1933 – 1934 с.с. – оройуоннааҕы холкуоҺунай оскуола курсаана.
1934-1936 с.с. “Тумул” холкуоска үүт-табаарынай пиэрмэ сэбиэдиссэйинэн, холкуос хомсомуолускай тэрилтэтин сэкирэтээринэн үлэлээбит.
1936-1937 с.с. ЫБСЛКС обкомун иҺинэн пропагандистар оскуолаларын истээччитэ.
1937-1939 с.с. Покровскайга райкомол пропагандиҺа, политическай үɵрэхтээҺин отделын сэбиэдиссэйэ.
1939-1940 с.с. “Эдэр бассабыык” хаҺыат редакциятыгар үлэлээбит.
1940 сыл кулун тутартан ЫБСЛКС Кэбээйи оройуоннаҕы кэмитиэтин сэкирэтээринэн талыллыбыт.
1940-1942 с.с. Кэбээйи оройуонугар комсомол Райкомун сэкирэтээринэн үлэлээбит.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1942 сыллаахха Кэбээйи оройуонугар комсомол Райкомун сэкирэтээринэн үлэлии олорон, тылланан барбыт.
98 стрелковай дивизияҕа рота командирын солбуйааччыта, старшай лейтенант эбит. 31.12.1942 баара суоҕа 23 саастааҕар сырдык тыына Сталинградскай уобалас Королевка диэн дэриэбинэ аттыгар быстыбыт.
Христофоров Иван Георгиевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.