Мин, Николай Николаевич Матвеев, Күндэйэ нэһилиэгэр, Сунтаар оройуонугар 1914 сыллаахха дьадаҥы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтүм. Ол кэмнэргэ Саха дьадаҥы бааһынайа булду сырсан бытанан олорор буолан оскуолаҕа киирбэккэ үөрэммэккэ хаалбытым. Колхозтар тэриллиилэрин саҕана колхозка киирбитим. Намана сирин диэки улахан балыктаах күөллэр баалларыгар «Якутзолототранс» диэн тэрилтэ Сунтаарга баарыгар үлэҕэ наймылаһан балыктыы сыппытым.
1943 сыллаахха от ыйыгар Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан Иккис Белорусскай фронт састаабыгар 1262 стрелковай полк минометчигынан сэрии хонуутугар киирбитим. Ахсынньыга 1943 сыллаахха атахпар ыарахан ранение ылан эмтэнэн үтүөрээт эмиэ ити чааспар түбэһэбин.
Прибалтикаҕа Лонг куорат таһыгар төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн баран ону тоҕо көтөн тахсыбыппыт. Онно медицина старшай лейтенана ыарахан ранение ылан хаалбытын аҕалтара сорудах биэрэн миигин төнүннэрбиттэрэ, кини ханна охтубутун удумаҕалыыр этим. Ону чуолкайдаан биэрбиттэрин кэннэ хотоол устун сыыллар, аттаан сүүрэр ыккардынан айаннаан быһа холоон туһаайыытыгар тиийдим да, дьэ хайа буолабын диэт, инним диэки ыстанан кэбистим, кырдал арҕаһын туораат эмиэ бытааран хотоолунан барбаҕалаат, эмиэ кырдал арҕаһын туоруубун. Ити курдук айаннаан били киһибин булан, үрдүбэр уурунан баран сыыллабын. Кырдалым арҕаһын киһибин сүгэн туох баар күүспүн мунньан сүүрэн туораталаан дьоммутугар тиийэн кэлэбин уонна санбатка туттарабын. Ол киһибин, мин сүгэн истэхпинэ, хаста да таптылар. Ол да буоллар кэнники эмтэнэн стройга төннүбүтэ. Ити заданиены толоруу иһин «За отвагу» диэн мэтээлинэн наҕараадаламмытым.
Прибалтика устун бэрт элбэх тимир суол станцияларын, дэриэбинэлэри, кыра куораттары ылаттаан тимир суолу өстөөхтөн ыраастыыр иһин охсуһууга биһиги миномётнай расчёппут активнай кыттыыны ылбытын иһин миигин «Кыһыл Сулус» орденынан командование наҕараадалаабыта.
Данциг куоракка үс хонуктаах унньуктаах уулуссаҕа охсуһууга биһиги миномётнай расчёппут кыттыыны ылбытын учуоттаан командование миигин Аҕа дойду сэриитин II степеннээх орденынан уонна генерал Телегин илии баттааһыннаах хайҕабыл лииһинэн наҕараадалыыр.
Одер өрүһү сатабыллаахтык туораан, өстөөҕү тилэх баттаһан арҕаҕар киллэрэн тиһэх кырыктаах кыргыһыыга биһиги расчёппут атаакаҕа турбут армияҕа күүстээх уотунан көмөтүн иһин командование миигин Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденынан уонна эмиэ хайҕабыл лииһинэн наҕараадалыыр.
Ити кэнниттэн демобилизацияланарбытыгар Кыайыы мэтээлин кытары Сталин мэтириэттээх Жуков илии баттааһыннаах хайҕабыл лииһинэн наҕараадаламмытым. Ити курдук 1946 сыллаахха алтынньы 20 күнүгэр армияттан босхолонон дойдубар тиийэн кэлэбин, төрөөбүт колхозпар үлэлиибин, онтон миигин Саха АССР Верховнай Советыгар депутатынан быыбардаан үлэлэтэллэр. Итини сэргэ Илимнииргэ Ворошилов аатынан колхозка председателинэн үлэлиибин. Колхозка быыбарынай уочаратым бүппүтүн кэннэ Сунтаар промкомбинатыгар үлэҕэ ыыталлар.
