1923 сыллаахха сэтинньи 11 күнүгэр Хаҥалас улууһугар Тумул нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1943 сыллаахха алтынньы ыйга Киев аттынан Днепр өрүһү туорааһыҥҥа хорсунун көрдөрбүтэ уонна Украинаны, Польшаны, Германияны босхолооһуҥҥа, Берлини ылыыга кыттыбыта. Ол кэнниттэн Праганы босхолооһуҥҥа кини — саха хорсуна эмиэ баара. Ити сыл күһүнүгэр Австрияҕа биһиги сэриилэрбитигэр сулууспалаабыта.
Степан Николаевич Соловьев пехотаҕа, танковай чааска, кавалерияҕа сылдьыбыта уонна, дьолго, биирдэ да бааһырбатаҕа. Кини 1947 сыл олунньу ыйга Сахатын сиригэр эргиллэн кэлбитэ уонна эйэлээх үлэҕэ олус тэтимнээхтик кыттан барбыта. Уон алта сыл Саха АССР Правительствотын чилиэнинэн сылдьыбыта. Республика Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан быыбардаммыта. Кини ордук олохтоох ыччаттан кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ элбэх сыратын биэрбитэ. Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ буолбута.
Кэргэнэ Дора Ильинична Соловьева 1928 сыллаахха кулун тутар 12 күнүгэр билиҥҥи Ленскэй улууһугар төрөөбүтэ. Өр сылларга Саха АССР Үбүн министерствотыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. ССРС үбүн үлэтин туйгуна буолбута. Кинилэр түөрт оҕону ииттилэр уонна бэйэлэрин курдук дьон үтүөтэ оҥордулар.
Степан Соловьев иллэҥ кэмигэр хоһоон суруйара. Биһиги бүгүн кини «Берлиҥҥэ тиийбит сахалар» диэн хоһоонун бэчээттиибит.
Ханна бааргыт, уолаттар,
Берлиҥҥэ тиийбит эрэттэр?
Күннэри-түүннэри кыргыһан
Берлиҥҥэ тиийбит сахалар?
Онно уоттаах сэриилэһии,
Уулусса, дьиэ аайы киирсиһии.
Граната эстэр, автомат ытар –
Эргиччи кутаа уот умайар!
Арыт, түүнэ-күнэ биллибэт,
Өстөөх ханната көстүбэт.
Эймэнэр иэдээннээх ыһыы-хаһыы,
Ханна хайыс — хабыр хапсыһыы!
Саха ньургун уолаттарын
Буулдьа да, туох да тохтоппот.
Сидьиҥ өстөөҕү кыайаары
Сэбиэскэй тэргэн ытар, сойбот.
Берлиҥҥэ фашистары кыайан
Эйэни эргиппит ветераннар,
Ылланыаххыт ырыа аайытын,
Киэн туттуоҕа ыччаккыт!
Уруйдуо урааҥхай аймаҕа,
Уһун сылларга умнуо суоҕа.
Хорсун да этигит, уолаттар –
Берлиҥҥэ тиийбит сахалар!
Степан Николаевич Соловьев
Я, Соловьев Степан Николаевич, родился 11 ноября 1923 года в IV Мальжагарском наслеге Западно-Кангаласского района. Ныне это Хангаласский улус. В семье был единственным ребенком, отец мой умер, когда мне было десять лет. Воспитывался у дедушки и матери. Семь классов Синской семилетней школы окончил в 1939 году. Потом поступил в Якутский финансовый техникум, но не окончив его, в июле 1942-го был призван в Красную Армию. Служил на станции Мальта и в городе Иркутске, окончил автошколу, стал военным шофером.
На фронт нас отправили в июне 1943 года. Один месяц обучали на американских студебеккерах.
В августе 1943 года под Москвой был сформирован 1894-ый самоходно-артиллерийский полк, куда я был зачислен шофером, и наш полк отправили на фронт. Полк попал в состав 3-й гвардейской танковой армии. В сентябре переправились на правый берег Днепра, заняли плацдарм выше Киева, а в начале ноября переправились ниже Киева. Наша армия стремительно наступала. Участвовал в боях за освобождение Украины. Потом была Германия и взятие Берлина, после этого участвовал в освобождении Праги. Войну закончил 9 мая в Праге. С осени 1945 года наш полк направили в Вену, оттуда в конце декабря 1946 года демобилизовался. Домой вернулся 23 февраля 1947-го.
В 1947-48 годах учился и окончил финансовый техникум, остался работать ревизором в Минфине ЯАССР.
С 1951 по 1957 год работал заведующим райфинотделом, в 1957-61 годах учился в Красноярской и Иркутской ВПШ, в 1961-1963 годах работал в Орджоникидзевском РК КПСС освобожденным секретарем парткома, в 1963-1969 годах — в Олекминском районе председателем партгосконтроля и председателем райисполкома.
С мая 1969-го по ноябрь 1985-го был членом Правительства ЯАССР, председателем Госкомтруда.
В 1967-ом был избран депутатом Верховного Совета ЯАССР. За время работы и после награжден тремя Почетными Грамотами Президиума Верховного Совета ЯАССР, значком «За активную работу в системе Госкомтруда СССР», Грамотой Президента РС(Я), получил почетное звание «Заслуженный работник народного хозяйства Республики Саха (Якутия)».
После выхода на пенсию принимаю участие в работе ветеранской организации. Избран членом президиума Совета ветеранов войны и труда Республики Саха, работаю председателем совета клуба «Ветеран» в Якутске.
С супругой мы воспитали четверых детей, из них трое получили высшее образование. Старший сын Анатолий окончил политехнический институт, работает заместителем начальника госпредприятия. Дочь Вера окончила Новосибирский строительный институт, член Союза архитекторов, работает в институте «Якутгражданпроект». Сын Владимир окончил Томский университет, кандидат физических наук, работает в институте космофизики, сын Данил окончил Якутское художественное училище, работает художником газеты. Имеем 6 внуков.
С. Соловьев, 18 мая 1995 г.
Негнюров Василий Семенович