А5а дойду Улуу сэриитин алдьархайа Саха сирин олохтоохторун, ыалларын барыларын таарыйбыта. Хас алаас, артыал, холхуос туйгун, хоодуот, улэьит, хоьуун уолаттара Ийэ дойдуларын саа-саадах тутан, хааннаах остоо5у утары сэриигэ аттаммыттара. Нам оройуонун уолаттара Саха сириттэн биир бастакынан барбыттара.
Бу хорсун-хоодуот алаас, сыьыы уолаттарын кэккэлэригэр биьиги а5абыт, эьээбит Москвитин Егор Афанасьевич баара. А5абыт, эьээбит Нам оройуонун Хама5атта нэьилиэгин Мунур диэн алааьыгар дьаданы бааьынай кэргэнигэр 1909 с.торообутэ.
Уоттаах сэрии кургуомнээн бара турар кэмигэр, 1942 с.саас, бэбиэскэ тутан сэриигэ барбыта. Челябинскай куоракка илдьэн а5ыйах хонукка уорэтэн, Москва аннынаа5ы кыргыьыыга ыыппыттар. Маннайгы сэриигэ кыттыытын маннык кэпсиирэ уьу: « Онно этэ: сир-халлаан оргуйан, титирэстээн олороро. Уот будул5ан ортотугар биирдэ баар буолбуппут. Миэхэ ручной пулемет туттарбыттара. Ол барахсаным остоохтор атаакалаан киириилэригэр суьарыылаах сэп этэ. Олуу сутуу алдьархайа. Пулемеппун, аптамаат саа курдук тутан баран, суурэ сылдьан аппа5а, дьаама5а туьэ-туьэ ытыалаьар этим. Остоо5у, элбэх сутуктээх да буолларбыт, тохтоппуппут».
Москва аннынаа5ы кыргыьыылар кэнниттэн ордубут саллааттары хомуйан, сана дивизиялары тэрийбиттэр.
Российскай Федерация байыаннай архыыбыгар бу курдук сурулла чахчылар бааллар: «Кылгас уорэх кэнниттэн Москвитин Егор Афанасьевич рядовой-минометчик быьыытынан 18-с артиллерийскай дивизия 42-с минометнай рота5а сулууспалаабыт. Ленинградскай фронт Ладога куол таьынаа5ы Искра диэн Ленинград куорат блокадатын то5о котуугэ кыттыбыт. 1943 с. тохсунньуга Красное Село уонна Гатчина куораттары босхолоспут. Ити кэнниттэн дивизиялара Карелия туьаайыытынан Кингисепп куораты босхолоспут. Ленинград-Новгород туьаайыытынан сылы быьа кырыктаах кыргыьыыларга олор-сутэр ортотунан сылдьыбыт.
1944 с.кулун тутар 25 кунуттэн муус устар 25 кунугэр дылы 532 минометнай полк 236 саллааты сутэрдэ, ол иьигэр 7 саллаат сура5а суох суттэ диэн сутуктээхтэр испииьэктэрэ диэн кумаа5ыга суруллубут. Олор кэккэлэригэр Москвитин Егор Афанасьевич сурулла сылдьар. Минометнай расчет бомба туьуутугэр анардара олбут, атыттара бааьыран сыттахтарына, ньиэмэстэр тутан ылан уурэн илдьэ барбыттар. Сарайга хаайбыттарын кыл-мулчу туун курээбиттэр. Хас да хонугунан бэйэлэрин дьоннорун булан салгыы сэриилэспиттэр. Выборг, Нарва, Таллин куораттары босхолоспут. Прибалтиканы босхолооьун кэнниттэн 18-с дивизия 2-с Белорусскай фронна бэриллибит. 1945 с.тохсунньутуттан Млавско-Эльбингскэй операция5а Насельск куораты босхолооьунна , Илинни-Померанскай операция5а Румельсберг, Кезлин, Штольп, Грудзендз, Нойштадт, Гдынь куораттары босхолоьон, Европа дойдуларын босхолуур кырыктаах кыргыьыыларга кыттан Берлин оборонатын урусхаллааьынна уонна Берлин куораты ылыыга сэриилэспит».
