Никитин Иван Иванович «Чагдаҕа», «Билиистээх» алаас илин бас өтөҕөр дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ 1915 с. кини уҥуоҕунан орто, үрдүк киһи этэ, толору эттээх, былчыҥнардаах этэ. көннөрү күүс өттүнэн тэтиэнэх соҕус этэ, ол гынан олус сымса халбархай. Атаҕынан тустара, утарылаһааччытын тэбэн охторор этэ. Урукку ыһыахтарга, хапсаҕайга, курдаһан тустууга уонна дэриэбинэнэн түмсэн күрэхтэһиигэ охтортообут дьонноро: Харитонов Н.М., Атласов П.М., Томтор бөҕөһө Новгородов П., Бөкө 4 күүстээҕин быраҕаттаабыта. Күүс өттүнэн үһүөн кыайа туталлара да, сымсатынан охтортоон кыайыылаах тахсара. Урукку Араҥас нэһилиэгин үлэґит дьонун үөрдэрэ. Соҕуруу үөрэнэ, үлэлии барыан иннинэ «Чагда», «Хатыспыт» колхозтарга үлэлээбитэ. Сырдык ыраас дууһалааҕа, мөккүөрэ суоҕа, элэккэй быһыылааҕа. Кэлин сылларга Латвияҕа баар сураҕа иһиллэрэ, кэлин билсибэппит.
Никитин Иван Иванович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.