Подразделение где служил, воспоминания и биография.
Иннокетий Афанасьевич Абыраахап Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэр 1924 сыллаахха төрөөбүт.
Эҥиэттэй Тойоку оскуолатын 1939 сыллаахха бүтэрбит. Ити нөҥүө дьылыгар ЯФАШ-ка киирэн бастакы курсу бүтэрэн баран, дьоно ыарыһахтааннар салгыы үөрэммэтэх. 1941-42 с.с. кыһын Быракаан нэһилиэгэр ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, онтон нолуок агенынан үлэлээбит. Өргүөт, Арбаҕастаах, Муоҕан ыалларын атынан кэрийэ сылдьан нолуоктарын хомуйар үһү.
1942 с. сайын, иккис ыҥырыкка түбэһэн, армияҕа барар бэбиэскэ кэлбит. Ити баран 1942 сылтан 1945 сылга диэри Забайкальскай байыаннай уокурукка 36-с армия 210 дивизиятын 649-с полкатыгар, онтон 829-с стрелковай полкаҕа көһөрүллэн сэриилэспит. Итиннэ кини Үөһээ Бүлүүттэн Дмитрий Спиридоновы, Константин Түүлээхэби, Егор Петрову кытта бииргэ сылдьыбыттар. Константин Терентьевич таайбын Иннокетий Афанасьевиһы барыга-бары дьоҕурун, сатабылын, билэр да, билбэт да саллааттарыныын сыһыана олус үчүгэйин, киһи быһыытынан үөрүнньэҥин, аламаҕайын, туохтан да иҥнэн-толлон турбатын ордук чорботон, хойукка диэри кэпсэл оҥостор, истиҥник ахтар-саныыр эбит.
1945 сыллаахха таайым тыыннаах эргиллэн кэлбит. Үөрүү үлүскэнэ онно буолбут.
Кэлээтин кытта дойдутугар колхозка ревизиялыыр комиссия председателинэн быыбардыы охсубуттар. Ити үлэлии сылдьар кэмигэр кыра колхозтары бөдөҥсүтүү бэлиитикэтэ ыытыллыбыт. Ол түмүгэр 1949 с. Тойокуга, баар «Кэскил киинэ» уонна Муоҕан учаастагар туспа үлэлии олорбут «Кыһыл Муоҕан» колхозтар холбоспуттар. Бөдөҥсүйбүт «Кэскил Киинэ» колхоз уопсай мунньаҕар холкуос председателинэн таайбын Абрахов Иннокентий Афанасьевиһы биир да куолас утарыыта суох быыбардаабыттар. Ити саас, холбоһууну бэлиэтээн, «Хайа үрдэ» диэн сиргэ 5,0 га иэннээх ойууру матыыканан солоон, бурдук ыһар саҥа бааһына оҥостубуттар. Дьэ, ити курдук холбоһуу, бөдөҥсүтүү үчүгэй өттүнэн сабыдыаллаан барбыт, дьон-сэргэ санаата көммүт, үлэ да күүһүрбүт, дохуот да үрдээбит. Колхоз тэрилтэ-хаһаайыстыба өттүнэн бөҕөргөөбүт, хаһаайыстыбаҕа үлэ саҥа салаалара үөскэтиллэн барбыт.
Архыып докумуонугар көстөрүнэн, “Кэскил киинэ” холкуос үлэтин үгүс салаатыгар үрдүк ситиһиилэрин иһин, 1950 сыллаахха «Отличник социалистического сельского хозйства» диэн бочуоттаах ааты таайбар Абрахов Иннокентий Афанасьевичка биэрбиттэр.
Ити курдук норуотун, дойдутун иннигэр ытык иэһин үтүө суобастаахтык толоро сылдьан, сэриигэ булбут сүрэҕин ыарыыта өрө туран, 1951 сыллаахха таптыыр уонна таптатар дьонуттан-сэргэтиттэн үйэ-саас арахсан, букатыннаахтык барбыт. Онон өлүөн биир сыл иннигэр Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна буолбут үөрүүтүн билээхтээтэҕэ. Олохтообут холкуоһа Эҥииэнтэйи санаан туран, өссө күүскэ турунан холкуос бары былаана толорулла турбут.
Абрахов Иннокентий Афанасьевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.