Варламов Семен Еличеевич 1917 сыллахха Лэбийэ алааһыгар төрөөбүтэ. Аҕата Дэлиһиэй , ийэтэ эрдэ өлбүт. Бииргэ тереебут бэһиэлэр. Убайдара Иннокентий, Петр, Игнатий уонна Боккуойа диэн эдьиийдээҕэ.
Сэрии иннинэ «Октябрь» колхозка көмө суотчутунан үлэлээбитэ. Онтон сэрииттэн кэлэн баран Майаҕа райсовекка, кэлин Сыымаҕар төннөн кэлэн оскуолаҕа завхоһунан, от тутар пууҥҥа приемщыгынан, колхоз, совхоз араас улэтигэр үтүө суобастаахтык улэлээбитэ.
Мин эһээм, Аҕа дойду улуу сэриитигэр 1941 сыллаахха ынырыллан 1316 нүөмэрдээх байыаннай чааска сулууспалаабыта, сэриигэ кыттыбыта. Ленинград, Смоленскай, Орел куораттар туһаайыыларынан Старай Русса көмүскэлигэр сэриилэспитэ, иккитэ улаханнык баһырбыта, билиэҥҥэ түбэһэн конлагерь ынырык эрэйин- муҥун этинэн-хаанынан билбитэ.
Эһэм сэриигэ хайдах сылдьыбытын туһунан ахтыытыттан суруйабын.
« Ол курдук 1943 сыллаахха кулун тутар 7 кунугэр Орел куорат туһаайыытынан кимэн киирии саҕаламмыта. Окополарга саһан сытар өстөөх чугаһата-чугаһата пулемет, автомат уотунан кыдыйара. « Вперед за Родину, за Сталину» диэн команданы истээт өлөру- сүтэри кэрэйбэккэ тус иннибит диэки түһүнэн кэбиһэрбит. Бииртэн биир кирбиини элбэх сиэртибэнэн, улахан сүтүгүнэн ыларбыт. Орудиелар тыастар сүрдээҕэ: халлаан сатарыйан, сири титирэстэтэн, туман – буруо ортотугар биир кэм өрө ньиргийэ олороро. Түүну-күнү билбэккэ, өстөөх танкатын уотун анныгар көрөн баран элбэрээкпин тардан кэбиспитим, өс киирбэх өстөөх танката кулахачыс гына түстэ. Люгун аһан саллааттар тахсан истэхтэринэ аттыбынааҕы уолаттар утары ытыалаатылар. Иккис танка ойоҕолуу көтөн, иннин диэки дьуруйан истэҕинэ, бензинин бааҕыгар табан, хойуу хара буруону кытта төлөн унаарыйан тахсан, салаабытынан барда. Итийэн- кутуйан миэстэ да уларытар бокуойа суох, аны үһүс танкабын хаста да ытан хамсаабат оҥордум. Комндирым: “Молодец, Варламов!” – диэн хайҕаан эрэргэ дылыта да, төбөм биирдэ “чуҥ” гынан хаалла. Танка үрдүгэр сытан өйдөммүтүм немец саллааттара үрдүбүтүгэр кус –хаас тойугун түһэрэ иһэллэр эбит. Миигин кытта взводум командира младшай лейтенант Солдатов баарын көрөн, соҕотох буолбатах эбиппин дии санаан, хайдах эрэ сирэйим –хараҕым сырдырга дылы гынна. Киһим мин өйдөммүппүн көрөн эттэ “ Ыттарга түбэстибит, тыынаахтыы бу курдук буолар санаа суоҕа”. Ону истэннэр биһиги үрдүбүтүгэр олорор немецтар аймана түстүлэр. Элбэх сири кэрийэн, араастаан үөҕэн-мөҕөн, кырбаан- таһыйан хаста да өлөрөөрү гына-гына кэлин уһугар биир концлааҕырга аҕаллылар. Төһөлөөх накаастаабыттарын, сордообуттарын – муҥнаабыттарын боростуой тылынан сатаан кэпсиир кыах суох. Боруоста ынырык этэ диэн биир тылынан этэргэ тиийиллэр.
Люблин куорат концлааҕырыгар сыппытым. Бу лааҕыр куорат таһыгар баар. 5 хонуулаах этэ, балачча киэҥнэр этэ. Биир хонуутугар 22 казармалааҕа. Лааҕыр бүтүннүүтэ 4 метр үрдүктээх хатыылаах боробулуоханан ииччэҕэй- бааччаҕай төгүрүтүллүбүт, ол үрдүнэн үрдүк күүрүүлээх электрическэй уот. Түүннэри- күннүстэри харабыллыыр пууннааҕа. Казарма иһэ хотонооҕор куһаҕана, үс хос наараҕа биһигини лыык курдук симпиттэрэ. Миигин концлааҕыртан советскайдар босхолообуттара. Краков куоракка госпиталга сытыарбыттара. Онно 1945 сыллаахха муус устар ыйга диэри эмтэммитим. Кыайыы бырааһынньыгын Иркутскайга көрсүбүтүм, маҥнайгы борохуотунан айаннаан Мааҕа бэс ыйын1 кунугэр кэлбитим. Муҥура суох дириҥ махталлаахпын, биир нуучча уола, биир казак доҕотторбор: “Бу киһи тыыннаах, бэйэбит көрүөхпүт” – диэн крематорийга атаараары гыммыттарын илдьэ хаалбыттара.”
Эһэм Семен Елисеевич сэрииттэн икки мэтээллээх эргиллибитэ. “Бойобуой үтүөлэрин иһин” уонна “Германияны кыайыы иһин”. Кэлин 2 үбүлүөйүнэй мэтээли, 1 знагы ылбыта. 1977 сыллаахха 60 сааһыгар сэриигэ ылбыт бааһыттан өлбүтэ.
Варламов Семён Елисеевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.