Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Протопопова Ульяна Максимовна

Тыыл бэтэрээнэ Протопопова Ульяна Максимовна ахтыыта
Мин 1922 сыллаахха тохсунньу биэс күнүгэр Өнөр нэһилиэгэр Хаҕадас алааска күнү көрбүтүм. Ийэм Ульяна Федотовна Дорофеева, аҕам Максим Петрович Протопопов этилэр. Кинилэр баайга хамначчыттаабатахтара, оннук кэпсииллэрэ. Бэйэбит сүөһү ииттэн, сиэмэ ыһан, хортуоппуй олордон, бултаан-алтаан, балыктаан аһаан-сиэн олорбуппут дииллэрэ. Кинилэр аҕыс оҕолоруттан мин саамай кыралара, оһоҕос түгэҕинээҕи оҕолоро этим. Икки улахан эдьиийдэрим Матырыаналар улахан ыарыыга ыалдьаннар мин кырабар эдэр саастарыгар олохтон күрэммиттэр. Улахан убайым Ньукулай Лукачевскай Илларион кыыһын кэргэн ылан; алааспыт халдьаайытын үрдүгэр тыаны солоон, балаҕан туттан олорбуттара, элбэх оҕоломмуттара.
Убайым Өндөрөй эдэр сааһыгар ыалдьан өлбүтэ. Киниттэн икки уол хаалбыта, биирэ Атаах Ньукулай диэн ааттанан элбэх оҕолонон, кырдьар сааһыгар тиийбитэ. Улахана Дьөгүөркэ 12-13 сааһыгар миэхэ иитиллэ сылдьан; уоттаах сэрии кэмигэр мин сүөһү көрө көһүүгэ Кэбээйигэ сырыттахпына, Өнөр интэринээтигэр нуорма астаах сылдьан, хоргуйан өлөөхтөөбүт этэ. Уҥуоҕун да булбатаҕым. Сураҕа, Атласов (Мучумаан) оҕонньор Сэмэн аартыгар өтөх үүт уурар оҥкучаҕар, биир эмээхсини кытта уган баран, сиҥнэрэн кэбиспит үһү. Оннук киһиэхэ дьэбир сыһыаннаах дьон баар буолаллар. Төһө да тыйыс-кытаанах кэмнэр-дьыллар кэлэн ааспыттарын иннигэр. Ол кыһын Эһэлээххэ дьон бөҕө хоргуйан өлбүт. Кыһын кыайан көмпөккө, Литвинцевтэр нуучча дьиэлэрин эркинигэр сыһыары саһаан курдук, үрүт-үрдүлэригэр кыстаан испиттэр.
Саас, дьон арыый сэниэлээх өртүлэригэр куобах манньаҕа үллэрэн, көмүү буолбут.Убайым Ньукулай быраатын, оҕо ыйааһына арыый кыра кэлин илдьиэм диэн, кытыыга таһааран бэлэмнээн уурбут. Бастаан сэниэлээхпэр улахан дьону илдьэбин диэн, хас да киһини Оҕонньор сыырын Тамах диэки үрдүгэр сор бөҕөнү көрөн соспут. Онтон быраатын ыла кэлбитэ Мучумаан илдьэ баран хаалбыт. Үлэтин бүтэрэн тиийэн Мучумаантан ирдэспитин ханна гыммытын хантан этиэй. Дьэ сор оҕонньор. Кыһыйбытым иһин хайыам баарай. Интэринээт үлэһиттэриттэн ким да хоргуйан өлбүтүн истибэтэҕим.
Көстөкүүн диэн убайым оҕото суоҕа. Хонооһойтон уоллаах кыыс бааллар. Сааһырдылар. Саамай кыра убайым Лэгэнтэйдээх элбэх оҕолоохтор.
Эһэм аата Бүөтүр Миитэрэйэбис Протопопов (Сыыгына уус) аатырбыт ыҥырыыга сылдьар көмүс ууһа этэ. Баайдар кэргэн сүктэр кыыстарын симэҕин оҥороро. Эбэм аата Аана диэн этэ. Аҕабын Махсыымы кытта бииргэ төрөөбүт Баһылай уола Баача уус тимир ууһа этэ. Кэлин Нам улууһугар Көбөкөҥҥө олохсуйбута. Баача быраата Көстөкүүн эмиэ тимир ууһа этэ.