1950 сылтан пенсияҕа тахсыахпар дылы промкомбинакка тимир ууһунан, буочука оҥорооччунан (бондарь), столярынан, болуотунньугунан үлэлиибин, ол быыһыгар араас рационализаторскай этиини оҥорон олоххо киллэрэн үлэлэппитим.
Мин Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыым, сэрии кэнниттэн эйэлээх олох эйгэтигэр үчүгэй суобастаах үлэм иһин наҕараадаларым: «Отечественная война» I степеннээх орден, №220014, «Отечественная война» II степеннээх орден, №516063, «Красная звезда» орден, №1227400, «За отвагу» мэтээл, №1098486, «За трудовую доблесть к 100-летию Ленина» мэтээл, «20-летие Победы» мэтээл, «За доблестный труд в ВОВ 1941-1945 гг.» мэтээл, «50 лет Вооруженных Сил СССР» мэтээл, «30-летие Победы» мэтээл, «60 лет Вооруженных Сил СССР» мэтээл.
Саха АССР Верховнай Советын Президиумун үс Бочуоттаах Грамотата, оройуон тэрилтэлэрин уонна Минместпром грамоталара, райпромкомбинат 24 грамотата. «Отличник соцсоревнования», «Ударник коммунистического труда» бэлиэлэр.
Революционнай, бойобуой уонна үлэ албан аатын кулуубун чилиэнэбин.
Оройуон уонна промкомбинат Бочуоттарын кинигэтигэр киирбитим.
Николай Николаевич Матвеев
Дуулаҕа буойун
отставкаҕа олорор подполковник
Василий Михайлович Сомов
Николай Николаевич Матвеев
туһyнан суруйуута
Младшай сержант Николай Николаевич Матвеев фроҥҥа атаарбыт аан маҥнайгы түүнүн хаһан да умнубат. Биир да киһи ол түүн хараҕын симпэтэҕэ. Оол ханна эрэ ыраах туох эрэ умайан күлүмнүүрэ. Манна иһиллээбит курдук уу-чуумпу. Эмискэ лүҥкүрэн турбут халлаан хабыллар хаба ортотунан хайа ыстанарга дылы гынна: ити гитлеровецтар эрдэттэн суоһурҕанан артиллериянан уонна минометтарынан уоту астылар. Окуопалар үрдүлэринэн снарядтар ыйылаһан ааһаллар, сорохторо адьас чугас түһэн дэлбэритэ бараллар. Стрелковай батальон өстөөх атаакалаары гынна диэн адьас бэлэм сыппыта, ол гынан баран хата туох да биллибэтэ. Сарсыарда чаас хамандыыра майор Грей окуопалары кэрийэ сылдьан саллааттары кытары сэһэргэстэ, күлэ-сала, ол-бу көрдөөх сонуннары кэпсээтэ. Түүнү быһа дьиксинэ-дьааххана хоммут буойуттар санаалара көтөҕүллэн, сирэйдэрэ-харахтара сырдыы түстэ. Хамандыыр аны минометчиктарга тиийэн кэллэ. Биир хойуу хаастаах саллаат тонолуппакка одуулаан турарын көрөн:
— Хайа, доҕоор, сибиряк, немецтэргэ тос маастарын биэрэр инибит? — диир.
— Биэрэн бөҕө буоллаҕа дии, — саха саллаата хап-сабар хардарар.
— Сө-өп! Билигин төһө бэркэ ытаргытын көрүөхпүт, — диир хамандыыр. Чочумча буолаат, телефонунан тугу ыталларын, төһө иитиини угалларын, хайдах кыҥыылларын туһунан дааннайдары биэрэллэр. Матвеев ол ыйбыттарын хоту минометун эргитэр-урбатар. Сонно тута: «Ытыҥ»!» — диэн хамаанда иһиллэр.
