Хаптаҕай нэһилиэгэр үлэһит бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата Петр Иванович 2 Хаптаҕай, ийэтэ Евдокия Николаевна 1 Наахараттан төрүттээхтэр. Евдокия Николаевна 30-с сыллардаахха 1 Наахараҕа кулаактар уоран ытан өлөрбүт киһилэрин, Афанасий Николаевич Марков, балта этэ.
Иван Петрович 3 бииргэ төрөөбүттэр. Улахан балта, Федорова Евдокия Петровна, эдэр сааһыгар хомолтолоохтук өлбүтэ.
Кыра балта, Федорова Марфа Петровна, үрдүк үөрэхтээх инженер-технолог, пенсияҕа олорор.
Иван Петрович 6 кылаас үөрэхтээх. 2-с Тыыллыма оскуолатыгар үөрэммитэ.
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ 1942 сыллаахха атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Илиҥҥи фроҥҥа, Японияны кытта сэриигэ сылдьыбыта. Монголия истиэбин сатыы сыыйбыта. 584, 754-с стрелковай полкаларга, 319-с байыаннай складка сулууспалаабыта.
Армияттан 1948 сыллаахха олунньу 9 күнүгэр кэлбитэ.
Сэриигэ сырыттаҕына ийэлээх аҕата өлбүттэрэ. Балтыларын таайдара аах ииппиттэрэ. Армияттан кэлээт, сотору, Иван Петрович уонна Игнатьева Анисия Захаровна ыал буолбуттара. Иккиэн колхозка үлэлээбиттэрэ. Анисия Захаровна доруобуйата мөлтөх этэ. Ол да буоллар үс кыыстаммыттара. 10 эрэ сыл бииргэ олорбуттара. Улуу Тоҕойго дьиэ-уот туттан олохсуйуох буолан истэхтэринэ 1959 сыллаахха бэс ыйын 28 күнүгэр Анисия Захаровна оҕолоноору өлбүтэ.
Иван Петрович кэргэнэ өллөҕүн сыл кыра кыыһынаан улахан балтыгар Өлөчөйгө кыстаабыттара. 1960 сыллаахха күһүн таайыгар Андрей Афанасьевич Марковтаахха 2-с Наахараҕа, Хочоҕо көспүтэ.
Таайа оскуолаҕа директордыыра. Иван Петрович оскуолаҕа рабочайдаабыта. «Дружба» эрбиинэн мас эрбэтэрэ. «Дружбатын» пенсияҕа барыар дылы ыһыктыбатаҕа. Хочоҕо 10-ча сыл олорон баран 1 Наахараҕа — Тиэлигигэ олохсуйбута. Пенсияҕа тахсыар дылы совхозка араас үлэҕэ үлэлээбитэ.
Иван Петрович иккиһин кэргэннэммэтэҕэ. 3 кыра кыыһын бэйэтэ иитэн, үөрэтэн, үөрэхтээх үлэһит дьон оҥортообута.
Улахан кыыһа Людмила Ивановна Эверстова Ураллааҕы консерваторияны бүтэрэн баран, Саха оператын уонна балетын государственнай театрын артыыската. Уоллаах кыыс оҕолоох.
Орто кыыһа Надежда Ивановна Гуляева сэттэ оҕо амарах ийэтэ, тыа сирин тутаах үлэһитэ, Тиэлигигэ олорор, икки сиэннээх.
Кыра кыыһа Антонина Ивановна Федорова Нижнэй Тагилга пединституту бүтэрбитэ, математик. Тиэлиги 11 кылаастаах оскуолатыгар учууталлыыр.
Иван Петрович сүрдээх тэтиэнэх, үлэни кыайар, эт-хаан өттүнэн чэгиэн этэ. 1973 сыллаахха Дьокуускайга киирэн многоборьеҕа республикаҕа 2-с миэстэ буолбута. Ыарыы кинини ылбатаҕа, быстах оһоллонуу илдьэ барбыта.
1987 сыллаахха ыам ыйын 26 күнүгэр 65 сааһыгар хомолтолоохтук өлбүтэ.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.