Мин уончалаах эрдэхпинэ колхуос саҥа тэриллибитэ. Колхуоска киирэр дьонтон сүөһү хомуйаллара. Дьоммуттан биир оҕуһу, ньирэйдээх ынаҕы, тиҥэһэ ылбыттара. Колхуоспут «Кыһыл сулус» диэн ааттаммыта, сыантырбыт Таастаах диэн быыкаа алаас буолбута. Кэлин устааптан ордук сылгылаах эбиккит диэн, дьоммуттан убаһалаах биэни ылбыттара. Ити мин өлүү биэм буолан аһыйбытым, онон чуолкай өйдүүбүн.
Лукачевскай Илларион (Дарыбыан) уолаттара Ньукулай, Миитэрэй уонна Дьуонабыс Миитэрэй, ону кытта Дорофеевтар бары уус дьон этилэр. Дарыбыан уола Ньукулай салалтатынан кинилэр бадьайа оҥорбуттара. Ким дөксө көмөлөһөн үлэлэспитин өйдөөбөппүн. Бадьайаны оҕуһунан тартаран бурдук тардаллара. Анабыл үлэһиттээх этилэр. Мин балтыбынаан Ньукулай кыыһа Хачыаналыын улаатан баран сиэмэ тиэйэн илдьэн бурдук тартарар этибит.
Оннук олордохпутуна колхуостар холбоһон «Чкалов» буолбуттара. Мин 1940 сыллаахха Томутовскай Миитэрэй Миитэрэйэбис I-гэ кэргэн тахсыбытым. Кини колхуос бэрэстээтэлэ этэ. Сэрии саҕаланыытыгар кэргэним биригэдьиирдээбитэ. Сэриини кытта даҕаһан алдьархайдаах сут сатыылаабыта. Дьон бөҕө сэриигэ ыҥырыллыбыта. Кэргэним бииргэ төрөөбүт быраатынаан Томутовскай Миитэрэй Миитэрэйэбис II-дуун иккиэн бастакы хомуурга сэриигэ барбыттара, уонна сэрии бастакы сылыгар иккиэн өлбүттэрэ. Хаарыан да дьон этилэр. Томутовскай аймах бүтэһик оҕолоро этилэр. Кинилэр оннук эстибиттэрэ. Томутовскай диэн араспаанньа суох буолта.
Алдьархайдаах сукка аҕам, быраатым Дьөгүөркэ, убайым Ньукулай үс оҕото иккитэ биир ииҥҥэ киирбиттэрэ, сэриигэ кэргэним быраатынаан өлбүттэрэ. Чахчы иэдээн этэ. Ол кэмҥэ дьиэ кэргэним эр дьонуҥ барыларын сүтэрбитим, ийэбинээн иккиэйэҕин туран хаалбыппыт. Убайым Лэгэнтэй Дьокуускайга учуутал үөрэҕин бүтэрэн, байыаннай үөрэҕин икки сылын бүтэрээтин кытта бииргэ үөрэммит хас да уолаттарын кытта Верхоянскайга хайа хаайыытыгар барар хаайыылаахтары хомбуойдуур милииция оҥорон ыыппыттар. Кини онно тиийэн ити үлэтиттэн уурайан, Адыаччыга учууталлаабыт. Ол сир кыыһын Кирэстиинэни кэргэн ылбыт. Кинилэр, төттөрү-таары көһүтэлии сылдьан баран, биһиэхэ дойдутугар олохтоохтук оҥостон олохсуйбуттара. Биэс оҕоломмуттара. Убайым сэттэ уон үс сааһыгар өлбүтэ.
Уоттаах сэриини даҕаһан иэдээннээх сут. Биир таммах уу халлаантан таммалаабатаҕа. Хас иинэҕэс күөх от үүммүтүн аһыҥа халыҥ үөрэ тоҕо салаан, хонуу сиргэ от төрдүгэһин эрэ хаалларан, хара тыа маһыгар ыттыбыта. Иэдээннээх ынырык сут түбүлээбитэ.
