Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Киприянов Роман Осипович

Аҕабыт Арамаан 1920 сыллаахха тохсунньу 8 күнүгэр Арҕаа Хаӊалас биир кэрэ сиригэр Буотама учаастагар төрөөбүтэ. Аҕата – Осип Алексеевич колхозка уhаммыта, үлэ фронугар сылдьыбыта, «Аҕа дойду сэриитин кэмигэр үлэҕэ килбиэнин иhин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Ийэтэ – Мария Семеновна, Арамаан 3 саастааҕар өлбүтэ.
Арамаан С.П.Барашков туттарбыт Тииттээх оскуолатыгар 2 сыл үөрэммитэ. Доруобуйатын туругунан салгыы үөрэммэтэх. Кыра эрдэҕиттэн аҕатыттан көрөн уhанарга үөрэммит, ити курдук сылдьан колхоз үлэһитэ буолар. Сэрии иннинэ – 4, сэрии кэнниттэн – 1 уhун сындалҕаннаах, эрэйдээх айаннаах Ааллаах Үүӊӊэ таhаҕас таhыытыгар сылдьыбыта.
1942 сыллаахха сайын оттуу сырыттаҕына, биригэдьиир сэриигэ ыӊырыы суругун туттарбыт. Аҕата Осип Алексеевич уолун Покровскайга дылы атаарбыт, салгыы үгүс элбэх сэриигэ ыӊырыллыбыттары кытта «Ленин» теплоходунан Уус-Кукка дылы, онтон Мальтаҕа дылы поеhынан айаннаабыттар. Мальтаҕа байыаннай үөрэххэ үөрэнээт, стрелогунан, пулеметчигынан ананан фроӊӊа барбыт. Бастакы кимэн киириигэ бааhыран, балтараа ый госпитальга эмтэммит. Үтүөрбүтүн кэннэ Арҕаа Украина фронугар 156 стрелковай полк пулеметчигынан ыыппыттар. Бу сэриигэ уӊа атаҕар иккис улахан бааhырыытын ылбыт. Госпитальга вещмешогун, докумуоннарын сүтэрэн кэбиһэр.
Салгыы Белорусскай фроӊӊа 56 стрелковай полк бригадатыгар холбоhон барар. Манна аҕабыт Арамаан үсүhүн хаӊас санныгар ыараханнык бааhырар. Ивановскай уобалас Тейково куоратыгар госпитальга эмтэнэр. Уһун кэмнээх эмтэнии кэнниттэн, 3 группалаах инбэлииккэ таhааран комиссиялыыллар. 1944 сыллаахха от ыйыгар төрөөбүт дойдутугар эргиллэр.
Аҕабыт кэлээт да, атыыһытынан үлэлиир. 1946 сыллаахха ийэбитин Карпова Вера Степановналыын холбоһон, утуу-субуу 11 оҕолоноллор.
Кэлин тутааччынан, онтон сайын от биригээдэтигэр звеневодунан, кыhынын кадровай булчутунан үлэлээбитэ. Саха сиригэр Баргузскай кииhи аҕалбыттарын кэннэ, биир бастакынан кииhи бултаан Иркутскай научнай институту кытта үлэлэспитэ. 1971 сыллаахха биир кыhын иhигэр 11 бэдэри бултаабыта билигин да кэпсээӊӊэ сылдьар.
Аҕабыт Арамаан удьуордаан туран уус этэ. Хачыкаат нэhилиэгэр элбэх дьиэни туппута, остуол, олоппос, хомуот о.д.а. олус маастардаан оӊороро. Кырдьар сааhыгар диэри үлэни өрө тутан сылдьар оҕонньор этэ: сылгытын бэйэтэ көрөрө, маhын мастанан, отун оттонон олорбута.
Роман Осипович Тыа хаhаайыстыбатын Министерствотын Бочуоттаах грамотатынан, «В.И.Ленин 100 сааhынан», «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээллэринэн, «Аҕа дойду сэриитин II степенэ» орденынан, «Ытык аҕа» анал бэлиэнэн наҕараадаламмыта, Хачыкаат нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Бэс ыйын 12 күнүгэр 2010 сыллаахха 90 сааһыгар сылдьан өлбүтэ.
Роман Осипович сэриигэ сылдьыбытын туһунан маннык кинигэлэртэн булан ааҕыахха сөп:
1. Герасимов Г.М. Роман Осипович Киприянов.// Хачыкаат. 2009.
2. Герасимов Г.М. Сирдээ5и дьолу билээри… // «Хаӊалас» хаһыат, 2005.
3. Герасимов Г.М. Киприянов Роман Осипович.// Ейдебунньук кинигэ, 2005.
4. Альбина Артюшкина. Солдат, не умевший разговаривать по-русски// Хангаласцы в Великой Отечественной. 2 том, 2010.

Кыыhа Валентина Романовна Киприянова ахтыыта

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.