Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Крылов Семен Гаврильевич

Крылов Семен Гаврильевич – активнай комсомолец,хоодуот улэһит, хорсун буойун, байанайдаах булчут.

Крылов Семен Гаврильевич 1912 сыллаахха Уус-Алдан улууһун Хоро нэһилиэгэр “Куотука” алааһыгар дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Всеобуч көмөтүнэн ааҕарга, суруйарга үөрэппиттэрэ, онон түөрт кылаас үөрэхтээх буолан суруксутунан үлэлээбитэ. 1929 сылтан Хоро нэһилиэгэр Комсомол бастакы сүһүөх тэрилтэтэ баара, маҥнай оройуонтан салаллан үлэлээбиттэр. Аҕабыт комсомол члиэнэ буолбута уонна нэһилиэк общественнай олоҕор быһаччы кыттан барбыта.
1930 сыллаахха 60 хаһаайыстыбалаах «Куотука» холхуос тэриллибитэ. Бастакы председателинэн Крылов Гаврил Александрович III үлэлээбитэ. Аҕабыт Семен Гаврильевич 1929 сыллаахха Дьокуускайга холхуостар салайааччыларын бэлэмниир кууруска үөрэттэрбиттэрэ. Үөрэҕин кэнниттэн эдэр киһини колхоз бырабылыанньатын чилиэнигэр киллэрэллэр. Ол кэнниттэн холхуоска бэрэстээтэллээбитэ. 1933-1934 с.с. хонуу биригэдьииринэн анаабыттара. 1934 сыллаахха алта ыйдаах биригэдьиирдэри, ферма сэбиэдиссэйдэрин бэлэмниир кууруска бииргэ үөрэнэ сылдьан ийэбитинээн Варвара Григорьевналыын ыал буолбуттара. Онтон ферма сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ.
1936-1939 с.с. комсомольскай тэрилтэ сэкэрэтээринэн үлэлээн ыччаты үтүө дьыалаларга сирдиирэ.Үлэ, олох үөһүгэр сылдьан чаҕылхай саастара комсомол айымньылаах хардыыларын кытта дьүөрэлэспиттэрэ. Күнүһүн холхуос улэтигэр харыстаммакка үлэлээн баран түүнүн рейдэлэргэ сылдьаллара. Уус-Алдан оройуонугар биир бастыҥ, элбэх өрүттээх ситиһиилээх үлэлэрин иһин “Куотука” уонна “Чирэпчи” холхуотар комсомольскай тэрилтэлэрин секретардарын Крылов Семен , Охлопков Афанасий мэтириэттэрин оройуон хаһыатыгар бэчээттээбиттэрэ.
1939-1940 с.с. колхоз бэрэстээтэлин солбуйааччытынан үлэлээбитэ. 1941-1942 сыллардаахха кадровай булчут буолан броняланан бастакы хомуурга армияҕа ыҥырыллыбатаҕа. Бу кэмҥэ ийэбитинээн икки кыра уол оҕолоохторо. 1942 сыллаахха Нам военкоматынан ыҥырыллан сэриигэ барбыта. Бастаан Челябинскай куоракка икки ыйдаах снайпердар, алта ыйдаах хайыһардьыттар куурустарыгар үөрэнэн бүтэрэн үс сыл уоттаах сэрии инники кирбиитигэр сылдьыбыта. Армия генерала Г.К.Жуков хамаандалыыр Арҕааҥҥы фронун 19-с армиятыгар 72-с Прибалтийскай фронт оһуобай линейнай стрелковай полкатын үһүс батальонун бастакы ротатыгар сылдьан Риганы, Кенигсберы босхолооһуҥҥа кыттыһан Польша кыраныыссатыгар тиийэ сэриилэспитэ. Кини сэриилэспит чааһа Прибалтиканы бүтүннүү босхолоһор. Калининградскай уобаласка сэрии кэмигэр бастакытын бааһыран госпитальга эмтэнэн баран чааһыгар эргиллэр. Латвияҕа Рига куораты босхолооһуҥҥа хорсунун иһин «Слава» уордьан 3-с степенинэн наҕараадаланар. Биһиэхэ сэрии кэмигэр элбэх ыарахан түгэннэрин аҕабыт суруйан хаалларбыта харалла сылдьар.
“1943 сыллаахха от ыйын 3 күнүгэр сарсыарда 3 чаас саҕана ньиэмэс разведката саба түспүтэ. Рукопашнай киирсиилэргэ нуучча уолаттара күүстэрэ-күдэхтэрэ, хорсуннара сөҕүмэр буолара. Гранаталар эстэллэриттэн, ытыалаһыыттан туман курдук буруо бөҕө буолара,ол быыьынан ньиэмэстэр куотан эрэллэрэ. Бу киирсиигэ ньиэмэстэртэн 21, биһиги 25 киһилээх автоматчиктар взводпутуттан 14 киһибит өлбүт этэ, биһиги 11 эрэ киһи тыыннаах хаалбыт этибит. Күҥҥэ ньиэмэстэр уончалыы атаакаларын самнаран хабыр хапсыһыыларга хорсуннук киирсибиппит иһин командование благодарность биллэрбитэ уонна фронтовой хаһыакка таһаарбыттара.” диэн кэпсиирэ.