А5абыт сэрии туьунан улаханнык кэпсээбэтэ уьу. Нам улууьун, Хама5атта нэьилиэгин Ытык киьитигэр, тыыл уонна улэ ветерана Киргиэлэй Куокарапка маннык сэьэргээбитэ уьу: «Москва аннынаа5ы кыргыьыылар кэннилэриттэн ордубуттары хомуйан, уорэтэн Ленинградскай фронна ыыппыттара. Улаханнык бааьыраат эмтэнэн, Киров куораты комускуур сэриигэ кыттыбытым. Онно атахпар бааьыран эмтэнээт, бэйэм ротабар кэлэн, сэриилэьэ сылдьан, аны сунньубэр таптарбытым. Эмтэнээт, кордоьоммун бэйэм ротабар тоннубутум. Ити дьоммун кытта сэрии ортотунан Прибалтика Таллин куоратын уьуннук сэриилэьэн босхолообуппут. Бу кэнниттэн ньиэмэстэри утуруйдэр утуруйэн, Европа дойдуларынан кыайыыттан кыайыыга кынаттанан фашистар киин куораттарыгар Берлиннэ тиийбиппит. Онно биьиги аармыйабыт модун куустэммитин кэрэхсии корбуппут.
Катюшаларбыт уотунан уьааран кургуомнээх ытыылара ньиэмэстэри урун харахтарын оро кордорбот этэ. Берлини ылыы кырыктаах кыргыьыыларыгар олуу-сутуу алдьархайдаа5а. Сэрии уотун ортотунан ааспыт, биир иьиттэн аьаабыт, биир шинель анныгар сыппыт до5отторум ололлоро кыьыылаах, хараастыылаах да ба5айы этэ. Араас омук уолаттара бары бииргэ сарын-сарыммытыттан ойонсон Ийэ дойдубутун комускуу сырыттахпыт дии. Харса да суох, хорсун уолаттар этилэр. Кыайыы буолуо 3 хонук иннинэ уна атахпын тосту ыттаран сыттахпына, аны мас сууллан туьэн илиибин, ойо5осторбун тоьуппута. Ойбун сутэрэн сыттахпына, аны буулдьа уна хомур5аммын тосту котон тахсыбыт этэ. Тоьо ор сыппыппын билбэппин. Арааьа, онно олбутунэн аа5ан миигин «сура5а суох суттэ» диэн биллэрэ сылдьыбыттара быьыылаа5а. Ити ыарахан бааьырыы кэнниттэн госпитальга 11 ый устата сыппытым. Байыаннай быраастар барахсаттар учугэйдик корон-истэн, эмтээн-томтоон, утуордэн атахпар туруорбуттара».
Бу уьун, унньуктаах, сындал5аннаах сэриигэ хаста да бааьырар, хос-хос сэриигэ киирэн хорсуннук, дьоруойдуу сэриилэспитин кини элбэх бойобуой уордьана уонна мэтээллэрэ туоьулууллар. Ол курдук: «Кыьыл сулус» уордьан, «Хорсунун иьин», «Москва куорат кыргыьыыта», «Ленинград куорат комускэлэ», «Прибалтикнаы босхолооьун», «Белоруссияны босхолооьун», «Берлини ылыы» уо.д.а.
А5а дойду сэриитин хорсун, дьоруой саллаата, Дьогуор, икки баттыктаах, туоьугэр «Кыьыл сулус» уордьаннаах, 10 мэтээллээх торообут-уоскээбит Хама5аттатыгар 1946 с.саас тыыннаах эргиллэн кэлбитэ. Дьогуор элбэх мэтээллээ5ин иьин биир дойдулаахтара таптаан Мэтээллээх Дьогуор диэн аат инэрбиттэрэ.
А5абыт Дьогуор дьаданы кэргэнигэр торообут буолан, кыра эрдэ5иттэн тэтиэнэх, сытыы-хотуу уол туох да улэттэн ча5ыйбат, барытыгар харса суох ылсан иьэр буолан, улэни таптыы, оло5ун аргыьа оносто улааппыт.
