Мин а5ам Николаев Николай Иннокентьевич 1922с. Горнай оройуонун Мытаах нэhилиэгэр төрөөбүт.
1943 с. олунньу 20 кунугэр армияҕа ыҥырыллыбыт. Германскай фашизмы утары фроҥҥа сэриилэспит, байыаннай пехотнай училищега уөрэммит. 48 армия 137 стрелковай дивизиятын 624 стр. полкатын 9 ротатын взводун, онтон ротатын хамандыыра, лейтенант.
Белостокскай уобалас Королин дэриэбинэтигэр 1944 с. от ыйын 12 күнүгэр өстөөх 3 төгул контратааканан утары киирэн, Николаев Н. И. ураты хорсун киирсиитинэн, 30 немец саллаатын сүтэрбитэ. Ити кэнниттэн үс хонугунан 1944с. от ыйын 15 күнүгэр Белостокскай уобалас Михайлы дэриэбинэтигэр Николаев Н. И. взвода гранатанан өстөөҕү утары быраҕан, ол киирсиигэ взвод командира Николаев Н. И. бастакынан өстөөх траншеятыгар ыстанан, дэриэбинэни өстөөхтөн босхолуур. Өстөөх 4 тогул контратаака5а киирэр да, Николай Иннокентьевич взводун кыайбат, үгүс сүтүктэнэр.
Взводугар төһө да а5ыйах киhилээх хааллар, Щиты дэриэбинэ5э илиинэн утары киирсиигэ Николаев Н. И. взвода 40 немец саллаатын охторор уонна бу дэриэбинэни өстөөхтөн босхолуур. Бу охсуhууга Николай Иннокентьевич улаханнык бааhырар.
Аҕа дойдутун иннигэр ураты хорсуннук сэриилэhэн, 1944 сыл атырдьах ыйын 5 күнүгэр үрдүк Правительственнай наҕарааданан – Кыhыл Знамя орденынан наҕараадаланар. Сэбиэскэй Союз бастакы уордьана – Кыhыл Знамя. Бойобуой киирсиилэргэ ураты хорсун быhыыны көрдөрбүттэр эрэ наҕараадаланаллара. Онон бу уордьан суолтата олус улахан.
Аҕам барахсан, саха чулуу уола буолан, Забайкалье5а стрелковай – миномётнай училищега үөрэниитэ, уоттаах сэриигэ тиийэн, лейтенант званиетын ылыыта, взводу, араас омуктартан турар бүтүн ротаны хамаандалааhына чахчы да уhулуччу кыахтаа5ын кордорор.
Кини итинник билиилээх-көрүүлээх, хорсун-хоодуот санаалаах буолуута сэрии иннинэ Алдаҥҥа көмүс хостооhунугар араас омук дьонун кытта алтыhыытыгар чочулуннаҕа буолуо диэн тойоннууллар биир дойдулаахтара. Ол туhунан суруйар Улуу Кыайыы 70 сылыгар «Кыа хааннарын тоҕон, хорсуннук сэриилэhэн» диэн хорсун буойуннары үйэтитэр суҥкэн кинигэни таhаарбыт автор, суруналыыс, Горнай улууhун «Үлэ күүһэ» хаhыат редактора Алексеев В.И.
Кыhыл Знамя уордьанынан Горнай оройуонугар төрөөбүт-үөскээбит дьонтон мин аҕам собус-со5ото5ун бу дойдубут саамай урдүк наҕараадатын ылбытынан, улуус Геройун курдук сыаналыыбыт диэн бэлиэтиир ити кинигэ автора.
Аҕам сэрииттэн кэлэн баран , промартыалга уhун кэмнэ фотограбынан, лесхозка, коммунальнай хонтуора5а бухгалтерынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Хорсун буойун улуус бастакы фотографтарыттан биирдэстэрин быhыытынан Горнай улууhун «Бэчээтин музейыгар» аата-суола, хаартыската баар. Кини улуус сэрии кэннинээҕи олоҕун дьаhаҕын, дьонун-сэргэтин үйэтиппит умнуллубат үтүөлээх.
Аҕабыт «Воспоминания» диэн 253 страницалаах уоттаах сэриигэ сылдьыбытын туhунан ахтыы- рукопиhын хатаммыт ыскаапка уурбутун быйыл булан олус долгуйдубут, соhуйдубут, сөхтүбүт. Кини бу суҥкэн үлэтэ, суруйбут кистэлэҥ санаалара Улуу Кыайыы 75 сылын чугаhыгар көстүбүтэ олус дьикти, интэриэhинэй. Аҕабыт хаарыаннаахай эдэр сааhын сыллара дьулааннаах сэрии, онно иэдээннээх куйаас, сут-кураан кэмҥэ ааспыттар. Үгүс эрэйи көрбүтүн, хорсуннук сэриилэспитин туhунан киhи долгуйбакка эрэ кыайан аахпат. Аҕам бу ахтыытын Горнай улууhун «Үлэ күүһэ» хаhыат редактора, суруналыыс Алексеев В. И. сыралаахтык үлэлэhэн «Уhаарыллыы» диэн ааттаан Кыайыы 75 сылын өрөгөйдөөх үбүлүөйүн көрсө кинигэ оҥорон таhаарда. Аҕам барахсан хорсун сырыыта үйэ саас тухары өйдөбүнньүк буолан история5а киирдэ!
Аҕам биhиэхэ хаhан да мээнэ сэрии кэмигэр көрсүбүт дьулааннаах быhыыларын туhунан кэпсээбэт этэ. Арааhа, биhигини харыстаабыта буолуо.
Төрөөбүт улууhун, Мытааҕын дьоно күн бүгүнүгэр диэри кини уоттаах сэриигэ хорсун сырыыларын, олоҕун интэриэhиргииллэриттэн, чинчийэллэриттэн долгуйа уөрэбит.
Аҕабыт олорбут ыарахан да, дьоллоох да кылгас олоҕо, о5олордоох-сиэннэрдээх буолан, симэлийэн хаалбата.
Кини оло5ун суолун инники диэки дьүккүйэн билигин оголоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салҕыыбыт.
Ахтыыны суруйда
Николаев Н. И. кыра кыыhа Прибылых Любовь Николаевна
– РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэhитэ;
– СР үөрэҕириитигэр туйгуна;
– «Уус-Алдан улууhун үөрэҕириитигэр кылаатын иhин» бэлиэ хаhаайына;
– Республикатаа5ы «Бастыҥ уруок» конкурс Лауреата;
– «Уус-Алдан улууhун Бастыҥ иитээччитэ» анал аат хаhаайына;
– «Төрөппүт биhирэбилин ылбыт иитээччи» анал аат хаhаайына.
30.04.2020 сыл.