Ити сыл саас эрдэ миигин, Кэбээйигэ барар биригээдэҕэ анааннар, онно барсыбытым. Элбэх сүөһү кыстыыр хотонун, дьон олорор балаҕаннарын бэлэмниир, элбэх сүөһү кыстыыр отун оттуур соруктаах биригээдэ этэ. Анаан кэбиһэллэр, аккаастанар кыах кимиэхэ да суох буолара. Илии хотуурунан, кыраабылынан оттуурбут. Дойдубутугар сут бөҕө. Сир-дойду барыта ааһа кууран, киһи кыайан атыллаабат гына, хайыта барбыт этэ. Ол 1942-1943 сыл кыһыныгар Эһэлээххэ дьон бөҕө хоргуйан өлбүт. Биэс уонча киһи, ол иһигэр оҕо. Убайым Ньукулай көмпүт дьонугар, кэргэним Лукачевскай Дмитрий Ионович ийэтэ, Бараскыабыйа баар эбит. Убайым, туора-маары туруйалаан ыла-ыла, хоргуйан атаҕын нэһиилэ соһо сылдьан; чычаас да буоллар иин хаһан сордонон, сиэрдээхтик көмпүт, Мучумаан курдук сиэрэ суохтук быһыыламматах. Кэбээйиттэн кэлэн баран, Дьөгүөркэ уҥуоҕун көрдөөн, ытыы-ытыы сордоммутум аҕай. Быраатым барахсан ханна сытарын Мучумаан эрэ билэн эрдэҕэ.
Кэбээйигэ саас эрдэ көһөн киирбит биригээдэ, төһө да аччыктаан сордоннорбут, үлэ бөҕөтүн үлэлээбиппит. Хотон да, балаҕан да өрөмүөннээбиппит, туппуппут, от бөҕөтүн оттообуппут. 1942 сыл күһүнүгэр бэрт эрэйдээх, ыарахан колхуоспут сүөһүтүн сүрүн көһүүтэ буолбута. Аара хас да торбосторо тоҥон, ыран өлбүт этилэр. Дьон да сылайан-элэйэн, аччыктаан, сыралара-сылбалара баранан нэһиилэ Сииттэ сирин булбуттара. Ол кыһын Кукаай өтөҕө диэн сиргэ кыстаабыппыт.
1942-1943 сыл кыһыныгар мин түөрт уонтан тахса сүөһүнү көрбүтүм. Кэбээйигэ оччолорго куобах баара. Ол эрэн, биһиги кыыс-дьахтар өртө кыайан бириэмэ булан да, сатаан да бултаспатахпыт. Элбэх сүөһүнү көрөр буолан, үлэбит элбэҕэ бэрдэ, хотонтон да быкпат этибит. Биһиги түөрт дьахтар уонна ийэм хоргуйан өлө сыстыбыт. Куобах иһэ буллахпытына-үөрүү. Буһаран, онно ньуоска бурдук кутан, аһаабыта буоларбыт. Хатыҥ үөһүн, чээрэтин чэй оҥосторбут. Оо, сордонор да этибит. Үлэһиккэ туох эрэ ас сыыһа (нуорма бурдук дуу, сиэмэ дуу) бэриллиэхтээҕэ эбитэ дуу.
Майыһыай Өлөксөөһө ийэм биһиккини өрүһүйбүтэ. Мин киниэхэ иистэнэн биэрэр этим. Ити кыһын сордонон да кыстаабытым. Күрдьэхтээх сааҕы сынньана-сынньана таһырдьа таһаарарым, оппун сүүс сорунан киллэрэрим.
