Христофор Афанасьевич Григорьев
Родился 5 июня 1928 года в селе Оленёк Оленекского района Якутской АССР в семье охотника.
Образование высшее: окончил в 1962 году Новосибирскую ВПШ, в 1968 году — Иркутский институт народного хозяйства по специальности экономика сельского хозяйства. Состоял в комсомоле с 1945 года по 1956 год. Член КПСС с октября 1957 года.
В 1942 году после окончания Оленекской средней школы начал трудовую деятельность.
С июня 1942 года поступил на работу в Оленекский райфинотдел в качестве налогового бухгалтера. Затем до сентября 1943 года работал налоговым инспектором.
В сентябре 1943 года поступил в 8 класс Оленекской средней школы, но учёбу в школе оставил и начал в январе 1944 года работать бухгалтером общего отдела исполкома райсовета.
С октября 1944 года учился в Якутском финансово-кредитном техникуме, окончил и с июня 1948 года по август 1950 года работал старшим бюджетным инспектором. С августа 1950 года по январь 1954 года — старший инспектор по налогам.
После прохождения Центральных финансовых курсов в г. Ленинграде направлен в Булунский райфинотдел. С июля 1954 года по март 1957 года — заведующий Верхневилюйским финансовым отделом.
Как тридцатитысячник, коммунист, направленный в отстающие колхозы, по направлению райкома КПСС избирался председателем правления колхоза им. Карла Маркса Верхневилюйского района.
В 1958-1962 годах — слушатель Красноярской и Новосибирской ВПШ. С июля по декабрь 1962 года работал инструктором обкома КПСС.
С декабря 1962 года по январь 1966 года — вначале старший инспектор, а затем начальник отдела финансирования сельского хозяйства Министерства финансов Якутской АССР.
В январе 1966 года избран вторым секретарём Оленекского райкома КПСС.
С ноября 1967 года по сентябрь 1978 года работал первым секретарём этого же райкома КПСС.
Неоднократно избирался депутатом Верхневилюйского и Оленекского районов. Член Оленекского райкома КПСС.
Избирался делегатом XXVII, XXVIII, XXIX и XXX областных партийных конференций, кандидатом в члены Якутского обкома КПСС.
Награждён в 1970 году медалью «За трудовую доблесть. В ознаменование 100-летия со дня рождения В.И Ленина».
Х. Григорьев
* * *
Христофор Афанасьевич Григорьев 1928 сыллаахха бэс ыйын 5 күнүгэр булчут кэргэнигэр Өлөөн оройуонугар төрөөбүтэ. Сэттэ кылааһы бүтэрбитэ. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр, 1942 сыллаахха Өлөөн оройуонун райсоветын үбүн салаатыгар налоговай бухгалтерынан үлэтин саҕалаабыта.
1948 сыллаахха үп-кредитнэй техникумун, 1962 сыллаахха Новосибирскайдааҕы Үрдүкү партийнай оскуоланы, 1968 сыллаахха Иркутскайдааҕы норуот хаһаайыстыбатын институтун бүтэрбитэ; идэтинэн финансист, политолог уонна экономист. Эдэр сааһыттан салайар үлэҕэ тардыллыбыта, бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх салайааччы буола үүнэн тахсыбыта, онуоха Саха сиригэр биллэр-көстөр салайааччылар оруоллара уонна салайар дьону кытта үлэлиир ньымалара үөрэх буолбуттара.
Ол курдук, Антон Кондратьев (Өлөөн), Ефрем Кузьмин (Өлүөхүмэ), Филипп Корякин (Үөһээ Бүлүү) курдук райсовет исполкомун председателлэрин салалталарынан үлэлээбитэ. Үп миниистирдэрин Василий Протодьяконов, Василий Кононов, Федор Хиневич республиканы салайар далааһыннаах үлэлэрин билбитэ-көрбүтэ. Партия обкомун бастакы секретарын Гавриил Чиряевы кытта биир кэмҥэ оройуоҥҥа хас да сыл үлэлээбитэ. Кинилэр оскуолаларын барбыта уонна иҥэриммитэ.
Үп систиэмэтигэр 25 сыл курдук үлэлээбитэ, ол иһигэр Булуҥ уонна Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар үп салаатын сэбиэдиссэйинэн, үп министерствотын отделын начальнигынан үлэлээбитэ.
Өлөөн оройуонугар 12 сыл ССКП райкомун бастакы секретарынан тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Оройуон киинигэр тупсаҕай оҥоһуулаах кииннэммит ититэр систиэмэлээх бөһүөлэк тутуллубута, республикаҕа бастакынан телевидение киирбитэ, АТС, нефтебаза үлэҕэ киирбиттэрэ, ханнык баҕарар тииптээх сөмөлүөтү түһэрэр аэропорт оҥоһуллубута. Удачнай куораттан (Мииринэй улууһа) автомобильнай суол тыырыллыбыта. Дьиэ табата муҥутуурдук үөскүү сылдьыбыта.
Биэс сыл устата Саха АССР Миниистирдэрин Советын отделын сэбиэдиссэйинэн пиэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлээбитэ, администрацияттан Махтал ылбыта. Кини правительствоҕа үлэлээбит бириэмэтигэр аҕыйах ахсааннаах норуоттар олорор уонна үлэлиир сирдэригэр элбэх тутуу барбыта, ол курдук Тополинай, Нелемнэй, Оленегорскай, Андрюшкино, Колымское, Березовка уо.д.а. үчүгэй көрүҥнээх бөһүөлэктэр үбүлэммиттэрэ уонна тутуллубуттара.
Х.А. Григорьев эдэр сааһыгар муусуканан, уруһуйунан уонна спордунан эмиэ дьарыктаммыта, ордук волейболга ситиһиилээхтик оонньуура уонна оонньуулары тэрийэрэ. Дьокуускайга, Мэҥэ-Хаҥаласка, Өлүөхүмэҕэ, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ уонна Өлөөҥҥө бириистээх миэстэлэри ылара. Кини оонньуурун көрбүт кырдьаҕастар сөҕө-махтайа билигин да ахталлар.
1941-1945 сыллардаах үлэ фронун ветерана, хас да мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Дьон кыһалҕатыгар ураты сымнаҕас сыһыаннааҕынан биллэр уонна туһалаахтык көмөлөһөр идэлээх.
«Ветеран» даача-тутуу кооперативын олоҕун буларыгар кыһаллан-мүһэллэн көмөлөспүтэ, учаастактары түҥэтиигэ, электричестволааһыҥҥа, водопроводу киллэриигэ, тутуу матырыйаалларын булууга элбэхтик дьарыктаммыта.
Кэргэннээх, биир кыыстаах, түөрт сиэннээх.
Кэргэнэ Прасковья Михайловна Павлова 1924 сыллаахха Хаҥалас улууһугар төрөөбүтэ. Орто үөрэхтээх, идэтинэн бухгалтер. 1942-48 сыллаахха Булуҥ оройуонугар балык заводтарыгар үлэлээбитэ. Сберкассаҕа, электростанцияҕа, ойуур хаһаайыстыбатыгар, сопхуоска бухгалтерынан, экономиһынан үлэлээбитэ.
1971 сыллаахтан пенсияҕа тахсыар диэри нэһилиэгэр бытовой хааччыйыы министерствотын систиэмэтигэр бухгалтерынан, комбинат директорынан үлэлээбитэ.
1941-1945 сыллардааҕы үлэ фронун ветерана, хас да мэтээллээх.
Негнюров Василий Семенович