Николай Николаевич хайа-сах иитиллибит минаны аҕалан биэрбиттэрин миномет уоһугар бэркэ сэрэнэн угар. Мина аллараа сырылаан түһэрин кытта ытар тыас өрө хабыллар. Мина хара кыырт курдук халлааҥҥа өрө сурулаан тахсар уонна киһи куйахата күүрүөх айылаах сиргэ таҥнары иһиирэн түһэр. Ол курдук хаста да ытыалаан субуруталлар. Өр-өтөр буолбат, «өстөөх станковай пулемёта» үлтү тэптэрилиннэ диэн биллэрии кэлэр. «Маладьыас, бэркэ ытар эбиккин», — диэн хайҕаан баран, хамандыыр ааһа бара турда.
Фашистар Оҕурсуу диэн үрдэли тула хатыылаах боробулуоха бөҕөнү тардыбыттар, хас эмэ сиргэ дзоттары оҥостон онно хорҕойбуттар, киһи чугаһыах буолбатах, биир кэм сибиньиэс буулдьанан саба тибиирэ сыталлар. Хардарыта ытыалаһыы түүннэри-күннэри сэллээбэт. Төһө өр бу курдук кириэтэһэ дьорҕойсон туруохтара биллибэт. Киэһэ борук-сорук буолуута Матвеев землянкаҕа киирбитэ. Бэрт тиэтэлинэн хаптаһынтан оҥорбут остуолларыгар кэриэ-хоруо буолбут ыһыырынньык лаампа аат эрэ харата сырдатар. Землянкаҕа саллаат лыык курдук. Аҕамсыйа барбыт саллаат «Икки байыас» диэн киинэттэн гитараҕа оонньуу-оонньуу:
«Темная ночь разделяет, любимая, нас…» — диэн ыллаан барбытыгар бары чуумпура түстүлэр. Ити муннукка олорор киһи сыналҕаннаах ырыатын истэннэр, бука, дойдуларын, аймах-билэ дьоннорун, тапталлаах кэргэттэрин санаан ах бардахтара. Гитаралаах саллаат ыллаабат курдук, хайдах эрэ бэйэтин кытта бэйэтэ кэпсэтэргэ дылы. Сарсыарда эрдэ хамаанда бэриллэрин кытта пулеметчиктар сытар сирдэрин булуннулар, минометчиктар эмиэ кыргыһыыга бэлэмнэммитинэн бардылар. Быһыы-майгы улам тыҥаан испитэ. Стрелковай батальон атаакаҕа киирэр сигналы күүтэр. Эмискэ артиллерия уонна миномёттар ытыалаан куһуйбутунан бардылар. Буулдьа тыаһа ып-ыйылас. Матвеев тула өттүгэр снарядтар түһэннэр сири-буору тоҕута тэбэллэр. Хайдах да ийэ сиргэр хаптас гыннаххына сатаныах курдук. Оттон биһиги киһибит хороллон турар. Миномет сыалын булларар киһи оннук эрэ гыннаҕына сатанар. Кини өстөөх саллааттара ханан киирэн эрэллэрин, хайа диэкиттэн пулемёт ытарын, кинилэр төһө ыраахтарын сытан эрэ ханан уот харахха этиэй?! Саха саллаата хас снаряд эһиннэҕин аайы дьигиҥнии-дьигиҥнии, сымыһаҕын быһа ытыран, эр хаанын киллэрэн ытыалыырын кубулуппат. Ол турдаҕына адьас аттыгар снаряд кэлэн түстэ, Николай өй-мэй буолан, хаарга суулунна. Илдьи тэпсиллибит, буорах хоруотуттан хараарбыт хаарга сырдык хаана таммалыы сытта. Хаҥас атаҕа уот аһыйарын билэн «хор, тыыннаах эбиппин ээ», — диэн санаа кылам гынан ааста.
