Алексей Андреевич Аргунов 1907 сыллаахха Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүт алтыалар этэ.1931с.колхозка чилиэнинэн киирбитэ. 1932 сылтан сэриигэ барыар дылы хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ.
1941 с. балаҕан ыйыгар бэбиэскэ тутан Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ барбыта. Забайкальеҕа Мальта станцияҕа икки ый байыаннай үөрэххэ үөрэппиттэр. Ленинградскай фроҥҥа 311 – стрелковай пехотнай дивизияҕа сылдьыбыт. Бастаан винтовка онтон ручной пулемет анаабыттар. 1942 с. Ленинград таһыгар Волхов өрүс иккис Волховскай фроҥҥа сэриилэспит онно бааһыран госпитальга киирэн эмтэммит. 1943с.3-с Волховскай фроҥҥа сэриилэһэ сылдьан төбөтүгэр оскуолка түһэн контузияланан өр эмтэнэн баран, дойдутугар 1943 сыл бүтэһигэр кэлэр.
Албан аат 3 степеннээх, Улуу Сэрии 1 степеннээх орденнара, Германияны кыайыы иһин медаллара, Волховскай Фронт ветерана, Ленинград иһин охсуһуу кыттыылааҕа,Үлэ бэтэрээнэ.
Сэрииттэн кэлээт колхоз биригэдьииринэн талыллан 17 сыл устата үлэлээбит. Пенсияҕа тахсан баран кадровай булчут.Былаанын наар аһары толорор эбит. Коммунистическай үлэ ударнигын аатын ылбыта.Кэргэнин Софья Владимировнаны кытта 6 оҕону иитэн – көрөн таһаарбыттара. Билигин кинилэр олохторун сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыбыт.
“Мин Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бириэмэтигэр фроҥҥа да, тыылга да бэйэм иэспин Ийэ дойдум иннигэр чиэстээхтик толорбутум, ” – диэн этэр эбит. Биһиги аҕабытынан, эһэбитинэн, хос эһэбитинэн киэн туттабыт!
Аргунов Алексей Андреевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.