Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Широких Петр Константинович

Мин, Петр Константинович Широких, 1925 сыл бэс ыйын 20 күнүгэр Орджоникидзевскай (билиҥҥитэ Хаҥалас улууһа) оройуонун I Маалтааны нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Ийэм эрдэ өлөн түөрт оҕо тулаайах кэриэтэ хаалбыппыт. 1934 сыллаахтан Холболоох 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитим уонна 6 кылааһы бүтэрэн баран холкуоска үлэлээн иһэн Дьокуускай куоракка ФЗУ үөрэҕэр киирбитим. 1941 сыллаахха онно 6 ый тэлиэгэ, сыарҕа, буочука оҥорорго үөрэнэн баран, «Якутпромартель» тэрилтэҕэ үлэлээбитим.
Сэриигэ 1943 сыллаахха атырдьах ыйыгар дойдубуттан ыҥырыллыбытым. Онно уон аҕыспын саҥа туолбутум. Бэрт элбэх киһини борохуотунан тиэйэн илдьибиттэрэ. Иркутскай уобаласка кылгас болдьоххо байыаннай үөрэҕи барбыппыт. Онтон арҕаа фроҥҥа илдьибиттэрэ.
Сэриилэһэр чааһым, 19 гвардейскай дивизия 54 стрелковай полката, II Белорусскай фроҥҥа баара. Мин онно минометчигынан сылдьыбытым. 1944 сыллаахха муус устар ыйга снаряд оскуолагар таптаран ыараханнык бааһырбытым. Санитардар тыылга таһаараннар, эмтэнэ госпитальга киирбитим. Смоленскай уобаласка госпитальга 4 ый кэриҥэ эмтэммитим. Мин бааһым ыарахан буолан байыаннай хамыыһыйа «нестроевой сулууспаҕа сөптөөх» диэн быһаарбыта. Сулууспабын 764 фронтовой уматык-уҥунуох ыскылаатын чааһыгар барбытым. Сэрии чаастарын уматыгынан хааччыйарбыт.
Белоруссияны босхолоон Польша сиригэр-уотугар киирбиппит. Сэрии бүппүтүн Польшаҕа сылдьан истибитим.
Дойдубар 1946 сыллаахха эргиллэн кэлбитим. Сэрииттэн кэлэн баран холкуоска суотчутунан, бэрэссэдээтэли солбуйааччынан үлэлээбитим. Ити кэмҥэ Акулина Петровна Яковлевалыын холбоспуппут, кини 1925 сыл төрүөх.
Куоракка совнархоз тутуутун учаастагар болуотунньугунан, биригэдьииринэн үлэлээбитим. Пенсияҕа тахсыахпар дылы «Главякутстрой» тутууларыгар үлэлээбитим. Бэйэм 5 оҕону иитэн, ыал оҥортообутум. Билигин 10 сиэннээхпин, 9 хос сиэннээхпин.
Сэриигэ «За отвагу» диэн мэтээли 1944 сыллаахха ылбытым, Аҕа дойду сэриитэ II степеннээх уордьаннаахпын.
Аҕа дойду сэриитин II группалаах инбэлиитэбин.

Сааспыт кэлбит үөрүүтэ
Айылҕабыт арыллыыта,
Ала оҕуһум айаатыыта,
Маҥаас ынаҕым маҥырыыта.

Саха ыала мунньустан
Сайылыкка тахсыыта,
Оппут-маспыт тиллиитэ,
Күөрэгэйбит ыллыыта.
Кырдьаҕастар мунньустан
Ааспыт олоҕу санаһан,
Аартыкпытын ыллыктаан
Айхаллаһан, уруйдаһан
Арахсыахпыт үөрэ-көтө.

Петр Константинович Широких

Я, Широких Петр Константинович, родился 20 июня 1925 года в 1-ом Малтанском наслеге Западно-Кангаласского улуса в семье бедного якутского крестьянина.
Окончив школу в родном наслеге, стал работать в колхозе. В августе 1943-го восемнадцатилетним юношей был мобилизован в действующую армию.
После службы в 67-ом запасном стрелковом полку был отправлен на фронт. Сражался рядовым в особом лыжном батальоне 54 стрелкового полка 19-ой гвардейской дивизии II Белорусского фронта.
Принимал участие в боях за освобождение Белоруссии. В ожесточенных сражениях в направлении «Витебск — Орша» получил тяжелое ранение. После лечения в военном госпитале службу проходил в войсковых частях.
День победы встретил на территории Польши.
Награждён боевой медалью «За отвагу» в феврале 1944 года, орденом Отечественной войны I степени и медалями.
Демобилизован на основании Указа Президиума Верховного Совета СССР от 25 сентября 1945 года.
Вернувшись в родной наслег, работал в колхозе. С 1952-го до выхода на пенсию работал на стройках города Якутска.

Негнюров Василий Семенович

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.