Үлэһит үтүөлэрэ, мааны ыал этилэр
Григорьев Иван Фомич,
тыыл, үлэ бэтэрээнэ,
Егоров Александр Гаврильевич 1918 сыллаахха Чачаҥда илин өттүнэн таҕыстахха бэрт чугас сытар Илин күөл диэн эбэҕэ Хабырыыл Егоров диэн, оччотооҕуга сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Орто саар-тэгил уҥуохтаах, будьурхай баттахтаах, сырдык хааннаах бааһынайдыҥы киһи этэ. Дэлэҕэ, нуучча улуу бэйиэтэ Александр Пушкинҥа холооннор, Буускун Өлөксөөндүр диэн ааттыахтара дуо…
1941 сыл атырдьах ыйыгар Бүлүү оройуонун I Күүлэт нэһилиэгин дьоно Өлөксөөн Егоровы, Гавриил Долгунову, Иван Никифировы, Алексей Степановы, Алексей Григорьевы сэриигэ атаара мустубуттара.
Баар суох бастыҥ дьоннорун уоттаах сэриигэ атааралларыгар саалаахтан самнымаҥ, охтоохтон охтумаҥ диэн алгыс тылларын эппиттэрэ, кыайыы кынаттанан эргиллээриҥ диэн баҕара хаалбыттара. Бүлүү бүччүм түбэтин уолаттара бар дьоннорун ити баҕа санааларын чиэстээхтик толорбуттара. Өстөөҕү утары охсуһууга ураты хорсуннук сэриилэспиттэрэ.
Күүлэттэн сэриигэ аттаммыт уолаттартан Өлөксөөн Егоров кавалерийскай чааска түбэспитэ. Тыһыынчанан аты көрөллөрө, харайаллара. Биир отделение 500 аты бэрийэрэ. Онон биирдии байыаска 50-нуу ат тиксэрэ. Оччолоох аты көрүү-харайыы, сыһытыы элбэх сыраны ылара. Саллааттар киэһэнэн ибили сылайаллара. Биир күн Өлөксөөн хаҥыл аты кытары өрө мөхсө сылдьан охтубутугар, ат түөһүттэн үктэнэн хараҕа ирим-дьирим буолуталаабыта. Санчааска киирэн уон хонукка эмтэммитэ. Ити кэмҥэ табаарыстара бары арҕаа фроҥҥа барбыттара. Санчаастан тахсарыгар аны кинини кавалерияттан устан кэбиспиттэрэ. Кыһыытыттан-абатыттан ытамньыйан ылбыта. Хайыай, уол оҕо биир күн ат уорҕатыгар, биир күн ат өрөҕүтүгэр буолар кэмэ этэ буоллаҕа дии.
1942 сыл балаҕан ыйыгар Өлөксөөн дьэ фроҥҥа аттаммыта. Сталинградскай фроҥҥа тиийэн таанканы дьөлө ытар саа наводчига буолбута. Ол сэптэрэ тус-туспа арааран сылдьан сүгэн-көтөҕөн үс киһи буостуктуур ыарахан мала этэ. Инники кирбиигэ киирбитэ ый курдук буолбутун кэннэ, биир күн сир-халлаан сиҥнэр кыргыһыыта саҕаламмыта. Өлөксөөн уонна бурят Балдымаев, нуучча Сеня Житков буоланнар ити кыргыһыыга икки таанканы умаппыттара. Өлөксөөн снаряд оскуолагар түөскэ, буулдьаҕа атахха таптаран ыараханнык бааһырбыта. Табаарыстара иккиэн геройдуу охтубуттара.
