Трудовой фронт
Иванова Варвара Дмитриевна 1917 сыллаахха Үрэҥҥэ Ньурба оройуонун 2-с Хаҥалас нэhилиэгэр элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэриттэн кыралара. Кини 4 кылаастаах оскуолаҕа үөрэнэн 4 кылаас үөрэхтээх. 16 саастааҕыттан сайынын от үлэтигэр, кыhынын оҕуhунан, атынан от-мас тиэйэн, колхуос үлэтин үлэлээн улааппыта. Сэрии сылларыгар наар сүөһү көрүүтүгэр сылдьыбыта. Васильев Никифор Федотович (Куртуhах-Чоомуут Убайа) диэн киhилиин сэбиэтинэн сурукка киллэрэн Куртуhах убайа Васильев Федот Федотович (Доҕолонг Сөдүөт) кэлэн холботолоон барбыта. Оҕолоро суох. Кэргэнэ 1944 с. Сэриигэ ыҥырыллыбыта уонна 1945 с Хайлар куоракка көмүллүбүт. Ийэм 1944 сыллааха Үлэ фронугар Сангаарга таас чох хостооhунугар ыҥырыллан барбыта. Ньурба оройуонуттан 4 дьахтар ыҥырыллан барбыттара. Сайын вагон погрузкатыгар, кыhын таас чох сиидэлээhинигэр сылдьыбыттара. Сэрии бара турар буолан аччыктаабат эрэ үрдүнэн үлэлээн, үп-харчы да кэмчитинэн хамнастара да кыра этэ. Сэрии бүппүтүн кэннэ трудовой фронтан кэлэн баран колхозка сүөһү көрүүтүгэр, от оттооhунугар үлэлээбитинэн барбыта. Сут дьыл буолан от аанньа үүммэт этэ. Ол иhин оттоох ыраах сирдэргэ сүөһүлэрин үүрэн олохсуйан олорон (Үөдэйинэн, Үөһээ Бүлүү Күүлэтинэн) үлэлээбитэ. 60-с сылларга дьонун кытта Кыырыкаанынан Арыылаагынан субай сүөһү көрөллөрө, кэлин Марха слвхозка 10-ча сылга Ээдьээҥҥэ от оттоон, субай сүөһү көрүүтүгэр үлэлии сылдьыбыта. Марха совхозка үлэлии сылдьан пенсияга тахсыбыта. Убайын дьиэтигэр сыhыары дьиэ туттан ийэбинээн олорбуппут. Пенсията кыра буолан аҕыйах сыл оскуолаҕа үлэлии сылдьыбыта. Пенсияҕа да тахсан баран таах олорботоҕо: кэтэх хаhаайыстыбалаах буолан совхозка звеноҕа от оттооhунугар сылдьааччы. Кэтэххэ оттоотоҕуна 50% бырыhыанын совхозка туттарааччы.
Кини үйэтин тухары чиэhинэйдик кыайыылаахтык үлэлээбитэ сыаналанан: “За доблестный труд в Великой Отечественной Войне 1941-1945г.г.”; “30 лет Победы в Великой Отечественной Войне 1941-1945г.г.”; “40лет Победы в Великой Отечественной Войне 1941-1945г.г.” мэтээллэринэн, Бочуотунай грамоталарынан нагараадаламмыта. Уоллаах кыыс оголоммута, сиэн, хос сиэн, хос-хос сиэннэрдэммитэ. Ийэ, эбэ, хос эбээ буолар үөрүүтүн билэн 2002 сыллаахха күн сириттэн дойдутугар Маарга олорон барбыта.
Ахтыыны суруйда кыыhа Иванова Раиса Васильевна
Иванова Варвара Дмитриевна
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.