Дормидонтов Тихон Егорович, 1921 сыллаахха, муус устар 6 күнүгэр, Ньыла тубэтигэр, кэрэ айылҕалаах Боруллуолаах диэн сиргэ торообутэ.
1942 сыл бэс ыйыгар иккис хомуурга армияҕа ыҥырыллан барбыта.
Дормидонтов Тихон Егорович, Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр Ильмень күөлгэ кыргыһыыга кыттыбыта, хайыhардьыттар 21-с оhуобай чааска сылдьыбыта. Сэриилэhэ сылдьан, граната оскуолага туhэн эмсэ5элэнэр.
Бастаан утаа Ярославль куоракка илпиттэр. Куораты сотору-сотору кэлэн буомбалыылларын иһин Кемеровскай уобулас Прокопьевскай диэн куорат госпиталыгар сытыарбыттара.
Өр сытан эмтэнэн, үтүөрэн, Омскай куоракка Ц.В. – базаҕа 1946 сылга дылы араас үлэҕэ улэлээбитэ.
От ыйын ахсыс күнүгэр 1946 сыллаахха дойдутугар хас да бойобуой мэдээллэрдээх эргиллэн кэлбитэ.
“За победу над Германией” уонна 2 степеннээх А5а дойду Улуу сэриитин мэдээллэринэн на5араадаламмыта.
Дормидонтов Тихон Егорович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.