Госпитальга эмтэнэн баран эмиэ кыргыһыы үөһүгэр киирбитэ. Эбии күүс кэлэн сарсыарда отделениеларыгар 10-13 киһи буолаллара, киэһэтигэр 1-2 киһи ордон хаалара. Биир күн атаакаҕа киирэн иһэн кэккэлэһэ иһэр нуучча уола харытын тосту ыттаран хаана ыһылла түспүтүн көрөөт, бэйэтэ ханна да барбытын билбэккэ хаалбыта. Өйдөнөн кэлбитэ сиэстэрэ кыыс хаан биэрэр система таһыгар турара. Кыргыһыы хонуутугар охтубутун биир лейтенант сүгэн таһаарбытын, бу иккистээн хаан кута туралларын туһунан кыыс кэпсээнин истэ сытан эмиэ түлэй-балай барбыта. Ити курдук бэрт өр госпитальга сытан сыккырыыр тыына эрэ ордубута.
« Дойдубар бэрт уһуннук айаннаан 1944 сыл муус устар 24 күнүгэр Күүлэтим буоругар үктэммитим. Ыараханнык бааһыран, онуоха эбии биэс ыйы быһа сордообут ис тиибиттэн нэһиилэ ордон, эмиэ да ойоҕостотон уҥуохтаах-тириим эрэ хаалан кэлбитим,-диэн ахтара Александр Гаврильевич.– Сорохтор: “киһи-хара буолуо суох…” диэн кистии-саба кэпсэтэллэрин истэрим. Ол эрээри, дойдум чэбдик салгына, үрүҥ илгэтэ сэниэ, күүс киллэрбитэ. Кэргэним Маарпаны кытта үстэ оҕоломмуппут, икки кыыспыт уу кыһыл эрдэхтэринэ суох буолаахтаабыттара. Ол иһин уолбутун Маарпам Бүлүү куоратыгар киирэн эрдэттэн эмтэнэн-томтонон этэҥҥэ быыһаммыта. Куола диэн ааттаабыппыт. Оҕом кыра эрдэҕиттэн ыарыһах буолан Бүлүү куорат балыыһаларын кэрийэн улааппыта, кэлин Николай Крылов диэн аатынан биллэр суруналыыс буолбута”.
Ыанньык ынах, субай сүөһү бостуугунан өр сылларга үлэлээбитэ. Биирдэ, 1952 сыллаахха аҕалаана Батагаев Егор Никифорович олорор сиригэр Торуой Чочуга сынньана бара сылдьан, Бөтүҥ нэһилиэгин биир саамай турбут-олорбут туруу үлэһитин Семенова Екатерина Саввичнаны кытта сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, санаалыын тапсан Күүлэккэ кэлэн ыал бастыҥа, үлэһит үтүөлэрэ буолан ньир-бааччы олохсуйбуттара. Иккиэн ыччат сүөһүнү иитэр звенону тэринэн үлэлээбиттэрэ. Сылын аайы сайынын ньирэйдэри, кыһынын борооннору көрөн-харайан эбиллии үрдүк кэрдиискэ тахсан испитэ.
Александр Гаврильевич доруобуйата төһө да мөлтөҕүн иһин, звено үлэтигэр мэлдьи көмөлөһөрө, сүбэ-ама буола сылдьара. Сталинград аннынааҕы хааннаах хабыр кыргыһыы буойуна «Аҕа дойду улуу сэриитин бастакы степеннээх” уордьанын уонна “Албан аат“ уордьаннарынан на5араадаламмыта. Оттон үтүө суобастаах, ситиһиилээх үлэтин иһин “Отличник соцсоревнования работников сельского хозяйство России” диэн бэлиэнэн наҕараадаламмыта, “Үлэ бэтэрээнэ”, ону таһынан элбэх юбилейнай мэтээллэрдээх. Александр Гаврильевич 1987 сыллаахха алтынньыга 69 сааһыгар олохтон туораабыта.
Ааспыт үйэ 60-70 сылларыгар уотурба дэлэйдик кэлэр буолан, отделение салалтата ыччат сүөһүгэ, ыанньык ынахха аһылык нуорматын улаатыннарара, эбии аһылыгы: дулҕаны, бэс мутукчатын араас субуотунньуктарынан быыстала суох бэлэмнэтэн көөнньөрбө оҥортороро.
