Колхозтаах, стахановка, үлэ, тыыл ветерана, сэрии огдообото, норуот маастара. 1916 с. Бүлүү оройуонун 2 Чочу нэһилиэгэр Хоруулаахха төрөөбүт. 6 кылаас үөрэхтээх. 1937 сыллаахха Иванов Михаил Андреевичтыын ыал буолаллар. 1942 сыллаахха бэс ыйыгар кэргэнэ Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ ыҥырыллар. Александра 8 ыйдаах оҕолоох кырдьаҕас дьонун кытта хаалан «Бары күүһү – фроҥҥа» диэн колхоз үлэтигэр үлэлээбитэ. Кэргэнэ Иванов М.А. 14.06.1943 сыллаахха улаханнык бааһыран өлбүтүн туһунан сурук кэлэр. Пенсияҕа тахсан туоһунан, кылынан, тирииннэн иистэнэн, «Норуот маастара» аат иҥэриллибитэ. «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иьин», «В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 с. килбиэннээх үлэтин иһин», «Сэбиэскэй Сойуус Маршала Жуков», элбэх юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Иванова Александра Николаевна
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.