Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Бочкарева Зинаида Васильевна – Стахановец Зинаида

Ийэбит Бочкарева Зинаида Васильевна1927 сыллаахха Дьокуускай куоракка төрөөбүтэ. Кини Тыыл, үлэ ветерана, «Ийэҕэ албан аат» орден I, II, III степенин, «Ийэ буолуу» мэтээл I степенин, «1941-1945с.с. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин», Улуу Кыайыы 40, 50 сс. «Маршал Жуков» мэтээллэр кавалера, бастакы стахановец. Ийэбит эрдэ тулаайах хаалбыта. Ииппит дьоно Федора, Василий, Александра, Дмитрий Скрябиннар, Дария Андрей Кычкиннар. Тулаайах буолан ситэ үөрэммэтэҕэ, колхуоска оҕус сиэтииттэн саҕалаан үлэлээбитэ. Саҥа улаатан эрдэҕинэ сэрии саҕаламмыта. Сэрии ыар тыынын, аас-туор олоҕун этинэн-хаанынан толору билбитэ. Бөһүөлэккэ оҕо-уруу хаалбыта. Онно оччотооҕу кыргыттар эр киһи күүстээх, ыарахан үлэтигэр үлэлээбиттэрэ. 1944-1945 сс. Үлэ фронугар Орджоникидзевскай оройуон Иһит уонна Буотама диэн сирдэригэр «Коммуна Суола» колхозтан Маркова Елена Дмитриевна, Молотов аатынан колхозтан Андросова Мария Петровна уонна Андросов Егор Михайлович буолан үлэҕэ барбыттара. Тыаҕа мас кэрдэн, охторон, эрбээн, мутугун ыраастаан, мээрэйдээн тутуу маһын өрүс кытыытыгар таһарга, бэлэмнээһиҥҥэ үлэлээбиттэрэ. Ити курдук сэрии кэмигэр ыраах улууска баран үлэ фронугар кыайыыны уһансыыга бэйэтин кылаатын киллэрбитэ. Үчүгэйдик үлэлээбиттэрин иһин 15м диагональ таҥаһынан бириэмийэлээбиттэр. Онтон кэлэн бурдук ыһыытыгар, сайын окко, кыһын фермаҕа 80 төбө сүөһүгэ соҕотоҕун күҥҥэ иккитэ кырынан от тиэйиитигэр, күһүн бурдук баайыытыгар, бурдук быһыытыгар 3-түү акка куучамынан үлэлээбитэ. Эр киһи үлэтин толлубакка оҕонньоттору, уолаттары кытта бииргэ үлэлиирэ.
Рыбтрескэ Төҥүлү, Матта, Уһун-Эбэ күөллэригэр балыктааһыҥҥа, Матта, Төҥүлү оскуолаларыгар саһаан мас кэрдэн тиэйиигэ үлэлээбитэ. 1946 сыл сэтинньи 18 күнүгэр баара суоҕа 19 саастааҕар «1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээли наҕараадаламмыта. Сүрдээх кытыгырас, сүүрүк этэ. Сыл аайы ыһыахтарга сүүрэрэ. Уус-Алдаҥҥа Маҥан өтөх диэн сиргэ Саха республикатын 25 сылыгар аналлаах улахан ыһыахха сүүрэн барыларын ырааҕынан быраҕан кыайан мүһэ уонна харчынан бириэмийэ ылбыта. 1948 сыл 1 Мөҥүрүөн нэһилиэгэр Кутурук уокуругуттан с/с депутатынан талыллыбыта. Сэрии кэнниттэн «Кыһыл Агроном», «Молотов», «Октябрь» аатынан колхозтарга, М.Горькай совхозка от-мас тиэйиитигэр,бурдук үлэтигэр, арыыһытынан, ньирэй көрөөччүнэн, ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Манна, Таракка, пенсияҕа тахсыар диэри ыанньыксыттаабыта. Ыраас туттуулаах, олус үөрүнньэҥ, эйэҕэс, асчыт, элбэх оҕолоохпун диэн үлэттэн аккаастаммата. Уопсай үлэҕэ, субуотунньукка, концертка кыаҕа баарынан кыттара.
Саҥаҕа, кэрэҕэ олус тардыһар этэ: элекричество кэлбитигэр ким хайа иннинэ атыылаһыннара охсоро, электро- прибордары, электрическэй, газ оһохтору, телевизоры, радиоланы түргэн баҕайытык баһылаабыта. Дьиэтин-уотун, таҥастары-саптары сууйан-сотон, тигэн оччотооҕу кыра дохуокка, хамнаска харчыны кэмнээн туттан, кимтэн да көрдөспөккө, элбэх оҕотун дьон тэҥинэн аһатан-сиэтэн улаатыннарбыта. Куруутун сүүрүүнэн сылдьара, ыһыахтарга Кыайыы 50 сылын бэлиэтиир ыһыахха ветераннарга сүүрэн 2-с миэстэни ылбыта. Үөрэхтээҕэ буоллар экономист дуу, инженер дуу буолуо эбит.
Оҕолорун үөрэхтэригэр наһаа кыһанар этэ. Билиҥҥи үйэҕэ үөрэх улахан суолталаммытын өтө көрбүт эбит. 1947 сыллаахха Бочкарев Роман Дмитриевичкэ кэргэн тахсыбыта. 7 кыыс 2 уол оҕолонон үөрэхтээх, үлэһит дьон гына иитэн таһаарбыттара. Зинаида Васильевна 1999 сыллаахха ыарахан ыарыыттан өлбүтэ.
Оҕолоруттан 7 үрдүк, 2 орто-анал үөрэхтээх араас идэлээх специалистар буолбуттара. Бары Төҥүлү орто оскуолатын араас сылларга ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбиттэрэ.
Биһиги төрөппүттэрбит бу Тарат бөһүөлэгэр үлэ-хамнас үөһүгэр наһаа дьоллоохтук, эйэ дэмнээхтик үөрэн-көтөн, дьон норуот ытыктабылын ылан, аймахтарыгар көмөлөһөн, оҕолорун да иитиһэн нэһилиэк сайдарын туһугар биригээдэ үлэтигэр бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрсибиттэрэ.
Ахтыыны суруйда: Бочкарева Анна Романовна

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.