Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Новиков Сергей Сергеевич

1922 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥаласка Алтан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1942 сыллаахха от ыйын 10 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыта. Уонна 1943 сыллаахха тохсунньуга II Гвардейскай морской бригадаҕа киирэн, Сталинград аттыгар кыргыһыыга бааһырбыта. Онтон ити сыл 119-с Гвардейскай стрелковай дивизия Ленинград аттыгар өстөөххө кимэн киириитигэр эмиэ ыараханнык бааһырбыта. Ол үрдүнэн, 1944 сыллаахха Прибалтийскай фроҥҥа хорсуннук сэриилэспитэ, разведчик быһылааннаах сырыытын сылдьыбыта, немец офицерын билиэн ылсыбыта.
Хорсун саллааты, разведчигы Свердловскай куоракка пехотнай училищеҕа үөрэххэ ыыппыттара. Ол кэнниттэн Германияҕа биһиги байыаннай чааспытыгар сулууспалаабыта. Кэлин, 1947-1948 сылларга, Курильскай арыыларга кэлэн взвод командира буолбута.
Наҕараадалара: III степеннээх «Слава» орден, I степеннээх «Отечественная война» орден, мэтээллэр: «За победу над Германией», «За оборону Сталинграда», «За оборону Ленинграда», элбэх юбилейнай мэтээл.
Сергей Сергеевич Новиков сүрэҕин аттыгар немец буулдьата билигин даҕаны сылдьар.
Дойдутугар кэлэн милицияҕа, военкомакка үлэлээбитэ.
Кэргэнэ Екатерина Дмитриевна Семенова 1923 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас Бүтэйдээҕэр сэтинньи 17 күнүгэр төрөөбүтэ. Фельдшер идэлээх. 1943 сыллаахха Дьокуускайга медицинскэй училищены бүтэрэн баран, Уус-Алдан уонна төрөөбүт Мэҥэ-Хаҥалаһын эмин тэрилтэлэригэр үлэлээбитэ, дьон-сэргэ махталын ылыаҕын ылар.
Икки уол (Сергей, Александр), биир кыыс (Альбина) оҕоломмуттара.
Екатерина Дмитриевна эбэтэ Өлөөнө эмээхсин оҕонньорунаан, уоллара, күтүөттэрэ сэриигэ өлөннөр тулаайахсыйан Хайалаах бэрэтигэр өтөхтөрүгэр олорон балтын оҕотун Катяны иитэ ылбыттара.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.