Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Негнюров Михаил Михайлович

1926 года рождения. Призван в 1944 г. Участник разгрома Квантунской Армии Японии. Умер 10.01.94 г. Похоронен на Маганском кладбище г. Якутска.
Михаил Михайлович Негнюров 1926 сыллаахха сэтинньи 19 күнүгэр Тараҕай нэһилиэгэр Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар төрөөбүтэ.
Убайа Василий Михайлович киниттэн икки сыл аҕа этэ. Армияҕа Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун ветеринарнай отделениетыгар үөрэнэ сылдьан 1942 сыллаахха ыҥырыллан баран, муус устар ый 19 күнүгэр 1944 сыллаахха Украина сиригэр өлбүтэ.
Михаил Михайлович 1944 сыллаахха бэс ыйыгар армияҕа барыар диэри Табаҕа оскуолатыгар 7 кылааһы бүтэрбитэ. Алта аҥаар сыл армияҕа сулууспалаабыта. Монголия сириттэн аатырбыт японскай Квантунскай армияны утары сэриигэ кыайыыны чугаһатар туһугар туох баар күүһүн харыстаабакка сэриилэспитэ.
Мин 1946 сыллаахха Кытайтан Союзка эргиллэн кэлэрбэр кини Даурияҕа баара, онно көрсүһүүбүт иккиэн сэрииттэн тыыннаах ордон хаалбыт үөрүүбүтүгэр эбии умнуллубат үөрүү этэ.
1950 сыллаахха кини дойдутугар эргиллибитэ. Кылгастык Совмиҥҥа үлэлээн баран, кырдьаҕастар сүбэлэринэн, педучилищеҕа үөрэххэ киирбитэ. 1952 сыллаахха училищены бүтэрэн баран, Майа орто оскуолатын физкультураҕа учууталынан анаммыта. Бу оскуолаҕа үлэлиир сылларыгар элбэх үчүгэй спортсмены иитэн таһаарары ситиспитэ, өр сылларга умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыта.
45 сыл буолан баран, 1997 сыллаахха, «Эдэр саас» хаһыакка республикаҕа киэҥник биллэр спортсмен, мелодист, культура үтүөлээх үлэһитэ Аркадий Михайлович Алексеев үөрэппит учууталын туһунан истиҥ-иһирэх тылынан ахтыытын бэчээттэппитэ.
1956 сылтан 1960 сылга диэри Свердловскайдааҕы юридическай институкка үөрэммитэ. Бүтэрэн баран, Сунтаар уонна Кэбээйи оройуоннарыгар народнай судьуйанан 16 сыл, онтон 1982 сылга пенсияҕа тахсыар диэри тыа хаһаайыстыбатын министерствотын систематыгар юриһынан үлэлээбитэ.
Республика кырдьаҕас опыттаах, Үрдүкү суукка уһуннук үлэлээбит юристара Н.С. Троев, С.Г. Христофоров уонна да атыттар Михаил Михайловиһы чиэһинэй, дириҥ билиилээх, үрдүк ирдэбиллээх, принципиальнай судьуйа, юрист быһыытынан ааҕаллар. Норуодунай суут председателинэн үлэлээбит сылларыгар буруйу оҥорооччуларга таһаарбыт уураахтара Үрдүкү суутунан көтүрүллүбэтинэн республикаҕа бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбытын туһунан ахталлар.
Онон Михаил Михайлович 68 сыл устатыгар олорон ааспыт кэмнэригэр төрөөбүт дойдутугар оҥорбут бары үтүөтэ атастарыгар, доҕотторугар, үөрэппит-ииппит оҕолоругар, бары аймах-билэ дьонугар умнуллубат үтүө өйдөбүл буолуоҕа.
Михаил Михайлович ийэтэ Маайа 17-тэ оҕоломмутуттан 15-һэ кыра эрдэхтэринэ өлөннөр курутуйан ытыырын-соҥуурун чаастатык истэрим. Аҕата оҕонньор кэргэнэ өлбүтүн кэннэ уолунаан иккиэйэҕин хаалан, суос-соҕотох эрэлэ киниэхэ Мишата этэ. Ойох ылан оҕо төрөтөн биһиги ааппытын ааттатыа дии саныыра. Хомойуох иһин, Мэхээлэ оҕонньор ити үтүө баҕа санаата туолбатаҕа.
Миша таптыыр кыыһын хаартыскатын 1952 сылтан ыла 42 сыл устата сүрэҕин таһыгар баар сиэбигэр мэлдьи укта сырытта, олоххо киирбэтэх таптал итинник түмүктэннэ.
Мэхээлэ оҕонньор, Маайа эмээхсин, уолаттара Баһылай уонна Михаил олохторугар Дьылҕа хаан ыйааҕа итинник.
Негнюров Василий Семенович

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.