БАИШЕВ ИЛЛАРИОН ИННОКЕНТЬЕВИЧ
Баишев Илларион Иннокентьевич 1915с. Мэҥэ Хаҥалас оройуонун ,Дьабыыл нэһилиэгэр төрөөбүт.
Илларион Иннокентьевич 1941с. атырдьах ыйын 1 күнүгэр,сэрии саамай саҕаланар уотугар фроҥҥа ыҥырыллан барбыт. Кини сулууспалаабыт 10129 стрелковай полката Ленинградскай фронт кыргыһыытыгар киирбит. 1942с. кулун тутарга Улуу Ленин куоратын көмүскэлигэр сылдьан,араанньа буолан,госпитальга эмтэммит. 1943с. инбэлиит буолан,муус устар 13 күнүгэр дойдутугар эргиллибит.
Сэрииттэн кэлээт,үс сыл Майа сэлиэнньэтигэр балыыһаҕа,промкомбинакка завхозтаабыт. Стручкова Александра Тимофеевналыын холбоһоллор. Дойдутугар Дьабыылга олохсуйаллар,биир кыым оҕолоохтор.
Илларион Иннокентьевич мас ууһун бастыҥа этэ,дьону үлэҕэ көҕүлүүр эппит тылын тустаах үлэтинэн көрдөрөр ирдэбиллээх салайааччы буолар. “Киров” колхозка ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Сиэннэрэ Юраны эбээлээх эһээтэ оҕолууллар. Сиэнэ 1 саастааҕар 1974с. Илларион Иннокентьевич сэриигэ ылбыт бааһынан күн сириттэн барбыта… Сиэнэ Юрий Валерианович Баишев билигин Суорун Омоллоон аатынан Опера,Балет театрын солиһа, Саха Республикатын народнай,РФ үтүөлээх артиһа айар үлэтин үгэнигэр сылдьар.
Илларион Иннокентьевич сырдык аатын сиэннэрэ,хос сиэннэрэ үйэтитэллэр.