Үлэ, тыыл бэтэрээнэ Крылова Варвара Григорьевна туһунан.
Уус-Алдан Баатаҕай нэһилиэгэр 1914 сыллаахха төрөөбүтэ. Кэргэн тахса илигинэ Романова диэн фамилиялааҕа. Варвара Григорьевна 1934 сыллаахха алта ыйдаах биригэдьиирдэри, ферма сэбиэдиссэйдэрин бэлэмниир холхуоһунай курска үөрэнэ сылдьан Уус-Алдан Хоро нэһилиэгин “Куотука” холхуос чилиэнэ Крылов Семен Гаврильевичка кэргэн сүктэн кэлбитэ. Үөрэҕин үчүгэйдик бүтэрэн 1935 сылтан икки аҥар сыл ферма сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ, ол сылдьан сороҕор үлэһит суох буолан хааллаҕына дайааркалаан уонна ферма атын да үлэлэригэр эриллибитэ. Ол быыһыгар Комсомуол сорудаҕынан араас тэрийэр, бэрэбиэркэлиир үлэлэри толороро. Онтон 1938 сылтан наар дайааркалыыр буолбута, оччотооҕуга холхуоска биирдии киһи 12-15 ынаҕы ыыра. Маҥнайгы уол оҕото биир сааһын ааһан эрдэҕинэ бытыылкаҕа үүт кутан биэрэн баран, туос чабычахха, хотон кэлиргэтин баһыгар олордон баран ынахтарын ыыра.
1938 сылтан саҕалаан үүтү ыаһыҥҥа атыттартан үрдүк көрдөрүүлээх буолан уонна төрүөҕү тыыннаахтыы иитиигэ бастыҥ үлэтинэн, бастыҥ үлэһит аатын ситиспитэ уонна ударник чиэстээх аата иҥэриллибитэ. Оччолорго комсомолецтар үлэ холобурун көрдөрөр дьулуурдаах буоланнар, саҥа ньымалары киллэрэн үрдүк кирбиилэри ылыахтаатара. Онон ньиирэйи тыыннаах иитиигэ, төлөһүтүүгэ сыралаһан үлэлээбитэ. Бэйэтин холобурунан ньиирэйи көрүү-харайыы куһаҕаныттан, мөлтөхтүк үлэлээһин түмүгүттэн сүтүк тахсарын дакаастаабыта. Онон төрүөх өлүүтэ биллэрдик аҕыйаан, төрүөҕү тыыннаахтыы иитии 80%-тан ордук үрдээбитэ, сорох сылларга 100%-ҥа да тиийэ улааппыта. Холкуоска сүөһү ахсаана биллэрдик элбээбитэ.
Биллэрин курдук, 1941 сыл бэс ыйыттан ыла тыылга оҕо-дьахтар уонна кырдьаҕастар эрэ хаалбыттара, техника, массыына трактор холхуоска суоҕа. Тыа сирин дьоно сырдыгы-хараҥаны силбээн бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбиттэрэ. Варвара Григорьевна Аҕа Дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар хоһуун эр киһи үлэтин толорбутун дьон-сэргэ билиҥҥэ диэри ахтар. Варвара Григорьевна сайынын илии хотуурунан от охсоро, сороҕор отторун бэйэтэ кыдамалаан кэбиһэрэ. Ити курдук, аймаҕа Крылова Аграфена Дмитриевналыын сайынын хоһууннук оттууллара. Ол сылдьан Суотту биэрэгиттэн Бороҕоҥҥо уонна бэйэтин учаастагын маҕаһыыннарыгар бурдук, араас табаар тиэйэн аҕалара. Бэл уматыктаах буочукалары соҕотоҕун сыарҕаҕа тиэйэн аҕалара. Иккилии-үстүү оҕуһунан таһаҕас таһар киһи кыһыҥҥы кылгас күннэргэ аара иччитэх өтөхтөргө хонорго күһэллэрэ. Нуктуу түһэн , оҕустарын аһатан, сынньатан баран салгыы үнүөхтэтэрэ. Сорох сырыытыгар дьиэтигэр биэстээх, үһүн ааһан эрэр уолаттарын хардары-таары илдьэ сылдьара. Кыһынын, аймаҕа кыыстыын, үстүү оҕуһунан фермаҕа от тиэйэллэрэ, ол быыһыгар бэйэлэригэр уонна ыалларга уокка оттор мастарын кэрдэн тиэйэн биэрэллэрэ. Кэлин сэрии кэнниттэн холхуостары холботолоон бөдөнсүтүү ыытыллыбыта. Хоро нэһилиэгэр үс холхуостан бөдөҥсүйбүт «Маленков” холхуос тэриллибитэ. Онно Варвара идэтинэн эмиэ дайаарканан улэлээн сыл аайы бастыҥ дайаарка аатырара. Онтон кэлин “Партизан Егоров аатынан” колхоз диэн эмиэ бөдөҥсүйбүтүгэр син биир сүеһү үлэтигэр үргүлдьү улэлээн барбыта.
