Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Дьяконов Николай Степанович

Мин кэпсиэхпин баҕарабын Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, хорсун буойун, мин хос эһээм – Дьяконов Николай Степанович туһунан. Кини туһунан билэр кырдьа5астар суохтарынан, бу дакылааппар бэйэбит көрдөөн булбут матырыйаалларбытыгар оло5уран суруйдубут.
Хос эһээм 1919 сыллаах төрүөх эбит. Ол туһунан улуустаа5ы военкомакка аҕам киирэн ыйыталаһан билбитэ. Кэбээйи улууһун Хаалбыс нэһилиэгиттэн 1942 сыллаахха балаҕан ыйын 12 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллан барбыт. (№1 сыһыарыыны көр)
Кини сэриигэ барыан иннинэ мин хос эбээбин, Анна Михайловнаны кэргэн ылан ыал буолан олорбуттар. Сэриигэ барарыгар 1941 сыллааҕы төрүөх мин эһээм – Дьяконов Николай Николаевич олорор оҕо хаалбыт. Хос эһээм сэриигэ барыаҕыттан күн бүгүнүгэр диэри сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыллар. Арай биһиги биир дойдулаахпыт буойун-суруйааччы – Тимофей Егорович Сметанин сэрииттэн кэлэн баран, 1944 сыллаахха оройуоммут “Саҥа олох” хаһыат от ыйын 14 күнүгэр тахсыбыт нүөмэригэр “Туйгун минометчик” диэн мин хос эһээм туһунан суруйбут ыстатыйатын хос эбээм, Анна Михайловна булан уура сылдьыбыта баар. Онно кэпсэнэринэн, 1943 сыллаахха брянскай ойуурдарыгар кыргыһыы бириэмэтигэр мин хос эһээбин – Дьяконов Николай Степановиһы көрсө түспүт. “Фроҥҥа урут хаһан да билбэт саханы көрүстэххэ бэрт күндү буолааччы” – диэн суруйбут Тимофей Сметанин. Онтон биир дойдулааҕын уонна бииргэ үөрэммит доҕорун көрсөн, убай-быраат курдук көрсүбүттэр. Хайдах сылдьалларын туһунан ыйыталаһан, Куокуй балыгар тиийэ сэһэннэрэ тэнийбит. Иккиэн биир биригээдэ5э сылдьар буолан баран хайдах баччаанна дылы билсибэтэхтэрин сөхпүттэр. Сахалыы хойуу чээй оргутан испиттэр, ырыа ыллаан дьиэрэппиттэр. Ол көрсүһүүгэ мин хос эһээм түөһүгэр “Туйгун минометчик” диэн значоктааҕа үһү.
Итинтэн кэнники мин хос эһээм уонна Тимофей Сметанин Невель арҕаа өттүнээҕи охсуһуулар бириэмэлэригэр кыһын көрсүбүттэр. Ол охсуһууларга, минометнай расчеттан иккиэйэҕин хаалан баран, өстөөх элбэх ахсааннаах тыыннаах күүһүн хорсуннук урусхаллаабыттарын уонна командование наҕараадалыырга киллэрбитин туһунан хос эһээм кэпсээбит.
Т.Е.Сметанин ыстатыйатыгар суруйбут чахчыларыгар олоҕуран чинчийэр үлэбитин саҕалаатыбыт. Мин хос эһээм уонна Тимофей Сметанин иккиэн 1919 сыллааҕы төрүөхтэр, онон Кэбээйи оскуолатыгар бииргэ үөрэммиттэрэ саарбаҕа суох.
Ол курдук, Т.Е.Сметанин 1942 сыллаахха сэриигэ ынырыллан Аҕа дойдутун көмүскүү барбыта. Кини Орловскай-Курскай туһаайыыга Хотугулуу-Арҕааҥҥы 2-с Прибалтийскай фроҥҥа сылдьыбытын туһунан билэбит
Иккис докумуон көрдөрөрүнэн, 1944 сыллаахха мин хос эһээм тыыннаах, үс ранениелаах, контузиялаах эбит. Киниэхэ Верховнай сэбиэт № 61 бирикээһинэн алтынньы 13 күнүгэр 1944 сыллаахха “За отвагу” мэдээли туттарбыттар (№4 сыһыарыыны көр).
Мантан кэлин туох да докумуону булбатыбыт. Кини өлбүтүн туһунан сурук кэлбэтэх. Онон мин хос эһээм бу уоттаах сэриигэ сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыллар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.