645 сп, 202 сд, 4 УкрФ
Иванов Василий Дмитриевич – Чекелле Ньурба оройуонун уруккута II-с Хаҥалас нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ 1900 с са5аланыытыгар төрөөбүтэ. Ийэлэрэ 16-та оҕоломмутуттан 8-ра тыыннаах хаалбыттара, таайбыт 2-с оҕо буолан, аҕатыгар бастакы көмөлөһөөччү буолбута. Оскуола суох буолан үөрэммэтэҕэ, онон олох кыратыттан кыанар ыалга от оттоон, мас мастаан, от тиэйэн улааппыта. 1938 с бары колхозка киирбиттэрэ, сүөһүлэрин барытын биэрбиттэрэ. Ити сылларга умайар уот кураан буолбута, сут саҕаламмыта: от, бурдук дойду сиргэ кыайан үүммэтэҕэ. 4 сыл устата таайым Үөдэй, Хорула үрэҕин бастарын кэрийэн от оттоон, сылын ахсын саҥа хотон тутан, Мастааҕынан, Үгүлээтинэн колхоз сүөһүтүн иитиспитэ, биири да энчирэппэккэ кыстатан аҕалаллара. Ити сут содула ааһа да илигинэ, аны, сэрии саҕаламмыта. Дьон сэриигэ ыҥырыллыбыттара, тыылга хаалбыттар, суту кытта охсуһан аччыктыыры, тымныыны аахсыбакка күнүстэри- түүннэри үлэлээбиттэрэ. Таайым 1944 с сайыныгар армияҕа ыҥырыллыбыта, Иркутскайга тиийэн Мальта диэн байыаннай чааска үөрэнэн, атырдьах ыйыттан 386 стрелковай полк рядовойунан буолбута: Байкал таһыгар мас уһаарыытыгар, холкуоска хомуурга, кыһын аэродром хаарын ыраастааһыныгар үлэлээбиттэр. Онтон олунньу ыйга 1945с ар5аа боруоҥҥа 4 УкрФ 202 сд 645 сп сэриилэспитэ. Танкалары утары охсуһар ротаҕа ыарахан пушкаларга, ат көлөнөн снарядтары таһан (ездовойунан) аата- ахсаана биллибэт нэһилиэнньэлээх пууннары, куораттары босхолоспута. Сэриини Австрия киинигэр Венаҕа кыайыылаахтык түмүктэһэн, 1945с. балаҕан ыйыгар демоболизацияланан дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ. Сэриигэ сылдьыбытын туһунан улаханнык кэпсээччитэ суох, арай корреспонденнар кэлэн ахтыы ыллахтарына онно истээччибин. Онно иһиттэхпинэ наһаа элбэх дойдуларынан сылдьыбыт эбит: Украина, Польша, Румыния, Болгария, Чехословакия, Венгрия, Австрия курдук дойдуларга. Максим пулемету соһон, иитээччинэн сылдьыбытын истэр этим. Сэрииттэн кэлээт да колхоз, совхоз ыарахан үлэтигэр хара кырдьыар дылы үлэлээбитэ: от оттооһуна, тиэйээһинэ, күрүө тутааһына, хоруу хаһааһына уонна да атын үлэлэргэ. Кырдьыар дылы “Марха” совхозка кадровай булчутунан сылдьыбыта. Кини чиэһинэйдик, үтүө суобастаахтык үйэтин тухары үлэлээбитэ, сытыары- сымнаҕас майгылааҕа, биһигини олох мөхпөт, саҥарбат этэ. Хойукка диэри кустаан, туһаҕынан куобахтаан, туунан балыктаан сиэтэрэ. Сэрииттэн кэлэн баран, ыһыахтарга мас тардыһыытыгар кыттан, кимиэхэ да иннин биэрбэтэҕэ, элбэх мүһэннэн бириистэммитэ. Сэриигэ сылдьыбытын иһин: “За боевые заслуги”, “За победу над Германией”, “За доблестный труд” , “Орден Отечественной войны 11 ст” уонна да атын элбэх юбилейнай мэдээллэрдээх, бочуотунай грамоталардаах.
1959с Маарга дьиэ туттан, балтыларын кытта олорбута, кыаммат буолуохтарыгар дылы сүөһү- ас тутан олорбуттара. Кыра балтын оҕолорун- биһигини иитиспитэ.
1991с ыарахан ыарыыга ыалдьан, 92 сааһыгар күн сириттэн барбыта. Кыайыы 75 сылын көрсө, биһиги дьоммут Кыайыыны уһансыбыттара диэн киэн туттабыт.
Ахтыыны суруйда бииргэ төрөөбүт кыра балтын кыыһа Иванова Раиса Васильевна.
Иванов Василий Дмитриевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.