Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Егоров Митрофан Алексеевич

1918 сыллаахха Хаҥалас нэһилиэгэр Куйбышев колхоз Кучукаан үрэҕэр сэниэ, бааһынай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Кучукаантан Арыылаах оскуолатыгар кыһыннары хааман үөрэнэн 4 кылаас үөрэхтээх. Аҕа дойду бастакы хомууругар ыҥырыллан барбыта.
1941 сыл күһүн 700 киһи сэриигэ аттанан, Туруктаҕа дылы олус өр хаампыттара ким тугу санаан иһэрэ биллибэт араас санаа хабалатыгар ылларан иһэр ыал аҕалара, уолаттара, убайдара, бырааттара. Арай бу ыар чуумпуга хааман иһэр дьон санаатын көтөҕөөрү, Митрофан бастаан сөҥ соҕус куолаһынан аргыый оһуохай тылын этэн саҕалыыр. Иннигэр кэннигэр хааман иһэр биир үөлээннээхтэрэ оһуохай дуораанын истиһэн бары хатылаһан бараллар онтон өр ылан Митрофан сиһэ көнөн уһун бэйэтэ өссө уһаанулаатан дорҕоонноохтук куолаһа чөллөрүйэн дойдутун кэрэтин, дьонун сэргэтин хоһуйан, барыта этэҥэ буолуоҕун,эрэл кыыма баарын сахатын баай тылынан хоһуйан этэр. Онтон санаалара көтөҕүллэн Туруктаҕа дылы өр сатыы хааман тиийэр кыһалҕаларын умуннаран,тылын күүһүнэн санааларын өрө тардар, сүргэлэрин көтөҕөр күүстэригэр күүс эбэн тиийэллэр. Забайкальскай байыаннай уокурукка сулууспалаабыта. 1946 дойдутугар эргиллибитэ.
Бойобуой наҕараадалара: Аҕа дойду сэриитин 2 степэннээх ордена, «Японияны кыайы иһин» мэдээл,юбилейнай медаллар.
Сэрии кэнниттэн колхоз, совхоз производствотыгар ситиһиилээхтик пенсияҕа тахсыар дылы үлэлээбитэ. Кини сахаҕа уһун дьылыгыр уҥуохтаах,куудара баттахтаах, кыраһыабай, бэйэтин кыанар, күүстээх от охсооччу, уус-уран тыллаах, кэпсээннээх, элэккэй майгылаах 11 оҕо амарах аҕата,киэн туттуута.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.