Неустроев Егор Афанасьевич 1923 сыллахха Тулээх нэhилиэгэр Хаттыгыга “Охонооhой солооhунугар” торообутэ. Туулээх оскуолатыгар 5 кылааhы бутэрбитэ. Холкуоска, хонууга ,онтон 1941 сылтан уп агенынан улэлээбитэ. 1942 сыл бэс ыйын 27 кунугэр Чурапчы военкоматынан армия5а ынырыллыбыта. Читинскэй уобаласка Мальта станция5а военнай сборга уорэммитэ, званията рядовой. 1943 сыллаахха тохсунньу ыйга аан бастаан Калининскай фронна сэриигэ киирбитэ. 1943 сыллаахха кулун тутар ыйга диэри 858 саппаас стрелковай полка5а сэриилэспит. Ата5ар бааhыран Калуга куоракка госпитальга эмтэммитэ. Онтон уhус Белорусскай фронна сэриилэспитэ. Илиитигэр бааhыран Орехово-Зуево куоракка госпитальга 3,5 ый эмтэммитэ. 205 туспа этэрээккэ минерунан сылдьыбыта. 1945 сыллаахха сэтинньигэ дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Хаттыгы колхозка председателинэн, биригэдьииринэн, ферма сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ. Наспо председателин солбуйааччытынан, атыылааччынан улэлээбитэ. Кэлин 1964 сыллаахха Дьокуускайдаа5ы мелиоводстройга маастарынан, онтон Якутрыбзаводка улэлээбитэ. 1941-1945 сыллардаа5ы А5а Дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх улэтин иhин, Германияны кыайыы иhин мэдээллэринэн на5араадаламмыта.
1981 сыллаахха 40-ча сыл буолан баран бииргэ сэриигэ сылдьыбыт табаарыhын корсо Башкирия5а Салават куоракка баран куулэйдээн, уорэн-котон кэлбитэ. Ол туhунан Башкирия “Ленинский путь” диэн хаhыатыгар бэчээттэммитэ.
А5абыт 72 сааhыгар 1995 сыллаахха ыарахан ыарыыга ыалдьан бу олохтон туораабыта.
Неустроев Егор Афанасьевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.