Саас муус устар эргэтин диэки биһигини Ньаҕараада арыыга көһөрдүлэр. Кыстаабыт сирбититтэн ол арыы аҕыс көс үһү. Көһүөхпүт иннинэ, Сэргэй Баһылайа кэлэн кыра бурдук уонна сиэмэ сыыһа түҥэппитэ. Троев Мааппата биэс саастаах кыыстаах. Кини кыыһын, мин ийэбин биир оҕуска таһаҕаспыт дуомун кытта тиэйэн айаннаатыбыт. Айаннаан истэхпитинэ ийэм энэлийэр, улаханнык ыалдьан иһэрэ, кыыспыт ытыыр. Бэйэбит Мааппалыын нэһиилэ салбыҥнаһабыт. Аччыктааһын да сор. Ийэм, Мааппа кыыһа ааһа аччык буолаахтаатахтара. Аччыктааһын да сор. Тоҥнулар, ыарыйдылар, ас көрдөөн сор. Аара икки хонон баран, тиийиэхтээх сирбитигэр дьэ кэллибит. Бары көһөн кэллэхпит дии. Мин дьоммун кытта бииргэ олорумаары, ийэм да ыалдьыбыта бэрдэ, олордор ыал көрдөөтүм. Ийэм олох уһуктатан сытар курдук ыарыйда, аллара саҥата үөһэ, үөһэ саҥата аллара. Эбиитин иһэ ыалдьан уунан ыытар. Хараҕа ыалдьан сор. Хата биир амарах, аһыныгас санаалаах ыал олордон абыраатылар. Манна кэлэн ыалларга иистэнэн биэрэбин, кинилэр ону аһынан төлүүллэр. Инньэ гынан харахпыт арыый сырдаата. Ийэм арыычча буолуута, хараҕа көрбөт буолта. Дьэ, эрэй диэтэҕин. Дьоннорун кытта бииргэ олорон, били Мааппа биэстээх кыыһа хоргуйан, тымныйан өлөөхтөөбүтэ. 1943 сыл сайыныгар Кэбээйигэ сайылаабыппыт, оттообуппут.
Дойдубутуттан барбыппыт икки сыл буолан баран, дьэ төннөөрү үөрүү бөҕө буолла. Биһигини көһөрө кэлбиттэр. Ити Өктөөп бырааһынньыгын кэнниттэн этэ. Мин Арамаан Куличкин Мааппатынаан сатыы сүүс сүөһүнү үүрэммит, аттаах киһи бастаан, айаннаатыбыт. Аллан Эбэни туоруурга муус тыаһыы-ууһуу турара саллыылаах да этэ. Бастаан Кутурукка кэлбиппит. Оо, үчүгэй да этэ. Дойдубут сыта сымара, бу нэлэһийэн сытар бэйэтэ көрүөххэ наһаа күндүтэ. Харахпар уу-хаар баспыта. Дойдубун оччо ахтыбыт, суохтаабыт буоламмын дьолбуттан ытамньыйбытым, сүрэҕим нүөлүйэ ытырбахтаабыта.
Сэрии ыраах буола турара. Алта киһилээх дьиэ кэргэммиттэн ийэбинээн иккиэйэҕин хаалбыппыт. Суох буолбут дьоммун аһыйан ытаабыппын-соҥообуппун туох истиэ баарай. Итиччэлээх аймаммыппын, сордоммуппун арай өллөхпүнэ умнарым буолуо. Убайдарым Ньукулай, Хонооһой биһиги үһүөн, атын дьонтон итэҕэһэ суох, эрэйи көрбүт дьоммут. 1943 сыл сайыныгар өҥ сайын эргиллэн элбэх киһини быыһаабыт буолуохтаах.
1945 сыл ыам ыйыгар Улуу Кыайыы өрөгөйүн көрсүбүт үөрүүбүтүн ама туохха киһи кыайан тэҥниэй. Улуу дьол ол этэ. Мин ити сыл икки кыыс оҕолоох огдообо киһиэхэ, Лукачевскай Миитэрэй Дьуонабыска, кэргэн тахсыбытым. Миитэрэй сэрии кэмигэр хас да кыһын аатырар, сураҕырар Ааллаах Үүн таһаҕаһын көтөҕүүтүгэр ыар айаны тэлбитэ. Холбоһоот, кыргыттарын миэхэ хаалларан баран, эмиэ барбыта. Кини уопсайа биэстэ, биэстии атынан биэс кыһын сындалҕаннаах айаннаах Ааллаах Үүн ыарахан таһаҕаһын көтөхпүтэ. Айан гиэнэ эрэйдээҕэ, сылаалааҕа ол айан эбит. Кэргэним Миитэрэй ол ынырык айаҥҥа хайдах эрэйи көрөн сылдьан кэлэрин кэпсиир буолара.