Аҕабыт булчут буолан түргэнник туттара-хаптара, бэргэнник ытара быыһаабыт биир түгэнин суруйбута: “Снайпер буола сылдьар кэмим этэ. Эстония сиригэр хас да дириҥ үрэхтэри туораабыппыт, нөҥүө өттүгэр өстөөхтөр бөҕөргөтүнэн сыталлара. Аһаҕас сиринэн туораан истэхпитинэ утары ытыы бөҕөтө буолбута, элбэх саллааттарбыт өлбүттэрэ, аҕыйах киһи тыыннаах туораабыппыт. Биһигини биэстии буолан старшайдаах развед-группаҕа тус-туспа ыыппыттара. Взвод командира бирикээстээбитэ: «Быһыыта контратака буолаары гынна, үөһээ тахсан уҥа-хаҥас өттүнэн разведкалаан кэлиҥ”- диэн. Онуоха мин уҥа өттүнэн үрэх чэмпэрэтин кытыытынан сүүрэн истэхпинэ кыра соҕус аппа кэллэ, ол иһигэр биир ньиэмэс үөһээттэн өҥөйө туран миигин көрө охсон винтовкатын мин диэки эргитэн истэҕинэ мин урутаан автомаппынан сууллары ытан түһэрдим. Ньиэмэстэр миигин от-мас быыһынан ытыалаатылар да таппатылар. Онно олус элбэх хардары-таары ытыалаһыы буолбута. Биһиги эмиэ кыайбыппыт, бу сирдэри босхолообуппут. Оччолорго өстөөҕү үлтү сынньан күнүстэри-түүннэри арҕаа үүрүү кэмэ этэ. Сорох кэмнэргэ марш-бросок диэн сатыы, ыарахан ыйааһыннаах боекомплектаах 80-нуу, 90-нуу километр сири хаамарбыт. Астаах обуоспут сиппэккэ элбэхтэ аччыктыыр этибит. Ардыгар ардахтаан, хаардаан, Прибалтика бэйэтэ да уулаах дойду буолан, дэлби инчэйэрбит, тоҥорбут. Хаар анныгар да утуйар буоларбыт. Үс сыл устата өлө сыһар түбэлтэлэр да элбэх буолаллара. Оннук ыарахаттары көрсөн Советскай Союз границатын туораабыппыт,”- диэн кэпсиирэ, суруйан да хаалларбыта.
Эстонияны босхолоһон Польша туһаайыытынан баран иһэн, Кенигсберг (билиҥҥитэ Калининград) куораты ылыыга уоттаах сэриигэ кыттыбыта. Ити куорат граница таһыгар турар, ньиэмэстэр саамай бөҕөргөтүнүүлээх куораттарыттан биирдэстэрэ диэн биллэрэ. 1944 сыл атырдьах ыйын 17 күнүгэр бу куораты ылыы кырыктаах сэриитигэр ыараханнык бааһырбыта. Уһуннук госпитальга эмтэнэн баран сэрии 2-с группалаах имбэлиитэ буолан дойдутугар 1945 сыллаахха эргиллэн кэлбитэ.
Сэрииттэн кэлээт алдьаммыт-кээһэммит, аас-туор олохтоох дойдутун дьонун олоҕун чөлүгэр түһэриигэ күүһүн харыстаабакка үлэлээбитэ. 1945-1948 сыыллардаахха «Ааҕар балаҕан” сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Ол кэмҥэ партия уонна правительство уураахтарын олоххо киллэриигэ элбэх көрүҥнээх үлэни ыыппыттара. Элбэх дьону Ликбез үөрэхтээһининэн ааҕар, суруйар оҥорбуттара. Нэһилиэккэ араас көрүҥнээх культурнай-маассабай үлэлэри ыыппыттара. Партия райкомун тыа хаһаайыстыбатын отделын сүөһү иитиитигэр (животдел) салаатын боломуочунайа буолан киэҥ далааһыннаах үлэни ыытар. Сүөһү иитиитин бары былааннарын толорон, төрүөх өлүүтүн суох оҥорон, ньиирэйи тыыннаахтыы ылыыны 80-100 бырыһыаҥҥа тиэрдэн, эти-үүтү государствоҕа туттарыы былааннарын аһара толорон, ону тэҥэ сиртэн үүнүүнү ылыыга, Мүрү алаас бааһыналарыттан 1 гектартан 20 центнергэ тиийэ бурдук ылан, аҕабытын учугэй үлэтин иһин Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатын бастыҥнарын съеһигэр делегатынан таланнар кыттан кэлбитэ. Онтон сайдан, уопутуран кэлэн үлэ үөһүгэр өссө хоодуоттук, харыстаммакка үлэлээбитэ.