Онтон биирдэ өйдөммүтэ тула өттө уу-чуумпу, арай аттыгар «тик-так» чаһыы тыаһыыр. Кини улам туймааран, түлэкэчийэн төрөөбүт алааһыгар тиийэ сылдьар буолан хаалла. Николай Николаевич Матвеев 1914 сыллаахха Сунтаар оройуонугар Күндэйэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини сэриигэ ыҥырыллыар диэри Буденнай аатынан колхозка үлэлээбитэ. Бииргэ үөскээбит, үлэлээбит-хамнаабыт дьоно кини хараҕар бу көстөн кэллилэр, барахсаттар билигин ханна эрэ тиийдилэр-түгэннилэр буолла. Николай миномету аан маҥнай саппааска турар 83-с стрелковай полкаҕа харахтаабыта, саха киһитин үгэһинэн имэрийэн-томоруйан көрбүтэ. Омос көрөргө кини мөдөөн, барыттан-бары симиттэр курдуга. Оттон кыргыһыыга киирдэҕинэ сирэйэ-хараҕа турар, туттара-хаптара сыыдамсыйар. Үтүө киһи барахсан өлөр-тиллэр быһаарыллар түгэнигэр тутуу былдьаһан хаалааччы.
Матвеев военнай госпитальтан ыкса саас чааһыгар төннөн кэлбитэ. Кини сулууспалыыр 380-с стрелковай дивизията бааһын-үүтүн оһоруна, кэккэтин хаҥатына тыылга турар эбит. Хара сарсыардаттан им сүтүөр диэри саҥа кэлбит байыастары араас быһыыга-майгыга хапсыһыы кистэлэҥнэригэр такайаллара, сааны-сэби үөрэтэллэрэ. Биирдэ эмиэ оннук дьарыктана сырыттахтарына, Гришин диэн саллаат Матвеевтан:
— Биһиги батальоммут миномета 82 мм калибрдаах, оттон немец киэнэ 81,4. Ити хайалара ордук буолуой? — диэн ыйытар.
— Биллэн турар, биһиэнэ буоллаҕа дии. Бэйэҥ да санаан көр, биһиги минабыт кинилэр минометтарын уоһугар баппат, оттон биһиги немецтэр миналарын төһө баҕарар туттуохпутун сөп, — диэн Матвеев быһааран биэрэр.
— Кырдьык даҕаны! — диэн саллаат сөҕө-махтайа турда.
Сотору кэминэн дивизия 50-с армия кэккэтигэр киирэн, Могилев куораттан соҕуруулуу-илин икки көстөөх сиргэ тиийэн тохтообута. Сайыҥҥы улахан кимэн киириигэ бэлэмнэнии бара турарын саллааттар бары, ким да хаһан буоларын эппэтэҕин үрдүнэн, сүрэхтэринэн бүтэйдии сэрэйэллэрэ.
Саллааттар быыс булбут кэмнэригэр дойдуларыгар сурук суруйаллара, сорохторо окуопаҕа көхсүлэринэн өйөнөн олорон хаһыат ааҕаллара, сорохтор тугу эрэ санаан саҥата суох иһийэн олороллоро. Матвеев окуопа бүүрүгэр быардыы түһэн сытан, субу эрэ саҥа көрбүт курдук, кымырдаҕаһы одуулаһар. Өлөр-тиллэр былдьаһыгар сылдьан сити курдук биирдэ эмэ иллэҥсийэ түһэн өйдөөн көрдөххө, айылҕа барахсан, чаҕылла сыдьаайар күн, күөх мэндээр халлаан үчүгэйдэриэн! Үчүгэйиэн тыыннаах сылдьар, үөрүҥ, көтүҥ, тыыннаахтар диэн сир-дойду барыта истэр гына хаһыытыаххын баҕараҕын.
Онтон икки хоноот, тыһыынчанан тэргэннэр, минометтар хааннаах фашистар үрдүлэригэр сүллэр этиҥ буолан сааллыбаттар дуо?! Онтон күргүөмнээх «Ураа!» хаһыы ньиргийэр.
Гитлеровецтар харса-хабыра суох утарылаһаллар. Кинилэр эрдэттэн Могилевы тула хаста да эргийэр обороналанар бөҕөргөтүнүүлэри оҥостубуттар. 1262-с стрелковай полк подразделениелара манан хаста да киирэн баран, иннилэрин диэки харыс да сири халбарыйбатахтар. Бу курдук биир сиргэ тэпсэҥнии турдахха, соҕуруулуу-арҕааттан эргийэ көтөн киирэн иһэр биһиги чаастарбытыгар куттал суоһууһу. Хараҥаран барыыта өстөөх уота аҕырыыр ини диэбиттэрэ ханна баарый, өссө эбии сытайарга дылы гынна.
