Кулаковская Матрена Павловна 1941 сыллаахха олунньу саҥатыгар Таастаах оскуолатыттан 1 Хомустаах (Партизан) оскуолатыгар көһөн киирбитим. Ити сылтан эдэр учууталлар буолан агитационнай үлэни күүскэ ыыппыттар. Бу сыл эбээбит эдэр комсомолка учуутал 4 нэһилиэк о5отуттан тэриллибит пионер лаа5ырыгар начальнигынан хаалбыт. Баһаатайдарынан 9 кылаас үөрэнээччилэрэ анаммыттар. Суостаах сэрии буолара аан маҥнайгыттан биллибит, дьон наһаа аймаммыт. О5олорун тар5атан колхоз үлэтигэр көмөлөспүтүнэн барбыттар. Ити күһүн учуутал эр дьон армия5а ыҥырыллыбыттар. Итинтэн ыла тугу барытын фронт туһугар диэн лозуннаах үлэлээбиттэр. Оттук маһы, мууһу бэйэлэрэ ылбыттар. Агитационнай үлэни күүскэ ыыппыттар. Аҥардас биирдии агитатор элбэх ыаллары хабан итии таҥаһы, заём облигациятын, күндү металлары хомуйбуттар. Биһиги эбээбит Матрена Павловна со5отох бэйэтэ заём облигациятын 2025 солк 1082 гр үрүҥ көмүһү, 3 гр кыһыл көмүһү, 155 солк харчыны, 20 устуука ичигэс таҥаһы хомуйан туттарбытын туһунан квитанцияларын өргө дылы илдьэ сылдьыбыт. Бу сайын оскуола5а со5отох хаалбыт.
1944 сыл сайыныгар «Кыһыл Партизан» колхозка школьнай биригээдэни республика5а биир бастакынан тэрийэн үлэлэппит. Улахан уолаттар косилканан от о5устарар, арыый кыралар ат кыраабылынан от мустарар эбиттэр. Онтон кыралар эбээбитин кытта илии мунньуутугар сылдьыбыттар. Күһүнүн хортуоппуй хостооһунугар, куолас ичигэстээһинигэр үлэлээбиттэр.
Эбээбит Матрена Павловна педагогическай үлэ5э 42 сыл устата үлэлээбитэ.
Кулаковская Матрена Павловна
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.