Тимофей Иннокентьевич Лазарев 1915 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр Чурапчы оройуонугар төрөөбүтэ. 1944 сыллаахтан партия чилиэнэ. Кини кэргэнэ Фаина Иосифовна Парыгина 1919 сыллаахха олунньу 2 күнүгэр Челябинскай уобаласка төрөөбүтэ. 1943 с. партия чилиэнэ.
Тимофей Иннокентьевич Аллайыаха, Ньурба, Томпо оройуоннарыгар уонна Дьокуускай куоракка милиция органнарыгар чиэһинэйдик отуттан тахса сыл үлэлээтэ. «Отличник милиции СССР» знактаах, үгүс юбилейнай мэтээллээх, 60 сыл устата үлэ стажтаах. Үс уол оҕолоох, үс кийииттээх. Улахан интернациональнай ыал аҕа баһылыга. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кэргэнэ Фаина Иосифовналыын биэс сиэттэрин туһугар туох кыалларын барытын оҥорон, сүбэлээн-амалаан, сайыҥҥы бириэмэҕэ даачаларыгар үлэлээн-хамсаан күн аайы солото суох сырыттылар.
Негнюров Василий Семенович
Лазарев Тимофей Иннокентьевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.