Кыргыһыы үһүс күнүгэр эрэ фашистар мөлтөөбүттэрэ, күүстэрэ өһүллэн эрэрэ биллибитэ. 1944 сыл бэс ыйын 28 күнүгэр 50-с армия буойуттара Могилев куораты босхолообуттара. Өстөөххө тыын биэрбэккэ, биһиэннэрэ салгыы кимэн испиттэрэ. Минскэй илин өттүгэр сүүстэн тахса тыһыынча саллааттаах уонна офицердаах немец сэриитэ төгүрүктээһиҥҥэ түбэспитэ.
Советскай сэриилэр онно тиийэн, уоту аһарга бэлэм сыппыттара. Миномётчиктар маҥнай утаа өстөөхтөн былдьаан ылбыт траншеяларыгар олохторун булуммуттара, онтон тыа саҕатыгар көспүттэрэ. Гитлеровецтар өр-өтөр буолбатахтара, утары атаакаҕа туруммуттара, тыа саҕатын өстөөх артиллерията ыт да ыт буолбутугар минометчиктар хонуу ортотун диэки көһөн биэрбиттэрэ.
Биһиги саллааттарбыт окуопаларыттан ойон тахсан «Ураа!» хаһыытыы-хаһыытыы иннилэрин диэки ыстаммыттара. Хаспаҕы туораат, халдьаайы сирэйигэр хаптайарга күһэллибиттэрэ. Минометчиктар турар сирдэригэр связной сүүрэн кэлээт, аҕылыы-аҕылыы:
— Көрөҕүн дуо ол станковай пулемёту? — диэн Матвеев кулгааҕар хаһыытаабыта.
— Көрөн-көрөн! — диэн Николай Николаевич быһа-бааччы хардарбыта.
— Суох гына охсуохха наада!
Младшай сержант Матвеев сыал төһө ыраах турарын быһаараат, миномётун ол диэки эргиппитэ. Хас да ытыыны таһааралларын кытта немец артиллерията аны кини миномётун бултаспытынан барбыта. Хас да табаарыһа таптаран, уһуктубат уһун ууларыгар утуйбуттара.
Саха саллаатын санаата самныбатаҕа, миналарын бэйэтэ таһынан, миномет уоһугар түһэрэн, ыппытын курдук ыта турбута. Өстөөх пулемета ах барарын кытта кини:
— Атын сиргэ көһө охсуохха! — диэн хамаандалаабыта.
Биһиги биир дойдулаахпыт Николай Николаевич ыкса киэһээ эмиэ землянкаҕа киирэн кэлбитэ. Саллааттар ойон туран, махтанан, уруйдаан-айхаллаан көрсүбүттэрэ. Илиититтэн остуолга сиэтэн аҕалан, саамай көстүүлээх миэстэҕэ олордубуттара. Бытыктаах повар бойум соҕус кырбас эти саллаат котелогар уурбута, хойуу миини баһан биэрбитэ. Николай Николаевич чааһыгар бастыҥ минометчик быһыытынан аатырбыта, доҕотторо кининэн киэн тутталлара. Минометчиктар взводтарын хамандыыра лейтенант Бызин Матвеевтыын бэркэ тапсан доҕордоспуттара. Кинилэр сэриигэ бэйэ-бэйэлэрин биир тыла суох өйдөһөллөрө.
1944 сыл от ыйын 3 күнүгэр Белоруссия столицата босхоломмута, онтон аҕыйах хонугунан Минскэй куорат илин өттүгэр төгүрүтүллүбүт немецтэр сэриилэрэ үлтүрүтүллүбүтэ. Били Москваҕа кыайан-хотон, тоҕо хааман киириэх буолбут бэйэлэрэ ханна баарый, от ыйын 17 күнүгэр Ийэ дойдубут тэбэр сүрэҕин тымырдара буолбут уулуссаларынан 57,6 тыһыынча билиэннэй немецтэри биһиги буойуттарбыт сүөһү курдук үүрэн илпиттэрэ.
