Мин, сэрии кыттыылааҕа, иккис группалаах инбэлиит Николай Васильевич Иванов, 1927 сыллаахха олунньу 25 күнүгэр I Күүлэккэ, Үөһээ Бүлүү оройуонугар төрөөбүтүм.
Аҕам Василий Николаевич Иванов 1943 сыллаахха армияҕа ыҥырыллан барбыта. Мин Үөһээ Бүлүү I Күүлэт нэһилиэгэр Осипенко аатынан колхозка 1944 сыллаахха диэри үлэлээбитим, онтон 1945 сыллаахха армияҕа Забайкальскай байыаннай уокурукка 67-с саппаас стрелковай полкаҕа түбэспитим. 1945 сыл бэс ыйыттан 1946 сыл муус устар ыйыгар диэри онно сулууспалаабытым. Ити бириэмэҕэ сулууспабынан Монголияҕа уонна Кытайга сылдьыбытым. 1946 сыл муус устартан 1951 сыл бэс ыйыгар диэри Владивостокка уонна Советскай Гавань отдельнай инженернэй батальонугар саперунан сулууспалаабытым.
1951-1986 сылларга МВД систиэмэтигэр милиционерынан үлэлээбитим, 1986 сыл муус устар ыйыттан пенсионербын.
Мин тапталлаах кэргэним Варвара Васильевна Иванова 1929 сыллаахха муус устар 30 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонугар III Үөдүгэй нэһилиэгэр колхозтаах кэргэнигэр төрөөбүтэ. «Арбаҥда» колхозка 1950 сыллаахха диэри үлэлээбитэ. Тыыл ветерана. 1951 сылтан билиҥҥэ диэри Техническэй лицейгэ үлэлии сылдьар. Бастаан секретарынан, кассирынан, директоры хозчааска солбуйааччынан, завхоһунан, билигин кастеляншанан үлэлиир. Үчүгэй үлэтин иһин элбэх махтал суруктаах.
Уонна профтехүөрэхтээһин туйгуна, В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан мэтээллээх, «Материнство» мэтээллээх, ССРС уонна Россия профтехүөрэхтээһинин бэтэрээнэ, «Өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин иһин» мэтээллээх, «Аҕа дойду 1941-45 сс. Улуу сэриитигэр Кыайыы 50 сыла» мэтээллээх, Жуков мэтээллээх, Профсоюз КК Бочуотунай грамоталаах, Россия тыатын хаһаайыстыбатын министерствотыттан Бочуотунай грамоталаах, САССР Верховнай Советыттан Бочуотунай грамоталаах.
Биһиги биэс оҕолоохпут, бары араас тэрилтэлэргэ үлэлииллэр. Сэттэ сиэннээхпит, оскуолаҕа үөрэнэллэр, кыра сиэммит Алёша хоккейдыыр, «Мамонт» хамаандаҕа киирэн Москванан, Санкт-Петербурунан, Финляндиянан уонна Нерюнгринан, Хабаровскайынан баран оонньуур, бэйэтэ 7 кылааска үөрэнэр.
Н.В. Иванов, 19.01.2000.