Кэлин ыччат сүөһүнү төлөһүтүү соруга турбута. Саҥа төрүөх тыыннаах ыйааһынын үрдэтиигэ Варвара Григорьевна 40-45 ньиирэйи туппута. Сайынын бөһүөлэктэн тэйиччи алааска, үчүгэй уулаах, оттоох, мэччирэҥнээх сиргэ Тиэрбэскэ көрөн-харайан туруорбута. Күһүн хаар түһүүтэ, кыстыкка киириигэ, аҕалан холкуоска туттарыытыгар бороон тыыннаах ыйааһына 200 киилэттэн ордугу үктүүллэрэ. Бастыҥнара 315-320 киилэ буолуталыыллара. Хас да сыл итинник үлэлээн 1962 сыллаахха Москваҕа ВДНХ союзнай быыстапкаҕа барар путевканан наҕараадаламмыта.
Сайын от ыйын саҥатыттан сүөһүтүн мэччирэҥҥэ илдьэрэ, уонна нэдиэлэ аайы тэлиэгэлээх оҕуһунан эбии аһылык тиэйэн аһатара, ол кэннэ атырдьах ыйын ортотуттан Тиэрбэскэ аҕалан көрөрө. Кэлин сааһыран уонна ыарытыйар буолан үлэтиттэн тохтоон барбыта. Ол да буоллар баай уопутун дьоҥҥо-сэргэҕэ, эдэр ыччакка тарҕата сатыыра. Саҥа төрөөбүт ньиирэйи 10 хонук иһинэн кулгааҕын төбөтүн быһаҕынан хайа анньан хаанныыр үгэстээҕэ, ол ис ыарыытыттан көмөлөөх диир буолара. Ньиирэй биир ыйыттан икки ыйыгар диэри сэбирдэхтээх, үчүгэй оту оргутан биир бытыылка уутун иһэрдэрэ уонна ити икки ый күүскэ аһаабыт ньиирэй доруобай, аһас буолар диирэ.
Варвара Григорьевна үлэлээбитин устатын тухары чиэскэ-хайҕалга сылдьыбыта, дьонугар-сэргэтигэр сүрдээх эйэҕэс, аламаҕай, аһыныгас сүрэхтээҕэ, сырдык, ыраас дууһалааҕа. Ийэбит наҕараадаларын харыстаан илдьэ сылдьабыт, онно «За доблестный труд в Великой Отечественной Войне 1941-1945 гг.» Сталин төбөлөөх мэтээлинэн , «Ийэ Албан аата» мэтээлинэн хас да тегүл, үрдүк таһаарыылаах үлэтин иһин ВДНХ-ҕа путевканан, оройуон, холхуос Бочуотунай грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта.
Варвара Григорьевна 9 оҕо ийэтэ этэ, оҕолоро улаатан, киһи буолалларыгар туох баар сыратын, күүһүн-күдэҕин биэрбитэ, ол гынан баран оҕолоругар иитиллибэккэ эрдэ барбыта, кини күн сириттэн 1971 сыл алтынньыга биһиги кэккэбититтэн туораабыта.
Кини олорон ааспыт олоҕун, үлэтин- хамнаһын тоҕус оҕото бары ыал буолан оҕо-уруу төрөтөн быр-бааччы олорон, 30-тан тахса сиэннэрэ, 70-тан тахса хос уонна 40-ча хос-хос сиэннэрэ үйэ саас тухары ытыктабылынан ахта-саныы сылдьыахтара.
Варвара Григорьевна ыччаттара.
2020 сыл, муус устар 30 күнэ.