Аны сылтан сыл аайы Екатерина Саввична звенота бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьара. Колхозтар саҕана ыччат сүөһү эбиллиитэ муҥутаан түөрт сүүс –биэс сүүс грамм эбит буоллаҕына, 60-с, 70-с сылларга сэттэ сүүс-аҕыс сүүс грамҥа тиийбитэ, оттон күүстээх аһылыкка (интенсивнэй) туруоруллубут сүөһүлэр сууккатааҕы эбиллиилэрэ тыһыынча грамҥа тиийбитэ. Маны Екатерина Саввична Өлөксөөнүн кытта аан бастаан ситиспиттэрэ.
Манан Екатерина Саввична үлэлээбит 1955-1975 сылларын устатыгар бастыҥ көрдөрүүлээх үлэһит быһыытынан биллибитэ. Партия уонна правительство ыччаты “оскуола-производство-үрдүк үөрэх” диэн ыҥырыытыгар эппиэттээн, ыччаттар тыа хаһаайыстыбатын араас салааларыгар хаалан үлэлээһиннэрэ үгэскэ кубулуйбута. Ол курдук Екатерина Саввична үлэлиир ыччат сүөһүнү төлөһүтэр звенотугар сылын аайы оҕолор кэлэн үлэлээн бараллара.
Екатерина Саввична үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрин иһин, 1965 сыллаахха, “РФ тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин соцкуоталаһыыга туйгуна бэлиэнэн”, 1970 сыллаахха өр сыллаах килбиэннээх үлэтин иһин “В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн, 19-с пятилеткаҕа тыа хаһаайыстыбатыгар киллэрбит кылаатын иһин ССРС Верховнай Советын Президиумун 6.09.1073 сыл уурааҕынан “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьанынан наҕараадаламмыта. 1976 сылтан “Сүөһү иитиитин бастакы кылаастаах маастара”. 1977 сыллаахха ыччаты коммунистическайдыы иитиигэ кылаатын учуоттаан “Ыччат наставнига” ааты иҥэрбиттэрэ. Маны таһынан “Маленков”, “Победа” колхозтар, “Мастаах” “Күүлэт” совхоз почетнай грамоталара, араас наҕараадалара эмиэ дьаныардаах үлэ сыанабыллара буолбуттара.
Кэтириинэлээх, Өлөксөөндүр оҕоломмотторун билинэн, аймахтарыттан икки кыыс оҕону ииттэн үтүө, үлэһит дьон оҥортообуттара. Улахан кыыс Ольга Александровна бухгалтер үөрэхтээх, 1987 сылтан бастаан “Күүлэт” совхоз отделениетыгар, кэлин Призводственнай кооперативка кубулуйбутугар ситиһиилээхтик үлэлии олорор. Кэргэннээх, икки уол, биир кыыс оҕолоохтор, икки сиэннээхтэр. Кэргэнэ Анатолий Яковлевич идэтинэн сантехник-сварщик, дэриэбинэ тутаах үлэһитэ.
Кыра кыыс Мария Александровна,фельдшер, Бүлүүгэ куоратыгар үлэлиир. Кэргэнэ Егор Николаевич Семенов – Бүлүүтээҕи СПТУ-га маастар. Уоллаах кыыс оҕолоохтор, биир сиэннээхтэр.
Александр Гаврильевич уола Николай Александрович РС культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Государственна бириэмийэ лауреата, Бүлүү улууһун, Бүлүү куоратын уонна Чернышевскай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо. Биэс оҕолоох, уонтан тахса сиэннээх, эмиэ уонтан тахса хос сиэннээх. Онон уоттаах сэрии тыйыс толоонуттан ордон эргиллэн кэлбит Александр Гаврильевич Егоров ыччаттара тэнийэн уон сиэннэнэн, элбэх хос сиэннэнэн, үгүс хос-хос сиэннэнэн Улуу Кыайыы буойунун үтүө аатын-суолун ааттата сылдьаллар.