Неман үрэх киэҥ нэлэмэн хочолору нүөлсүтэ, угуттуу эриллэ-бурулла сүүрүгүрдэр, онтон халыҥ тыаҕа киирэн сүтэн хаалар. Дьон киэнэ хорсуна түүн оҥочолору, хаптаһыннары, бэрэбинэлэри соһон, өрүскэ чугаһаан испиттэрэ. Ытыс таһынар хараҥа. Арай өр буола-буола өстөөх ракетата өрө сурулаан тахсан, Неман тымныы долгуннарын сырдата түһэн ылар. Саллааттар ураҕастарынан чиэстэнэн тыаһа-ууһа суох устан испиттэрэ. Тыаллаах буолан, эрдиилэрэ да ууга чалымныыра иһиллибэт. Долгун ыарахан таһаҕастаах буолан тимирэн иһэр оҥочолору, болуоттары саба охсор.
Көстүбэккэ-биллибэккэ уҥуоргу кытылы булар кыаллыбата. Өстөөх прожекторын уота кинилэри булан ылла, пулемёт буулдьатын суола тула бырдааттанна. Снарядтар, миналар сыыһа-халты түһэн, уу биир кэм өрө оргуйа олордо. Биэрэккэ тиксэллэрэ адьас чугаһаабыт кэмигэр биир мина аттыларыгар эстэн, Матвеевтаах ууга күр гына түстүлэр. Илийбит таҥастаах саллааттар, төһө да ыараханын иһин, минометтарын, сааларын-сэптэрин туппутунан кытылга тигистилэр. Сонно тута:
— Харса суох иннигит диэки! — диэн хамаанда иһилиннэ. Байыастар батальон хамандыырын батыһан траншеяларга биирдэ баар буола түстүлэр, блиндажтан куота сатыыр фашистары тирээн туран түҥнэритэ ыттылар. Уҥа уонна хаҥас өттүлэригэр эмиэ биһиги сэриилэрбит траншеяларга кыргыһа сылдьаллар. Фашистар десантниктары хайаан да өрүскэ үтүрүйээри икки төгүл хардары атаакалыы сырыттылар. Сарсыарда халлаан сырдыыта аны немец самолеттара эргийэ көтө сылдьан буомбалаан, биһиги дьоммутун сырдыкка-хараҥаҕа түһэрдилэр. Ол да буоллар саллааттар өстөөҕү син биир чугаһаппатылар, онно минометчиктар ордук күннээтилэр.
Дивизия штабын землянкатыгар 1262-с
стрелковай полк минометчиктара фашистары кытта хабыр хапсыһыыга харса суох киирсэллэрин туһунан иһитиннэрии субу-субу кэлэ турар. Кинилэр икки күн иһигэр үс кэтээн көрөр пууну, түөрт пулемету, икки пушканы, кэмэ суох элбэх саллааты күл-көмөр оҥордулар. Фашистар хабараан утарсыыларын самнаран 50-с армия чаастара атырдьах ыйын 23 күнүгэр германскай милитаризм куйаҕа, дурдата-хаххата буолбут Илиҥҥи Пруссияҕа ыган кэлбиттэрэ.
Младшай сержант Матвеев окуопаҕа сытан биһиги дьоммут икки немец самолетун суулларбыттарын үөрэ көрөр. Киэһэнэн ардаата. Минометчиктар плащпалаткаларын кэтэллэр, ким да уута кэлбэт. Немецтэр дөрүн-дөрүн сурах хоту суос бэринэн пулеметунан ытыалаан субуруталлар, сотору-сотору ракетанан ытан, иһийэн сытар хонууну сырдаталлар.
Таҥастара ип-инчэҕэй, эттэригэр сыста сылдьар. Тахсан кутаа оттон куурдуммут киһи төһө эрэ абыраныа этэ?!
