Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Цыпандина Евдокия Степановна

Мин Цыпандина Евдокия Степановна 1922 сыллаахха Араҥас нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Кыра сааспыттан тулаайах буоламмын аймахтарбар Кычкин Степаннаахха иитиллибитим. Колхозка 16 сааспыттан киирэн дояркалаабытым. 1942-43 сс. муҥхаҕа сылдыбытым. Кыһынын Төҥүлү Эбэтигэр, сайынын Лена өрүскэ муҥхалыырбыт. Муҥхаҕа үлэни-хамнаһы кыайыах дьон сылдьаллара. Тоҥон-хатан, хараҥаттан-хараҥаҕа миигин кытта Габышев П.Е., Мохначевская В., Черкашин М., Лопатин С., Дьяконов М., Ноговицын П. сылдьыбыттара.
1944 сыллаахха эдэр ыччат фронт туһугар диэн ыҥырыыга Орджоникидзевскай оройуонугар мас кэрдиитигэр мобилизацияҕа хабыллан барбытым. Онно миигин кытта Стручков Прокопий, Максимова Марфа барбыттара. Сарсыарда эрдэттэн тоҥ килиэп өйүөлээх тахсан үлэлиирбит, киэһэ хараҥаҕа киирэрбит. Күннээҕи нуормабытын толорон, саһааннаан, хайытан киллэрэрбит. Үлэбит ыараханыттан, ас мөлтөх буолан киһи да өлүүтэ баара, ыарыы да турара. Тоҥон илиини-атаҕы үлүтүү да ханна барыай. Биһиги кыайыылаах биригээдэ буолан ас нуорматын эбии биэрэллэрэ. Онон тыыннаах ордон кэллэхпит. Үчүгэй үлэбит иһин 2 суотай арыгы, 3 м таңас, бухааҥка аҥаара килиэп бириэмийэ ыларбыт. Муус устар бүтүүтэ бүтэн тарҕаспыппыт, онно 8-кг тайах этэ биэрбиттэрэ. Миигин ииппит аҕам Кычкин Степан атынан тиэйэн аҕалбыта. Дойдубар кэлэн, нэдиэлэ сынньанан баран эмиэ муҥхаҕа барбытым. Кыайыыны саас ыһыыга сылдьан истибитим.
Онон дьэ үлэ кытаанаҕын, тоҥууну-хатыыны билбит-көрбүт аҕай киһи буоллаҕым. Билиҥҥи үйэҕэ киһи тулуйбат олоҕо буоллаҕа.
Билигин тыыл ветерана буолан пенсияҕа олоробун. Оҕолорбун, сиэттэрбин бодьуустаһан Майаҕа дьоллоохтук олоробун.
Ахтыыны суруйда: Цыпандина Евдокия Степановна.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.