Алексеев Еремей Николаевич
1917 с. Сыҥаах нэһилиэгэр Хаатты сайылыкка төрөөбүтэ. 1933 с. Суотту Сыһыытын начальнай кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ уонна «Ворошилов» аатынан колхозка чилиэнинэн киирбитэ. 1938 с. Трактористар курстарын бүтэрбитэ. I Суотту «Көрдүгэннээх», «Хомустаах» колхозтарга тракториһынан үлэлээбитэ. 1941 с. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ биир бастакынан ыцырыллыбыта. Бастаан Нижне-Удинскайга кавалерияҕа үөрэммитэ. Сэриигэ Москва анныгар киирбитэ. Украинскай фронт 188 дивизиятын 4-с полкатын састаабыгар сэриилэспит. Брянскай куораты босхолуур иһин сэриигэ атаҕар уонна илиитигэр бааһыран, 9 ый госпитальга эмтэммит. 1943 с. Сэрииттэн эргиллибит. Үтүөрэн баран, «Ворошилов» колхозка араас үлэлэргэ сылдьыбыт. Кэлин 1947 с. МТС-ка тракториһынан киирбитэ. 1947-49 сыллардаахха I Өлтөх «Коммунизм суола», «Харыйалаах» колхозтарыгар, I, II Суотту нэһилиэктэринэн үлэлээбит. 1958 сыллаахха колхозтар бөдөҥсүйүүлэрэ буолбутугар «Киров» колхозка тракторист буолбута. Кэлин совхозтар тэриллиилэригэр механигынан үлэлээбитэ.Үлэлээбит сылларыгар үчүгэй үлэтин иһин МТС дирекциятыттан, колхоз, совхоз салалтатыттан үгүс бириэмийэни, наҕарааданы ылбыта. Коммунистическай үлэ ударнига. 1960 сыллаахха таһаарыылаах үлэтин иһин САССР Верховнай Сэбиэтин Бочуотунай Грамотатынан, «Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр килбиэннээх элбэх юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Еремей Николаевич кэргэнинээн Дария Васильевналыын 8 оҕону төрөтөн атахтарыгар туруорбуттара. Билигин бары ыал аҕалара, ийэлэрэ буолан Уус-Алданынан, Намынан олороллор. Мин хос эһээбинэн киэн туттабын.