Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Софронов Петр Петрович

Биhиги а5абыт Софронов Петр Петрович 1912 с. Боотурускай улууhугар Хадаар нэhилиэгэр орто бааhынай дьиэ кэргэннэ тереебутэ. А5ата Софронов Петр Николаевич Хонду Хоту ертугэр Чакыр быыhыгар Софроновтар “Нэлэгэрдэрэ” диэн алааhын олохтоо5о. Ийэтэ Амма Окороковтар кыыстара Аана диэн. А5абыт туерт бииргэ тереебут уолаттартан иккистэрэ, биир балта Хобороос диэн этэ. Ийэлэрэ елбутун кэннэ дьиэ ис-тас улэтин быраатыныын Ньукулайдыын кербуттэр. Инньэ гынан уерэммэтэх, ол да буоллар хаhыаты, кинигэни сурдээ5ин аа5ар этэ.
А5абыт 1938 с. Чакырга “Молотов”аатынан холкуоска чилиэнинэн киирбит. Холхуоска хонуу улэhитинэн кыhынын Ааллаах Ууннэ таhа5ас таhыытыгар келенен улэлээн сылдьыбыт.
1942 с. бэс ыйыгар буолбут саамай улахан хомуурга тубэhэн армия5а барбыта. Сэриини суруннээн II Украинскай фронна кыттан сэриилэспитэ, 54-с стрелковай полка5а тубэhэн Курскай То5ой сэриитигэр кыттыбыта, Харьков, Киев куораттары босхолоспута. Днепр еруhу туораан Польшасиригэр-уотугар кэлбитэ. Сэрии хонуутугар сылдьан буомба эстиитигэр тубэhэн бааhырбыта. Тамбов куорат госпиталыгар эмтэммитэ. Иккистээн урукку чааhыгар 54-с стрелковай полка5а сылдьан сэриигэ киирсибитэ. Ол сылдьан 1944 с. от ыйыгар ыалдьан хаалбыта. Киев куорат 3707 №- дээх госпиталыгар эмтэнэн, ол сыл ахсынньыга балыыhаттан тахсыбыта. Бу сырыыга сэриилэhэр туругун сутэрбит саллааты дойдулатар эрэ буолбуттара. 1945 с. тохсунньуга дойдутугар кэлбитэ.
А5абыт сааhыран иhэн 1948 с. Хондуга олохтоох Иванов Гаврил – “Кулгаах” уолун кыра кыыhын ийэбитин Иннокентьева Александра Гаврильевнаны кэргэн ылбыта. Ийэбит эрдэ Амма Чакырыгар кэргэн тахсан, кэргэнэ сэриигэ сура5а суох сутэн кэлбэтэ5эр, дойдутугар икки о5отун батыhыннаран кэлбитэ. Ийэлээх а5абытын саахсалаабатахтара. “Ба5ар кэргэнэ теннен кэлиэ” диэн. Оннук саахсата суох олохторун олорбуттара.
Ийэлээх а5абыт 5 о5ону теретен, 7 о5ону иитэн керен-харайан атахтарыгар туруортаабыттара. Кинилэр олохторун сал5аан бэйэбит туhунан ыал -дьон буолан о5олонон-урууланан олробут.
1979 с. Степан Игнатьевичтаахха кийиит буолан киириэхпиттэн, а5абыт Степан Игнатьевичтыын иккиэн сэрии бэтэрээннэрэ буолан ссурдээ5ин тапсан, а5ыйах сыл да буоллар, уерэн-кетен кэпсэтэн-ипсэтэн алтыhан сылдьыбыттара. Тойонум а5ам кемус унуо5ун кетехсен куус-кеме буолбутугар махталым мунура суох.
1. Татьяна – 6 о5олоох, кэргэнэ Кузьмин Роман Тарасович Чакыр терут олохтоо5о.
2. Мария – о5олоох, кэргэнэ Трофимов Василий Гаврильевич Хайахсыттан теруттээх.
3. Николай – 2 о5олоох, кэргэнэ Саргыдаева Зинаида Егоровна а5ата Уор5аттан теруттээх.
4. Александра – 4 о5олоох, кэргэнэ Григорьев Никифор Степанович Хопто5о олохтоо5о.
5. Надежда – 2 о5олоох, кэргэнэ Аманатов Николай Николаевич Уус- Алдан Кэптэни.
6. Наталья – 2 о5олоох, кэргэнэ Копырин Александр Алексеевич Ус-Алдан Кэптэни.
7. Петр – 4 о5олоох, кэргэнэ Дьячковская Ульяна Гаврильевна Мында5аайы.
Ийэбит 1978 с. олунньуга, а5абыт 1982 с. олунньуга кун сириттэн барбыттара. Кинилэр олохторун о5олоро, 25 сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар, улэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.