Күүттэрэн-күүттэрэн кэмниэ-кэнэҕэс 1945 сыл тохсунньу 13 күнэ үүммүтэ. Сарсыарда халлаан сырдыыта хаар түһэн үллүктүү турдаҕына кимэн киирии саҕаламмыта. Батальон хамандыырын политчааска солбуйааччы минометчик Матвеевы көрө-көрө хайҕыы турда. Орто уҥуохтаах эт лахса младшай сержант сиртэн-буортан силистээххэ дылы буолан сиҥнэллэн туран дьонун хамаандалыыр. Эмискэ снаряды таһар саллаат:
— Баар! — диэн хаһыытыырын кытта көрө түспүтэ немец тааҥката таптаран өһөх хара буруонан оргуйан эрэр эбит. Танк иһиттэн ыстаҥалаһан тахсыбыт фашистары өр-өтөр гымматылар, сонно буору уоптардылар.
Олунньу уонна кулун тутар ыйдар усталарын тухары Илиҥҥи Пруссияҕа сэрии уота сэллээн көрбөтөҕө. Бэл кулун тутар 28 күнүгэр Данциг, муус устар 9 күнүгэр Кенигсберг куораттары кимэн киирэн ылбыттарын да үрдүнэн кыргыһыы тохтооботоҕо. Манна барытыгар минометчик Матвеев кыттыбыта. Аны кинилэр иннилэригэр Германия биир бөдөҥ промышленнай куората Штеттин туора турбута.
Иннигитигэр баар улахан суолу быһыҥ диэн минометчиктарга сорудах кэлбитэ. Фашистар икки батальон саллааты мунньан тааҥкалаах, бэйэлэрэ хаамар орудиелардаах атаакаҕа киирбиттэрэ. Тимир килиэ куйахтаах аарыма массыыналар ытыалыы-ытыалыы ыган киирэн испиттэрэ. Минометчиктар тааҥкалартан фашистары быһаары харса суох уоту аспыттара. Кинилэр үс самоходканы, икки тааҥканы уонна уонунан ааҕыллар фашистары урусхаллаабыттара, гитлеровецтар эмиэ чугуйарга күһэллибиттэрэ.
Сарсыҥҥытыгар сарсыарда аны өстөөх автоматчиктара көстүбүттэрэ. Артиллерия уотугар күлүктэнэн кинилэр кылабыыһаҕа кэлээт, эмиэ атаакаҕа туруммуттара. Авиация уонна артиллерия ити үлүгэрдээх сиксийбитин кэннэ икки атахтаах орпото ини диэн фашистар турбутунан киирбиттэрэ. Советскай саллааттар саҥата суох иһийэн сыппыттара, адьас субу чугаһатан баран уоту аспыттара. Пулеметтар өстөөх саллааттарын инники кэккэлэрин от курдук охторбуттара да, кэнникилэр сирэйэ-хараҕа суох киирэн испиттэрэ.
Лейтенант Бызин минометтары кэккэлэһиннэри туруоран, быыстала суох уоту аһарга бирикээстээбитэ. Онуоха фрицтэр бөтө бэрдэрэн чугуйарга күһэллибиттэрэ. Онтон Одер өрүһү босхолооһуҥҥа Николай Николаевич 8 хонук устатыгар хорсуннук сэриилэспитэ. Бу хабыр хапсыһыыга ууга сытан эрэ ытыаласпыта уонна пулеметнай ротаттан кини эрэ соҕотоҕун хаалбыта.
Матвеев Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриини өстөөх арҕаҕар — Берлин куоракка түмүктээбитэ. Кини 1946 сыл бүтүүтүгэр төрөөбүт-үөскээбит алааһыгар эргиллэн кэлбитэ.
Саха дуулаҕа буойуна Николай Николаевич Матвеев Ийэ дойдутун көмүскэлигэр өлөрүн да умнан туран геройдуу кыргыспытын кини кэтит-киппэ түөһүн киэргэтэр бойобуой наҕараадалара туоһулууллар: «Аҕа дойду сэриитэ» I степеннээх орден — икки, «Аҕа дойду сэриитэ» II степеннээх орден, «Кыһыл сулус» орден, «За отвагу» мэтээл, «Германияны кыайыы иһин» мэтээл уонна үгүс элбэх юбилейнай мэтээллэр.
Ону таһынан генераллар Телегин, Сухов Николай Николаевичка хайҕал суруктары туттарбыттара.
Николай Матвеев 1946 сыл бүтүүтүгэр төрөөбүт-үөскээбит алааһыгар эргиллэн кэлбитэ. Сэрии кэннинээҕи эйэлээх олох туругурарын туһугар туох баар күүһүн биэрбитэ.
