Попов Никифор Николаевич Попов Никифор Николаевич (1904-1995)
«Иэдээннээх улахан сэрии буола турдаҕына, мин 39 саастаахпар 1943 сыллаахха бэс ыйын ортотугар аармыйаҕа ылан дойдубуттан сатыы оройуоммут киинигэр Чурапчыга киирбиппит. Эһиги ийэҕит Мария үс оҕотун уонна атаҕа тостубут кырдьаҕас ийэтэ Мариялыын бэйэлэрэ эрэ толугураһан хаалаахтаабыттара. Ол эрэн мин кэргэним Мария Петровна ханнык баҕарар үлэҕэ сыһыамах, кыайыгас-хотугас, баабый, онон кини миигин суохтатыа суоҕа диэн бүк эрэнэн аттаммытым. Чурапчыттан 300-чэкэ киһи Аллараа Бэстээххэ диэри эмиэ эт атахпытынан сатыы айаннаабыппыт. Бэстээхтэн үс баржаҕа симэн борохуотунан Ɵлүɵнэни ɵксɵйбүппүт. Ол уһун айанынан иһэн Дьуон Дьаҥылы: «Туос тууйастары эбэбитигэр ыытыаҕыҥ», – диэн этиитинэн тууйастарбытын хаппахтаан баран Ɵлүɵнэ Эбэ далайыгар сүүрүгүн батыһыннары ыыталыыр буолбуппут.
Бэрт уһуннук айаннаан Иркутскай уобаласка Загорье диэн станцияҕа тиийэн балайда уһуннук карантиҥҥа сытыаран улэлэппиттэрэ. Ол быыһыгар балыыһа биир хоһугар мунньуллубут дьон ɵлүктэрин биһигинэн кɵмнɵртɵɵбуттэрэ. Сыт-сымар, туохтан да ыарахан үлэ этэ.
Маньчжурия ыпсыытыгар тиийэн үс миэтэрэ кэтиттээх, икки миэтэрэ дириҥнээх, кɵһүнэн усталаах ииннэри хастараллара. Кыраныыссаны батыһыннары таанкалар туораабатыннар диэн итинник ииннэринэн мэһэйдэри онортороллоро. Олус тымныыта суох эрээри, аһары тыаллаах сир эбит этэ. Халтаҥ танастаах саллааттары тыал курдары үрэриттэн силиибит кытта тоҥорго дылы буолара. Аанньата суох астан бырдыбыт быстан барбыта.
1944 с. сайыныгар тыаҕа кыстыыр землянка оностубуппут. Землянкабыт үрдүн сабарга отунан, соломонон сабан даҥ ыһыахтаах этибит. От да соломо да тиийбэт, суох. Ол иьин биһиги, сахалар, хамандыырдарбытыттан кɵҥүллэтэн, дойдубутунааҕы үгэспитинэн хатырык хастаабыппыт. Оннооҕу нууччаларбыт хатырык хастааһыныгар дьоҕура суох буоланнар, наар таһыыга сылдьыбыттара. Аны сиэрдийэ бэлэмнээһинэ баар этэ. Сиэрдийэлэри болокууссаҕа тиэйэн аттарынан таһыахтаахпыт. Киһи ахсын нуормабыт 1 кууп мас. Ону: «Сахалар аты сатаан кɵлүйүɵхтэрэ дуо?» – диэн нууччаларбыт биһигини сэнээн турдулар. Суох. Биьиги нуормабытын эбиэккэ дылы бүтэрэн таһан кэбиһэбит. Онтон сэнээбит дьоннорбут ити үлэлэрин күнү устата бодьуустаһаллар. Оччотооҕу алаастарынан тарҕанан олорбут сахалар нууччалыы олох билбэттэрэ. Арай мин икки курууппа церковнай-приходской үɵрэҕим наһаа туһалаабыта. Кэпсэтии-ипсэтии ɵттүгэр баран, ардыгар ыарахан илии үлэтиттэн сынньана түһэн тыын ыларым.
Японецтар Хайлар куоракка туох да хоппот гына бетонунан кутан бɵҕɵргɵтүммүт этилэр. Ууну турбанан сүүрдэн ылан аһыылларын, биьиги сэрииһиттэрбит тоҕута ытыалаан, алдьатан бɵҕɵргɵтүнүүлэрин ууга ыыталаабыттар этэ.
Аргунь ɵрүһү үрдэриллэр улахан эрэһиинэ болуоттарынан 4-5-тии гына холбуу баайан, онно буускалары, аттары, дьону тиэйэн, биэрэк бадараанын халыҥ гына от тэлгээн бэрт эрэйинэн туоруурбут. Бэйэбит сухой паегунан, флягалаах уунан үссэнэн, кырылас кумаҕы ааһан, сис хайаларын туораталаан ыар сэриинэн 1945с. күһүнүгэр Илиҥҥи фроҥҥа кыайыы ситиһиллибитэ» – диэн аҕам кырдьан олорон уруккутун, ааспыты итинник кэпсээбитэ.
Кыыһа Анна Петрова
Попов Никифор Николаевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.