Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Баишев Антон Романович

Баишев Антон Романович 1914 сыл алтынньы 20 күнүгэр Мэӊэ улууһун Дьабыл нэһилиэгэр төрөөбүт.
1942с. бэс ыйыгар Кыһыл Армия кэккэтигэр ыӊырыллыбыт. Бастаан 72мм миномекка податчигынан үөрэтэн баран фроӊӊа ыыппыттар. 1942 сыл балаӄан ыйын бүтэһик күннэригэр Москва туһаайыытынан Никольскай диэн куорат чугаһыгар инники кирбиигэ киллэрбиттэр. Онно аттыгар миинэ кэлэн дэлби ыстаммыт. Ол кэннэ аҕыйах хонукка кулгааҕынан истибэт буола сылдьыбыт, санчааска киирэн тахсыбыт.
Сотору 50-ча киһини Сталинградка танковай оскуолаӄа үөрэххэ ыыппыттар. Онно үс ый курдук үөрэнэн, 1943 сыл от ыйыттан алтынньыга диэри стрелок буолан араас туһаайыыларга сылдьыспыт. Азовскай муора Мелитополь куоратын ылыы адьас чугаһыгар өстөөх улахан оборуонатыгар түбэспит. Данила Ивановка диэн дэриэбинэӄэ киириигэ снаряд оскуолкатыгар табыллан, санчааска илдьэн эмтээбиттэр. Тас бааһа сотору оһон, салгыы сэриилэспит.
Арӄаа Украинаӄа Робенскай уобаласка Робер диэн куорат таһыгар биир дэриэбинэни босхолооһуӊӊа Бандера строевой чааһын командирын туппуттар. Ити киһи икки бэстилиэттээх саһан сытар үһү. Дьиэӄэ киирэн ылыы сүрдээх суостаах суол. Бу ыарахан операция иһин Антон Романовиһы «За отвагу» медалынан наӄараадалаабыттар.
Польша границатыгар Буг өрүскэ тиийэн, өрүс арӄаа өттүттэн өстөөх артиллериятыгар түбэспиттэр, танкалара табыллыбыт, элбэх киһи өлбүт. Онтон атын ремоннаммыт танкаӄа көһөн салгыы барбыттар.
Варшава бэтэрээ өттүгэр Седлен куораты сэриилээһиӊӊэ эһээбит танкатын гөрүүчэйин бааӄар табан, умайан барбыттар. Антон Романович оскуолкаҕа табыллан уонна көхсүн уот сиэн, инники люгунан сиргэ төкүнүйэн түһэн, умуруоруммут. Итинтэн сыл аӊарыттан ордук эмтэммит. Бу кэнники сэриигэ Аӄа Дойду сэриитин 2-с степеннээх орденынан наӄараадаламмыт.
Эһээбит сэрииттэн үс төгүл бааһыран, 2-с группалаах инбэлиит буолан эргиллибит. Бэстилиэнэй оскуолкатын тыӊатыттан 1960 сыллаахха хостообуттар.
Антон Романович сэриигэ барыан иннинэ «Үүнэр күүс» колхозка бэрэссэдээтэллээбит, сэрииттэн кэлэн баран «Киров» аатынан бөдөӊсүйбүт колхоз бэрэссэдээтэлэ буолбут. Дьиӊнээх сахалыы ийэ өйдөөх, саӊаны, бастыӊы ылынан иһэр сайдам санаалаах киһи эбит. Кини салайар колхуоһугар үлэ күөстүү оргуйара. Дьоно – сэргэтэ кинини астынан, таптаан Аччыгый Бачылла диэн ааттыыллар эбит.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.