Кини хайдах курдук бурдук быьыытыгар, хомууругар таьарыылаахтык улэлиирин, от охсорун, бугул туруорарын, куруо онорорун корбут дьон номох гынан билиннэ дылы кэпсээн оностоллор. Кини улэлиирин илэ хара5ынан корбут Киргиэлэй Куокарап кырдьа5ас маннык ахтан турар: «Бииргэ уоскээбит уолээннээхтэрэ Дьогуор олус улэьитин, киьи эрэ тэннэспэт туттуулаа5ын туьунан со5он-махтайан кэпсииллэрин истэр этим. Ол курдук, бурдук хомууругар, самоскид туьэрэн иьэр учурбаларын сонно тута баайа охсо-охсо сосулуомнаан иьэрэ. Аны бааьына бурдуга быстарыллан бутуутугэр, самоскидтаах киьи аттарын салайан бааьынаттан эргиллэн тахсарыгар, бааьына аанын аьан тоьуйан турар буолара диэн бииргэ улэлээбит до5отторо, кини итинник мэлдьи сыыдам туттунуулаа5ын со5он кэпсииллэрэ. Сайын от улэтигэр туттара-хаптара тургэнэ, сыыдама, олох сууруунэн сылдьан улэлиирэ. Икки атынан мустарыллыбыт оту утары бугуллаан, куннэ 300 бугулу туруорара, дьэ чахчы, хас да киьи улэтин биирдэ толорор, улэлиир дьиннээх саха Стаханова этэ.
1948-58 с.с. хотуурунан от охсуутугар иннигэр кими да туьэрбэтэ5э. Мэтээллээ5и баьыйар охсооччу Намна биэс уон сылтан бэттэх уоскээбэтэ5э. Дьогуор кун аайы лэбиргэччи 1.5 гектар сири окко омур5анна охсор эбит. Суолун кэтитэ балтараа саьаан (3 м.). Ылларыыта ортотунан балтараа уллунах (40см). Конотук туттан 11-х Буускап хотуурунан хайдах эрэ хааман эрэр курдук олох холкутук, кудуххайдык, олус киэнник тэлэн, ыраастык охсоро. Коруоххэ учугэй да этэ. Кун аайы косилка охсор сирин нэлэс гыннарара. Ол аата 3,5 га сири охсоро. Салбанна сылдьан Мэтээллээ5и корон сохпутум, киьи дэбигис ханан да чугаьаабат хоннохтоох охсооччута этэ. Биирдэ холхуоьум бэрэссэдээтэлэ Москвитин Николай Николаевич Орто Арыыга от охсо сылдьарбытын коро ыныыр атынан киирэн, Мэтээллээх кэнниттэн ат хаамыытынан батыьан испитэ. Онно Дьогуор барахсан охсубутун кубулуппакка бара турбута.
От охсоругар ырбаахытын устан сыгынньахтаммытыгар кордохпунэ, этэ-сиинэ толорута, быыппастыгас былчыннаа5а, харыта модьута сурдээ5э. Ити курдук Егор Афанасьевич Москвитин-Мэтээллээх киьиттэн ураты кулумэх-кулумэх туттуулаах, куруук сууруунэн сылдьан улэлиир, хаарыаннаах киьи олорон ааспыта» диэн ахтыытын тумуктуур.
А5абыт, эьээбит сэрии кэннинээ5и сылларга эйэлээх-дьоллоох оло5у уьансыыта, ор кэмнэ бары улэ5э таьаарыылаахтык улэлээбитин урдуктук сыаналаан Саха АССР Урдуку Сэбиэтин Президиумун бочуотунай грамотатынан иккитэ на5араадаламмыта.
Бугунну ыраас халлааннаах, дьоллоох олохпут кэлэрин туьугар сэриилэспит а5абытыгар, эьээбитигэр сиртэн халлаанна тиийэ сугуруйэбит уонна махтанабыт. Тыыннарын харыстаабакка, саа-саадах тутан уоттаах сэриигэ сылдьыбыт саллааттарга, аччыктыыры аахсыбакка, утуйары умнан туран, икки харананы ыпсаран туран улэлээбит, олох бары ыараханын корсубут тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии о5олоругар Кыайыы 75 сылын бэлиэтиир сырдык кунунэн итии истин эгэрдэбитин тириэрдэбит.
Егор Афанасьевич Москвитин-Мэтээллээх Дьогуор о5олоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ.