1925 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар төрөөбүтэ. II Наахара, Бүтэйдээх уонна Майа оскуолаларыгар үөрэнэн, аҕыс кылааһы бүтэрээри сылдьан, Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыта. Онно Япония сэриитигэр буомба, снаряд эстэрин, дьон өлөрүн көрбүтэ. Бэйэтэ автоматчигынан, стрелогунан, минометчигынан, пулеметчигынан сылдьыбыта. Писарынан эмиэ сулууспалаабыта. Бааһыран, инбэлиит буолан дойдутугар эргиллибитэ.
Кэлээт, үлэ уонна үөрэх үөһүгэр киирэн барбыта. Иркутскайдааҕы пединституту ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн баран, түөрт уонча сыл учууталлаабыта. Коммунистическай партия чилиэнэ. Кини халбаҥнаабат коммунист, ыччаты үтүө өйгө-санааҕа иитэргэ билигин да сыратын-күүһүн биэрэр. Саамай улахан дьолунан үөрэппит оҕолоро үрдүк үөрэҕи бүтэрэннэр, сорохтор үлэ үөһүгэр сылдьалларын, биллэр-көстөр дьон буолбуттарын ааҕар, кинилэринэн киэн туттар. Ону таһынан устудьуоннарга, кыамматтарга көмөлөһөн пиэнсийэтиттэн биэрэр үтүө санаалаах дьоннорбутуттан биирдэстэрэ кини буолар.
Кириллин Петр Самсонович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.