1949-1952 сыллардаахха сельсовет председателинэн быыбарданан үлэлээбитэ. Ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх буолан, Семен Гаврильевич, нэһилиэнньэҕэ сабыдыаллаах үлэһит этэ. Кэлин хас да ыҥырыыга нэһилиэк Сэбиэтин депутатынан талыллан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1953-1957 сыллардаахха дууһатынан сөбүлүур идэтинэн кадровай булчуттаабыта. 1958-1959 сыллардаахха хонуу биригэдьиирэ этэ.
1960-1967 сылларга ойуур хаһаайыстыбатын леснигынан үлэлээбитэ. Ойуур фондатын сирдэрин, деловой мас ханна баарын, үлэтин көрүҥүнэн карта бөҕөтүн оҥороро. Биһигини тула алаастарбыт, үрэхтэрбит, күөллэрбит карталарын оҥорорго үөрэппитэ. Кэлин самолетунан көтөн иһэн сирбит-дойдубут картатын сөпкө да оҥорбуппутун сөхпүппүт аҕай. Сэриигэ картанан сылдьыбыттара олоҕор олус көмөлөөх буолбута уонна ол үөрэҕин оҕолоругар биэрбитин, биһиги сиэннэрбитигэр тиэрдэн, олохторугар туһаналлар.
1967-1969 сылларга тутуу биригэдьииринэн, болуотунньугунан үлэлээбитэ. Майаҕас бөһүөлэгин оскуолатын, кулуубун олохтоохтор дьиэлэрин туппуттара. Ол кэмнээҕи тутуу биригээдэтин хаартыскаларын көрдөхпүтүнэ олус үөрэбит. Хоодуот үлэһиттэр Бурнашев Константин, Тролуков Егор, Крылов Иннокентий, Крылов Коммунар, Крылов Дмитрий, Крылов Семен Дмитриевич, Крылов Гаврил Гаврильевич уонна да атыттар күөгэйэр күннэригэр сылдьан үлэлээбиттэр этэ.
Семен Гаврильевич холхуос, нэһилиэк общественнай олоҕор уонна производствоҕа үрдук таһаарыылаах үлэтин ,ситиһиилэрин иһин икки төгүл Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта. “Слава” үһүс истиэпэннээх,«Орден Отечественной Войны бастакы истиэпэннээх уонна «Медаль Жукова», «За Победу над Германией в Великой Отечественной Войне 1941-1945г.г.» килбиэннээх үлэтин иһин 1947 сыллаахха «За доблестный труд во время Великой Отечественной Войны 1941-1945г.г.» «За победу над Германией в Великой Отечественной Войне 1941-1945г.г.» – диэн Сталин төбөлөөх уонна элбэх үбүлүөй медалларынан наҕараадаламмыта.
Дьиэ-кэргэҥҥэ амарах аҕа, учугэй баһылык быһыытынан ийэбитинээн, тыылга, колхозка элбэх сыратын биэрэн хорсуннук-хоодуоттук үлэлээбит, Варвара Григорьевналыын тоҕус оҕону иитэн, үөрэттэрэн атахтарыгар туруорбуттара. Оҕолоро төрөппүттэрин олохторун салҕаан бары үлэһит дьон буолан олох үөһүгэр сылдьабыт. Аҕабыт элбэх сиэннэрин, хос сиэннэрин көрөн олорон 87 сааьыгар 1999 сыллаахха диэри олорбута. Нэһилиэгин дьоно кинини кэриэстээн 2017 сыллаахха саҥа тутуллубут библиотекаларын дьиэтин арыйалларыгар, бастакы Ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитин учуоттаан, буойун Семен Крылов аатын иҥэрбиттэрэ. Онон кини ыччаттара сыл аайы нэһилиэккэ “Крыловскай ааҕыылары” тэрийэн ыытабыт. Онно нэһилиэк историятын үөрэтии, чулуу дьоннорун туһунан ахтыылары хомуйуу, кэрэ миэстэлэрин хаартысканан дьүһүйэн быыстапкалааһын, уруһуйдаан үйэтитии барыта түмүллэн НЭҺИЛИЭК КИНИГЭТИГЭР матырыйаал хомуллар.
Төрөппүттэрбит сэрии уонна тыыл ветераннара Аҕа Дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар көрдөрбүт хорсун быһыыларынан уонна сэрии кэннинээҕи сылларга көрдөрбүт килбиэннээх үлэлэринэн үйэ-саас тухары киэн туттуохпут.
Ахтыыны суруйдулар Крылов Семен Гаврильевич оҕолоро.
2020 сыл, муус устар 30 күнэ
Дьокуускай куорат

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.