Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Куприянов Николай Иннокентьевич

Мин аҕам Куприянов Николай Иннокентьевич Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Наахара нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Эдэр сааһыттан колхозка уонна кадровай булчутунан үлэлээбитэ.
1942 сыллаахха, бэс ыйын 11 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Аҕам маннык диэн кэпсиирэ: «Бэбиэскэни 60 киһи туппуппут, онтон 40-ча буолан сэриигэ барбыппыт. Дьокуускай куораттан «Пропагандист» диэн борохуотунан 23 күнү быһа айаннаан Усть-Кутка тиийбиппит. Үксэ сахалар этибит, Ангара өрүһүнэн Иркутскайга, онтон сороҕун сатыылаан Уралга кэлбиппит. Манна ый курдук суол оҥоруутугар үлэлээтибит. Онтон «Худая речка» диэн дэриэбинэҕэ военнай лааҕырга тиийэн тохсунньу ыйга диэри үөрэннибит. Ол кэннэ 4 хонук сатыы хааман биир дэриэбинэҕэ кэллибит, онно военнай чаастар кэлэн биһигини туттулар.
1943 с. Бэс ыйыгар фроҥҥа дьэ тиийдибит, 23 стрелковай дивизияҕа, 2-с Прибалтийскай фронҥа стрелогунан бардым. Немецтар Ленинграды эргийэ сыталлар, биһиги ол тас өттүнэн эргийэ сытабыт. Синньигэс үрэх баар этэ онно бородууктабыт кэлэн хаайтаран муоста оҥорбуппут, суол харабылыгар эмиэ турар этим. Үрэх уҥуор немецтар сыталлар, окуопаҕа сытан ытыалыыбыт, онно иккиэ буолан биир немец снайперын самнардыбыт, «За боевые заслуги» диэн орден биэртэрэ. Манна эчэйии ыламмыт госпитальга икки ый сыттыбыт, ол кэннэ икки күн сатыы айаннаан фронҥа төнүннүбүт. Тиийдэхпит сарсыныгар наступление буолла, үрэҕи туораан мээнэ барабыт, аттыбар мина үлтүркэйэ тустэ, самолет буомбалаата, санныбар, атахпар, окумалбар табылынным, тарбаҕым быыһыгар буулдьа кыбыллыбыт этэ. Госпитальга 7 ыйы быһа сытым, 1944с. Бэс ыйгар куоракка төннөн кэллим».
Аҕам ийэбинээн Прасковья Васильевналыын 1954 сыллаахха ыал буолан алта бииргэ төрөөбүппүт, элбэх сиэннээхтэр, хос сиэннээхтэр. Биһиги аҕабытынан, эһээбитинэн, кини хорсун быһыыларынан киэн туттабыт, кини аатын үйэтитиэхпит!

Наҕараадалара: «За победу над Германией», «20 лет Победы», «30 лет Победы», «За боевые заслуги», 50 лет ВС СССР, орден ВОВ 2-й степени, «За трудовую доблесть».

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.