-Биэс аппар таһаҕас тиэйэн баран айаннаан, хайа үрэхтэрин нэһиилэ туоруурум. Арыт, мууһун үрдүнэн тааҥнаан, уу сыарҕам таһаҕаһыгар тиийэ сыһара. Тааҥ тумана өрө үллэн турар буолар. Таһаҕаһым, сыарҕам, аттарым муус кыаһаан буолан сордууллара. Бэйэм бүтүннүү кырыа, этэрбэһим бүтүннүү соҕооччу буолан, туоруталыырым. Дэлби тоҥон ыксаталаан да ылаттыырым. Хайа суола наһаа куһаҕан буолар. Мырааны тахсыыга ат сыыһа үктээтэҕинэ, аллараа төкүнүйүөх курдуга. Ити курдук эрэйдэнэн, сордонон айаннаан симиэбийэҕэ тиийдэххэ; улахан да улахан уораҕайга кыайан баппакка, тоҥон-үлүйэн киирэн оһох сылааһыгар тута чугаһаабакка, таҥаскын да куурдубакка, аскын да бэлэмнэммэккэ, сылаас уу да кыайан испэккэ ыксал буолара. Мин курдук аһара элбэх киһи сору муннуларынан тыыран сырыттахтара. Эн тигэн бэлэмнээбит таҥаһым итии буолан, ордубут түгэним элбэх буоллаҕа,-диирэ кэргэним.
Кэргэним сааһын тухары колхуос наар күүстээх, ыарахан үлэтигэр эриллибитэ. Биирдэ өрөөбөтөҕө. Сааһын тухары хара сарсыардаттан хара киэһэҕэ диэри үлэттэн илиитин араарбатаҕа. Сымнаҕастык, сылаастык сылдьан, бэйэлэрэ билэллэринэн дьаалатынан үлэлиир, колхуостаахтар бааллара. Кимнээҕэр элбэҕи кыайбыт-хоппут курдук кэпсэнэллэрэ, бочуокка-хайҕалга тиксэллэрэ. Оттон мин Миитэрэйим өрүү үлэ кытаанаҕар сылдьара, биирдэ хайҕамматаҕа, бочуоттамматаҕа. Сааһыран иһэн хас да сыл булчутунан ананан андаатар, куобах, кырынаас, солоҥдо бөҕөтүн өлөрөн судаарыстыбаҕа туттарбыта. Өлөр кыһыныгар охтуор диэри, муустаах ууну булкуйа сылдьан, андаатардаабыта. Ити алтынньыга этэ уонна тохсунньуга суох буолбута.
Колхуос үлэтин таһынан ыкса киэһэ уһанар этэ. Кини оҥорбут остуоллара, өйөбүллээх олоппосторо, дьыбааннара Эһэлээххэ ыалларга бааллар. Дьип-дьап тутуулаах киэргэллээх ыскааба Намҥа кыыһыгар Көбөкөҥҥө киирбитэ. Мааны тэрил буолан билигин да кыыһын Саанньа дьиэтигэр турара. Бэйэбитигэр ыскаап, остуол, дьыбаан бааллар. Кэргэним оҥорбут тэриллэрин оҕолорум, сиэннэрим харыстаан, харааннаан илдьэ сылдьаллар. Мин кэргэмминээн Миитэрэйдиин дьоллоохтук олорбутум. Биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри ыанньыксытынан үлэлээбитим. Тыыл бэтэрээнин таһынан Үлэ бэтэрээнэбин. Миитэрэй икки кыыһын таһынан, уон оҕону төрөппүппүттэн түөрт оҕо кыраларыгар күрэнэн, алта оҕону улаатыннардыбыт. Онон субу кэмҥэ мин элбэх оҕо эбэтэбин, хос эбэтэбин.
Уоттаах сэрии кэмигэр тыыннаах ордоммун, уһуннук олороммун олох дьолун үөрүүтүн амсайбыт киһибин.
Сиэммэр Лукачевская Сахалена5а суруйтардым Ылдьаана Махсыымабына Протопопова.
1994 сыл.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.