Кини үрдүк таһаарыылаах, сатабыллаах (рационализатор) үлэтэ Саха АССР правительствотынан, оройуон салалтатынан, үлэлээбит тэрилтэтинэн үрдүктүк сыаналаммыта. Ол курдук, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуоттаах Грамотатынан — үс төгүл, Минместпром, Сунтаар промкомбинатын, оройуон атын тэрилтэлэрин Бочуоттаах грамоталарынан 24 төгүл наҕараадаланан турар. Саха АССР Верховнай Советын депутатынан талыллан үлэлээбитэ.
Ворошилов аатынан колхоз председателинэн хас да сыл үлэлиир. 1950 сылтан пенсияҕа тахсыар дылы Сунтаардааҕы промкомбинакка тимир ууһунан, бочка оҥорооччунан (бондарь), столярынан, болуотунньугунан үлэлээбитэ. Ол үлэлии сылдьан элбэх рационализаторскай этиини оҥорон олоххо киллэрэн үлэлэппитэ.
Үлэлии сылдьан кини спордунан дьарыктанара, байыаннай-спортивнай көрүҥнэргэ тоҕус төгүл оройуон уонна республика чиэһин көмүскээбитэ.
Биир тэрилтэҕэ өр сыл үлэлээбитин иһин «Үлэ ветерана» мэтээлинэн бэлиэтэммитэ, оройуон уонна тэрилтэ Бочуотун кинигэлэригэр киллэриллибитэ.
Николай Николаевич бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон баран 1993 сыл от ыйыгар ыарахан ыарыы кэнниттэн олохтон туораабыта.
Анкета ветерана
Великой Отечественной войны
1. Ф.И.О. — Матвеев Николай Николаевич
2. Год, месяц, число и место рождения — 22 мая 1914 г., с. Кюндяя Сунтарского района
3. Национальность — якут
4. Образование — неграмотный
5. Участие в боях — II-ой Белорусский фронт, 1262 стрелковый полк, минометчик
6. Воинское звание — сержант
7. Правительственные награды (за что, когда) Ордена: Красной звезды, Отечественной войны II степени, Отечественной войны I степени (III.1985). Медали: «За отвагу», «За Победу над Германией», «За доблестный труд», «20 лет Победы в Великой Отечественной войне», «30 лет Победы в Великой отечественной войне», «50 лет Вооруженных сил СССР», «60 лет ВС СССР», знак «Отличник соцсоревнования», благодарственное письмо генерала Телегина, командира части.
8. Сколько раз ранен — 1, в т. ч. тяжело — 1 раз
9. Инвалидность — II группа
10. Почетные звания, ученая степень — Почётный гражданин Сунтарского района
11. Дата выхода на пенсию — 1989 г., 1 апреля
12. Где работал (общий стаж) — Сунтарский райпромкомбинат, 35 лет непрерывного стажа
13. Удостоверение ветерана: серия А, номер 217126 от 28.XI. 80
14. Домашний адрес: г.Якутск, ул Кальвица 5/2, кв 5
Николай Николаевич Матвеев кэргэнин Евдокия Федотовна Матвеева туһунан
Евдокия Федотовна Мекумянова 1926 сыллаахха Сунтаар улууһун Илимниир нэһилиэгэр колхозтаах кэргэнигэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр 5-тэр, онтон аҕа саастаахтара Евдокия Федотовна (Дьэбдьиэй). Уонча сааһыттан колхозка үлэлээбитэ. 1944 сыллаахха 18 сааһын туолуутугар сельсовет секретарынан үлэлэппиттэрэ.
Сэрии кэнниттэн элбэх орденнаах, мэтээллэрдээх фронтовик Николай Николаевич Матвеев колхоз председателинэн кэлэн үлэлээбитэ.
Николай Николаевич уонна Евдокия Федотовна 1950 сыллаахха кэргэннии буолбуттара, онтон эһиилигэр Сунтаарга киирэн оройуон киинигэр олохсуйбуттара.
Подразделение где служил, воспоминания и биография.