Би4иги хос э4ээбит Егоров Павел Евсеевич I Мэльдэхси нэhилиэгэр от ыйын 13 кунугэр 1913 сыллаахха тэрээбутэ. 1932 сыллаахха Колосова Александра Васильевналыын ыал буолан 3 о5оломмуттар.
1932 сыллааха Комсомол путёвкатынан кэмус хостооhунугар Алдацца улэлии барбыта.
1941 сыллаахха Майа5а «Машино-тракторнай станция» тэрилтэ5э биригэдьииринэн ананан улэлии сылдьан А5а дойдуну кэмускуу сэриигэ барбыта.
Кини Нижне-Уденскай ковалерия5а анаан хас-эмэ ый уэрэнэн, Москва куорат анныгар сэриигэ барбыт.
Генерал Белов хамандыырдаах I- кы гвардейскай ковалерийскай корпус №136 полкатыгар сылдьыбыта.
Москваны кэмускээhиццэ Ар5алыы-со5уруулуу фроцца сэриилэhэр армия5а тиийбитэ.
Эhээбит сэриигэ сылдьан ыыппыт суруга «Кыым» хаhыакка 1942 сыл Атырдьах ыйын 22 кунунээ5и нуэмэригэр тахсыбыт. Амма Аччыгыйын «Сэриилэhии» диэн статьятыттан быhа тардыы: « Эмкэ сылдьар Павел Егоров (Мэцэ-Хацалас) суругун ылыа5ын. «Москва аннынан бааhыран сыттахпына, автоматтар буулдьаларын аннынан киирэн, санитардар таhаарбыттара. Сталин национальнай политиката советскай гражданнарга биирдиилэригэр тиийбитин мин манна толору биллим. Немец хаанымсахтарын советскай сир ньууруттан уурсуhэн, дойдуга тыыннаах тиийдэххэ, ыччаттарга уонна кэргэттэргэ киэн туттуох, сэhэн оцостуох этибит» диэн суруйар патриот Павел».
Улуу Москва анныгар хаан тохтуулаах кыргыhыылартан кини биир тугэни умнубат этэ. Ити билицци Домодедово куорат оборуонатыгар сыттахтарына немецтэр танкалардаах кимэн киирэллэр. Бастакы атааканы биhиэннэрэ тэттэру охсоллор.
Иккис атаака5а немец танкалара пулемётынан ыта-ыта ойуурунан хаххаланан киирэллэр. Биир танк чугаhаан кэлбитин Павел 2 гранатанан быра5аттаан танк тиhилигин быhа тэптэрбитэ уонна умаппыта. Умайбыт танкаттан сиргэ ыстанан туhутэлээбиттэри бинтиэпкэнэн ытыалаан элэртуур. Ити хорсун быhыытын иhин командирыттан махталы ылар.
Ус тэгул ыарахханнык бааhыран дойдутугар эргиллэн кэлээт эмиэ трактористар биригээдэлэрин салайбыта.
Бу туhунан «Ленинскэй знамя» хаhыакка 1992 сыллаахха олунньу 22 кунугэр Е.Белолюбскай статьята тахсыбыта.
Э4ээбит Егоров Павел Евсеевич А5а дойду сэриитин I степэннээх орденын хаhаайына, улэ бэтэрээнэ, Мэцэ-Хацалас улууhун Бочуоттаах олохтоо5о, Саха Республикатын бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев Махтал суругун тыыннаа5ар туппута.
Ону тэнэ хорсун бы4ыытын, бэриниилээх улэтин туо4улуур элбэх мэдээллэрдээх:
«За победу над Германией»
«За Оборону Москвы» 1944сыл.
« За Отвагу в великой Отечественной войне» 1944 сыл.
«За Доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945гг.» 1945 сыл.
«20 лет Победы в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг.» 1965 сыл.
«25 лет Победы в Войне 1941-1945 гг.» 1970 сыл.
«30 лет Победы в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг.» 1975 сыл.
«40 лет Победы в великой Отечественной войне 1941-1945 гг.» 1985 сыл.
« 50 лет победы в Великой Отечественной войне 1941-1945гг.» 1995 сыл.
«50 лет Вооруженных сил СССР».1967 сыл.
«60 лет вооруженных сил СССР».1978 сыл.
ия.