Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Бурцев Яков Митрофанович

1941-43 сс. аҕатын Митрофан Васильевиһы кытта балык биригээдэтигэр үлэлиир.
1943 сыл бэс ыйын 3 күнүгэр Чурапчытааҕы республиканскай военнай комитетынан армияҕа ыӊырыллан МНР-га Чайболсан куоракка 17-с армия штабыгар 20-с оһуобай полевой управление ротатыгар 1946 сылга диэри военнай складтары харабыллаабыта. Итинтэн салгыы 1949 с. диэри Приморскай кыраайга Советскай Гавань диэн сиргэ 17-с армия 36-с оһуобай рота састаабыгар сылдьан байыаннай складтары харабыллаабыта. Штатка воинскай стрелок дуоһунаһын сүкпүтэ. Южнай Сахалиӊӊа Тайхара куоракка американскай массыыналар запчастарын тутар складтары харабыллааһыӊӊа сулууспалаабыта. 1949 сыл атырдьах ыйыгар армияттан демобилизацияламмыта.
1949 с. балаҕан ыйын 8 күнүгэр Уус-Алданнааҕы МТС-ка Ɵлүөнэ өрүскэ дьону Суотту биэрэгиттэн Кангаласка туоратар водокатерга моторист көмөлөһөөччүтүнэн сылдьан ити сыл сэтинньи 10 күнүттэн МТС-ка токарынай станокка үөрэнэн токарынан үлэлээбитэ.
Итинтэн салгыы 1951 сыл ыам ыйын 3 күнүгэр Дьокуускайдааҕы механизация оскуолатыгар суоппардар курстарыгар үөрэнэн 1952 сыллаахха бүтэрбитэ.
1952 сыл тохсунньу 7 күнүгэр МТС-ка III-с кылаастаах тутулуга суох, бэйэтэ бэйэтигэр суоппарынан үлэлээбитэ.
1957 с суоппар II-с кылааһын туттарбыта. 1960 сыл олунньу 24 күнүгэр Райпотребсоюзка переводтанар уонна ити сыл кулун тутар 18 күнүттэн суоппарынан үлэлээбитэ.
1963 сыл балаҕан ыйын 20 күнүттэн 1964 сыл алтынньы 30 күнүгэр диэри Уус-Алданнаҕы лесхозка суоппарынан үлэлээбитэ. Ити сыл сэтинньи 7 күнүттэн 1967 сыл тохсунньу 31 күнүгэр диэри Бэстээх автобазатыгар суоппардаабыта.
1967 сыл олунньу 3 күнүттэн райтопка суоппардыы сылдьан ахсынньы 22 күнүгэр межколхозстройга перевод быһыытынан дьаһал тахсан күһүн кэлэн суоппардаабыта уонна 1970 сыллаахха ахсынньы 23 күнүгэр доруобуйатын туругунан тохтотуллубут.
1971 сыл олунньу 15 күнүгэр слесарь-электрик штатыгар Чараӊнааҕы ситэтэ суох оскуолатыгар суоппар быһыытынан ылыллан үлэлии сылдьан доруобуйатын туругунан 1974 сыл кулун тутар 31 күнүгэр тохтотуллубут.
1974 сыл муус устар 3 күнүгэр Райбыткомбинатка перевод быһыытынан суоппарынан ылыллан үлэлии сылдьан 1976 сыл кулун тутар 3 күнүттэн Уус-Алданнааҕы профессиональнай пожарнай чааска переводтаммыт (РЭС-2).
1976 сыл муус устар 1 күнүттэн 1980 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр диэри Уус-Алданнааҕы мелиорация ПМК-гар харабылынан үлэлии сылдьан кырдьаҕаһынан пенсияҕа тахсыбыт.
Яков Митрофанович 24 сыл устата суоппардаан үтүө суобастаахтык үлэлээн барыта холбоон 36 сыл ыстаастаах. Онтон 6 сылын Ийэ дойдутун көмүскээһиӊӊэ сулууспалаабыта.

Наҕараадалара

1945 с. – Махтал сурук, 373 № Верховнай Главнокомандующайыттан Генералиссимустан табаарыс И. Б. Сталин аатыттан 1945 сыл атырдьах ыйын 23 күнүгэр японскай халабырдьыттары утары охсуһууга ураты байыаннай дьайыыгыт, Улахан Хинган сис хайаны туораан ааһааһыӊӊыт уонна монгольскай уута суох хонуу куйаарын тулуурдаахтык туорааһыӊӊыт иһин.
1945 с. – медаль “Дьоппуону кыайыы иґин”
1970 с. муус устар 15 күнэ – медаль “В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылын туолуутугар килбиэннээх үлэтин иһин”
1945 с. – медаль “Германияны кыайыы иһин”
1982 с. муус устар 23 күнүгэр – медаль “ Үлэ ветерана”, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун укааһынан СССР Верховнай Советын Президиумун аатыттан өр сылларга килбиэннээх үлэтин иһин.
1985 с. бэс ыйа – юбилейнай медаль “Улуу Аҕа дойду 1941-45 сс. сэриитин кыайыы 40 сыла” СССР Верховнай Советын Президиумун укааһынан.
1992 с. балаҕан ыйын 21 күнэ – медаль “Улуу Аҕа дойду 1941-45 сс. сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” СССР Верховнай Советын Президиумун укааһынан Улуу Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин уонна дьулуурун иһин.
1995 с. – түөскэ анньыллар знак уонна удостоверение “Сэрии ветерана”.
1995 с. ыам ыйын 9 күнэ – түөскэ анньыллар знак уонна удостоверение “Тыыл ветерана”, Улуу Аҕа дойду 1941-45 сс. сэриитин кыайыы 50 сылынан анаан /М.Е. Николаев.
1996 с. олунньу 19 күнэ – “Жуков мэтээлэ” /Российскай Федерация Президиума
1948 с. – Юбилейнай мэдаль “РККА 30 сылынан”

Дьиэ-кэргэнэ

1956 сыл сэтинньитигэр Орлова Евдакия Ивановна кыыһынаан Копырина Аграфена Егорвналыын заксаланаллар уонна 5 оҕону: 3 кыыс, 2 уол оҕону иитэн улаатыннарбыттар. 12 сиэннээхтэр, 7 хос сиэннээхтэр
Яков Митрофанович 72 сааһыгар 1997 сыл сайыныгар ыалдьан кун сириттэн суох буолар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.