Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Устинов Василий Георгиевич

Мин, Василий Георгиевич Устинов, 1920 сыллаахха тохсунньу 1 күнүгэр Орджоникидзевскай оройуонун Хачыкаат нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Аҕа дойду сэриитигэр 1942 сыллаахха барбытым, 1943 сыллаахха төннүбүтүм.
Хачыкаат нэһилиэгиттэн «Кыһыл үрүйэ» колхозтан 60-ча киһи уонна «Труд» колхозтан 70 киһи, барыта 130 киһи армияҕа барбыппыт. Бэрт элбэх буолан «Лермонтов» борохуотунан Лена өрүһү өксөйөн Усть-Кутка тиийбиппит. Онтон Заярскайга диэри массыынанан, Ангара өрүскэ «Карл Маркс» борохуотунан устан, Иркутскайга поеһынан айаннаан Челябинскайга үөрэнэр чааска тиийэн парадка кыттыбыппыт. Челябинскайга үөрэнэ сылдьан саха уола Яковлев сыал ытыытыгар 300 метр сиргэ 10 ботуруонунан фриц ойуутугар 9 буулдьаны биир үүккэ түһэрэн, онуһун арыый кырыытынан табан бүтүн воинскай чааска бастаабыта, стройга хайҕаммыта, тылбаасчыт биэрэн үөрэтэннэр снайпер буолбута. Балтараа ый үөрэтэн баран биһигини биир түүн эмискэ илдьэ барбыттара. Мин 62-с армия 685-с полкатыгар түбэспитим. Сороҕор поеһынан, сороҕор сатыылаан аатырар Волга өрүс биэрэгэр тиийэн кэлбиппит. Биһигини, тыһыынча кэриҥэ киһини, түүнүн өрүһү туораппыттара. Снаряд сиирэ-халты ууга түһэн эстэрэ, хата этэҥҥэ биэрэккэ тиксибиппит. Немецтэр куоракка этилэр. Оборонаҕа сытан куһу бултаһар курдук сыаллаан көрбүт фрицтэрбитин ытан охтортуурбут. Онтон сотору атаака буолбута. Снаряд бөҕө эстэрэ, буулдьа биир кэм ыйылаан олороро. «Ураа!» — хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэн испиппит баара… Биирдэ өйдөммүтүм атаҕым кыа хаан буолан сытар эбиппин. Киэһэ буолуута нэһиилэ сыыллан тахсыбытым. Мунан хараҥаҕа атын чааска кэлбит этим. Онно кыра оҥкучахха сытан бэйэм бэрэбээскилэммитим. Арай түүн аллараанан өстөөх самолёта мин үрдүбүнэн, пулемётунан ыта-ыта аа-дьуо элиэтээн ааста. Эмиэ кэлиэ диэн бинтиэпкэбэр стальной ботуруону уктан баран бэлэм олордум. Ол олордохпуна иккиһин кэллэ. Онно иккитэ ытан хааллым. Ону кытта тэҥҥэ самолёкка уот сандаара түстэ да — икки немец парашютунан түстүлэр. Ону биһиги дьоннорбут тутан ыллылар. Самолёт сиргэ тиийбэккэ умайан салгыҥҥа эстэн хаалбыта. Онно атын чаас командира: «Ким ытта?» — диэн ыйыппыта, ону «Мин ыттым, 685-с
стрелковай полк рядовойа Устинов Василий Георгиевич», — диэтим. Командир: «Эйиигин наҕараадаҕа түһэриэхпит», — диэтэ. Сарсыарда сыыллан иһэн взводум командирын көрсүбүтүм, бааһыран иһэрин. Поеһынан айаннаан Энгельс куоракка кэлэн 5-с госпитальга эмтэммитим. Онтон үтүөрэн чааспар кэлэн казарма оҥосто сылдьан араанньым бааһа аһыллан, сытыйан, Саратов куоракка госпитальга эмтэммитим. Үһүс группалаах инбэлиит буолан 1943 сыл атырдьах ыйыгар дьиэбэр кэлбитим.
1948 сыллаахха Екатерина Сидоровна Петровалыын холбоспуппут. Горнай оройуонун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр уолаттарбыт Аркадий 1949 сыллаахха, Александр — 1950 сыллаахха, Василий — 1952 сыллаахха, Руслан — 1956 сыллаахха төрөөбүттэрэ.
1958 сыллаахха куоракка үлэҕэ киирбитим. УМИТремстройга маастардаабытым, пенсияҕа 1975 сыллаахха тахсыбытым.
Екатерина Сидоровна 1931 сыллаахха сэтинньи 4 күнүгэр Бүлүү оройуонун Илбэҥэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ, үөрэҕэ суох. 1965 сыллаахха универмакка үлэҕэ киирбитэ. 1981 сыллаахха пенсияҕа тахсыбыта.

Василий Георгиевич 1991 сыллаахха тохсунньу 14 күнүгэр өлбүтэ.
Екатерина Сидоровна 1992 сыллаахха тохсунньу 14 күнүгэр өлбүтэ.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.