Баишев Егор Филиппович 1914с. Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Дьабыыл нэһилиэгэр төрөөбүт.
Бииргэ төрөөбүт иккиэлэр.
Төһө да урукку кэм буоллар,аҕалара Филипп Дмитриевич үөрэххэ тардыһар өйдөөх- санаалаах киһи эбит. Ол курдук Дьөгүөрү 1924с. Местников Семен Николаевич диэн Алаҕар үөрэхтээх киһитигэр саха маҥнайгы алфавитыгар үөрэттэрэн,уол ааҕар- суруйар буолбут. 1933с. алта кылааһы бүтэрбит.
1937 сыллаахтан колхозка суотчут. 1939с. Дьабыыл нэһилиэгэр аҕыс бастакы комсолецтартан биирдэстэрэ – Егор Филиппович.
1941с.”Киров” колхозка предсетеллии сылдьан,балаҕан ыйыгар Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыт. Сталинград кыргыһыытыгар кыттыбыт.
Егор Филиппович кэргэнэ Марфа Егоровналыын биир уол оҕолоохторо. Ол оҕо барахсан 4 саастааҕар күн сириттэн барбыт…
Егор Филиппович Сталинград оборонатыттан төннүбэтэҕэ… 1942с. Сталинград куоракка көмүлүннэ диэн кэргэнигэр хара сурук кэлбит…
Баишев Егор Филиппович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.