Попов Афанасий Иннокентьевич муус устар 20 күнүгэр 1920 сыллаахха 2-Сииттэ нэһилиэгэр Кэбээйи оройуонугар күн сирин көрбүтэ. О5о сааһа төрөөбүт түөлбэтигэр Өлүөнэ өрүс кытылыгар Кэнчээри учаастагар ааспыта.
А5а дойду сэриитэ са5аланарыгар 21 саастаах эбит. Сэриигэ иккис хомуурга от ыйыгар 1942 сыллаахха ыҥырыллан барбыт. 2-с Украинскай фроҥҥа 281 нүөмэрдээх биригээдэ5э түбэһэн пүлүмүөччүгүнэн сэриилэспит. Ол сэриилэһэ сылдьан Днепр өрүс хаҥас биэрэгэр кытаанах киирсии түмүгэр улаханнык бааһырбыт. Бэрт уһуннук госпиталга сытан эмтэнэр уонна хаҥас тыҥата 3 ойо5оһо суох буолан сэрииттэн босхолонон дойдутугар бала5ан ыйыгар 1944 сыллаахха эргийэн кэлбит.
Кэлээт да үлэ үөьүгэр түспүт, биригэдьиирдээбит, кыладыапсык да буолбут, сылгыһытынан да үлэлээбит.
Хойут бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран Намҥа олохсуйбут. О5олоругар сүбэ-ама буолан дьоллоохтук олорон элбэх сиэннэнэн, хос сиэннэнэн 83 сааһыгар суох буолбут.
Кини сэрии уотун этинэн-хаанынан билбит, кыайыыны чугаhатыспыт борустуой сэрии салдааттарыттан биирдэстэрэ буолар. Уhун үйэлэргэ өйдөбүл, махтал буоллун сэрии боростуой буойуннарыгар.
Попов Афанасий Иннокентьевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.